Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 13
САНАА БУОЛАРДААҔА
ОглавлениеЭтэр тыл – сүрдээх,
саҥарар саҥа —
куттаах,
Санаа – буолардаах,
буолбаттаах.
Санаам буолардааҕа
ханна саста?
Кэлэр кэмҥэ,
эбэтэр ааста?
Санаам буолардааҕа
ханна мунна?
Ааһар тапталга,
албын тумаҥҥа?
Санаам буолардааҕа
сандааран,
Сайар иэйиинэн
сыдьаайан
Сырдыгынан куппун
кууспута,
Сылаас уоһун
сүрэхпэр даҕайбыта…
Ол онтон ордук
көммүппүн
Отой өйдөөбөппүн
бүгүн.