Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 23
НЬУРГУҺУН
ОглавлениеНьуур, кырдал сибэккитэ,
Сайын сэмэй сибикитэ,
Ньуолаҕайдаах сир симэҕэ
Нуктуу ньуккуйа нуурайан
Үөрүүнү кууһа үүммүтэ
Көрүөхтэн күндүтэй!
Ньуку-ньуку ньургуһун,
Ньургу-ньургун ньургуһун,
Сирим симэҕэ чэчиктэй,
Тоҕо бэрдэй, кэрэтэй!
Муус кунустан тирэнэн,
Тоҥ кырыһы тобулан,
Хаар быыһа харалдьыкка
Хайа анньан тахсыбыта.
Үөрүүнү кууһа үүммүтэ
Көрүөхтэн күндүтэй!
Ньуку-ньуку ньургуһун,
Ньургу-ньургун ньургуһун,
Сирим симэҕэ чэчиктэй,
Тоҕо бэрдэй, кэрэтэй!
Кэрэ кэхтибэт кэрэһитэ,
Тоҥтон толлубат туоһута,
Тыллар, үөскүүр күүһүн
Тыыннаах илэ көстүүтэ
Үөрүүнү кууһа үүммүтэ
Көрүөхтэн күндүтэй!
Ньуку-ньуку ньургуһун,
Ньургу-ньургун ньургуһун
Сирим симэҕэ чэчиктэй,
Тоҕо бэрдэй кэрэтэй!
2004 с.