Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 25
ДОРҔООН
ОглавлениеДорҕоон – айар-таҥар илдьитэ,
Дорҕоон – добун үйэ сирдьитэ!
Дорҕоон – куйаар долоҕойун оҕото,
Дорҕоон – кэм-кэрдии сороҕо!
Дорҕоонтон төрөөбүтэ тыл,
Тылланан тыллыбыта киһи.
Тылтан таҥыллыбыта ырыа,
Ылыыр буолан киһи – киһилии!
Дорҕоон домун үөрэҕин
Долоҕой түгэҕиттэн булаҕын.
Долоҕой аһыллар үөрүйэҕэр
Домноох суолу батыһаҕын.
Тыыннаах дорҕоону туппуттар
Тырымныы сыдьаайа умайаллар,
Хоһоон ырыа, доҕуһуол буоланнар
Айар кут төрүүр дьолун билэллэр.
Уус куттаах урааҥхай уйулҕата
Уйар уран дорҕоон умайыгын.
Саталаах тыл сатарыыр сатабыла
Сах сахаҕа булар анабылын.
Дорҕоон – айар-таҥар илдьитэ,
Дорҕоон – добун үйэ сирдьитэ!
Дорҕоон – куйаар долоҕойун оҕото
Дорҕоон – кэм-кэрдии сороҕо!
2004 с.