Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 30

ДОБУН ДОЛОҔОЙ

Оглавление

Долоҕойо суох – өйдөбүлэ суох,

Өйдөбүлэ суох – ааспыта суох.

Ааспыта суох – кэлэрэ суох!

Кэм-кэрдии дьайаанын кэрэһитэ буолан,

Өйдөбүл – долоҕойго суруллар.

Хаан хантана, киин кимтэнэ этиллэр!

Долоҕойго тохтоппот буолуу – ыарыы.

Долоҕойо суох омук омук буолбат,

Кэлэр кэмэ уруккунан туолбат!

Уруккута, устуоруйата суох – омук суох.

Үгэһэ, олоҥхото, номоҕо, кэм суруга,

Омук быһыытынан бүгүҥҥү туруга!

Кэм-кэрдии кэрэһитэ буолбуттар

Долоҕойго олохсуйаллар.

Өйдөбүлгэ өрөөн – өрүү өйдөнөллөр!

Өлөн да баран, өлбөт сүбэлэрин булаллар.

Тыыннаахтар долоҕойдоругар,

Бу бүгүн, сүбэлии олороллор!

Хаан дьоното – долоҕойго!

Добун Долоҕой – Кэм Ытык Сүбэтэ!

Кэм-кэрдии бүппэт Сүмэтэ!

Олох салҕанар – долоҕойго,

Саҥа саҕыллар – долоҕойтон!

Долоҕой – хааҥҥа!

Ис Дьиҥ Кырдьык – хааҥҥа!


2005 с.

Иэйик хоһуйа

Подняться наверх