Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 8
КЭМСИММЭТ ЭБИППИН
ОглавлениеКэннибин хайыһа
анаара көрдөхпүнэ,
ахтан аһардахпына:
Сүрэхпин сылытар
ааспыт сылларым
арахпат ахтылҕаннара,
Күннэтэ күүркэйэ
күлүмэхтэнэ түбүгүрбүт
күүрээннэрим үгэннэрэ,
Сыраласпыт дьаныарым,
дьулуспут дьулуурум,
ситиспит ситиһиим.
Дууһабын угуттуур
таптаспыт кыргыттарым
табыллыбыт үгэннэрэ.
Санаабын саймаардар,
саккай сырыыларым
сатаммыт сахтара.
Түгэннэртэн түмүллэн,
үөрүүлэртэн өрүллэн,
санаалартан салҕанан,
Өйбөр-санаабар
өрөөн хаалбыттар
олоҕум өйдөбүллэрэ.
Кэннибин хайыһан
кэмсиммэт эбиппин,
кэлбит суолбуттан…
2004 с.