Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 31

САҺАҔА ТЫЛЛАР

Оглавление

Сүрэхтэри уматар

саһаҕа тыллар

Сүрбэр-куппар

илбиһирэ иитиллэн,

Өспөт өйдөбүл

өйгө-санааҕа ытыллан,

Эстибитим дии

эрдэлээн,

Сатархай санаалаах салгыҥҥа

Саха туһа саргылаах санаанан!

Кэлэр кэм

кэрэһитэ буолан,

Тутах дьылҕа

тулаайаҕынан туолан,

Ыппыт санааларым,

ыанньыйбыт баҕарыыларым

Ыаҕастара тэстэннэр,

ыһыллыбыттара ыраахха.

Сахалыы саҥаттан

самаан санаалар

Сатанан тахсыбыттара,

эрдээх этии буолан

Сахалыы толкуй

сардаҥата сандаарбыта.

Саҥалыы сахалыы

саҕах саҕыллыбыта

Саҥаттан сахаҕа.


Иэйик хоһуйа

Подняться наверх