Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 26
ТЫЛЫМ – ТЫЫНЫМ
ОглавлениеИйэ тылым барахсан
иһиллэриҥ иһирэҕиэн,
Омугум уратылаах дьиҥин
этэриҥ этигэниэн.
Саха тылын мааныта
саҥарылларыҥ сайаҕаһыан.
Санаа, ыра илэтийэ
саймаарылларыҥ аһаҕаһыан.
Тылбын туохха мэнэйдэһэ
тупсан туруохпун билбэппин,
Ийэттэн-аҕаттан аккаастана
киһитийиэхпин санаабаппын.
Омук тылыгар уккуллан
ордон тахсыахпын сэрэйбэппин,
Баһылыыр баламакка суураллан
баар буолуохпун итэҕэйбэппин.
Үтүктээйинэн үлүһүйэн аны
үүнүөм, тиллиэм диэбэппин,
Үөрүүм, хомолтом даҕаны
үтүктүү буолуон үөйбэппин.
Төрөөбүт тылым миэнэ – тыыным,
тылла туруон саныыбын.
Тыалы кытта көппөккө,
тыыннаах сылдьыан баҕарабын!
Эн дириҥ долоҕойгор —
аан дойду анаарыыта!
Өлбөт сүбэ өйдөбүлгэр —
өй-санаа быһаарыыта!
2004 с.