Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 28

ҮӨР КҮН СЫРДЫГЫТТАН

Оглавление

Сарсыарда эрдэ туран

Илин диэки көрөбүн,

Үүммүт күммүн тургуутуу,

Күн сырдыгын уруйдуу,

Үөрэбин күн сырдыгыттан,

Бүгүн этэҥҥэ сылдьарбыттан,

Кэрэни кэрэхсиир

Киһилии буолбуппуттан.

Өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө,

Өрдөөҕүттэн аттыгар баарыҥ

Бэйэҥ сорҕото буолбутун

Бүгүн кэлэн билэҕин.

Үөр күн сырдыгыттан,

Бүгүн этэҥҥэ сылдьаргыттан,

Кэрэни кэрэхсиир

Киһилии буолбуккуттан.

Аттыгар тулалыыр эйгэҥ

Тулаайах сыппат, тутахсыппат,

Эйигин атыҥырыы көрбөт,

Ол аата эн бэйэҥ миэстэҕэр.

Үөр күн сырдыгыттан,

Бүгүн этэҥҥэ сылдьаргыттан,

Кэрэни кэрэхсиир

Киһилии буолбуккуттан.

Аахайбатах даҕаны түгэҥҥин

Аттара санаан көрөҥҥүн,

Күндүргэтэр көстүүнү булан

Сүрэххэр үөрүүтэ ииттин.

Үөр күн сырдыгыттан,

Бүгүн этэҥҥэ сылдьаргыттан,

Кэрэни кэрэхсиир

Киһилии буолбуккуттан.

Кыра диэн кыһамматаххыттан

Кыһалҕатын, туһатын арааран

Кыһамньыгын, дьаныаргын уур,

Онно эбилиннин дьоҕур, тулуур.

Үөр күн сырдыгыттан,

Бүгүн этэҥҥэ сылдьаргыттан,

Кэрэни кэрэхсиир

Киһилии буолбуккуттан.


2004 с.

Иэйик хоһуйа

Подняться наверх