Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 16
ЫТЫК ТОЙГО – ЫҺЫАХХА
ОглавлениеАйгыр-силик айылҕам
Айгыста тупсан турдаҕына,
Күөх унаар халлааҥҥа
Күн үрдүккэ күллэҕинэ,
Кутум-сүрүм уоскуйар,
Сүрэҕим-быарым манньыйар.
Сахам сирин сайына
Самааннык сайар кэмигэр
Ытык Тойго – Ыһыахха
Ыксалаһар Айыыларбар
Ыра санаам тиллэр,
Ыра баҕам туолар,
Санньыйбыт санаабар
Сахам тыына сүрэхпэр илэ тиллэр.