Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 9

ЫТЫК ДОРҔООН

Оглавление

Һуот-татай оҕолоор!

Түүн үөһэ.

    Сай.

              Ытык Сахсары…

Алаас-сыһыы арылы күөлэ

Аҥаатта айгыстан

Үрүҥ тумарыгынан

үлүгүнэйбит…

Саха сирин Аар айылҕата

Ахталыйа айгыстан

Нухарыйар нуһараҥ

Нууралыгар абылаппыт.

Бэл, саха балаҕана

Сири кытта силбэһэн

Иһирдьэ тимирэ иһиллии

иһийбит.

Ок-сиэ ньии, оҕолоор!

Ити утуйан унаара сытар

уу куттаах урааҥхайтан

Саймаархай салгын кута

арахсан,

Тыйыс дьылҕатын

Тымыр быатын батан

Сах үйэтин диэки

Сайа көтө турда…

Көрөллөр ини, көрбөттөөр?..

Бээрээ, һуо-аай,

Ити ханна тиийэрдии барда?

Ити тугу көрдүү көттө?!

Һуо-аай!

Көр да маны,

Көрдөрбүтүнэн көттө дии.

Дьэ бэйи, маҥай аллаах!

Төннөр суолуҥ төлкөтүн көрүөхпүт,

Кэлэр суолуҥ кэпсэлин кэтиэхпит…


* * *

Дьэ дуо, доҕоттоор!

Үһүккэ сүһүллэн

Үйэлэри үтэһэлээн

Уос номоҕо буола

Уһаарыллан кэлбит

Өһүк өбүгэ өһүнэн эттэххэ,

Саталаах үйэ дарбаанынан

Саатыыр сахтар саҕана,

Сах саха барахсан

Дорҕоон үөрэҕин баһылаан

Добун үйэлэр уорҕаларын

Домноон сылдьыбыттааҕа үһү…

Ээ-ээ, ити күтүр,

Ол диэки хайыста ээ,

бадаҕа…


* * *

Аар-Дьаалы! Аар-Татай!

Улаан ньуурдаах

Уу дьулайынан

охсуллан киирэн

Этиттэрээри тэриннэҕэ

эминэ тугуй?!


* * *

Кэлэр сири кэтэппит

Кэриим киэһэ ааһан,

Барар сири хаайар

Балай хараҥа түүн барыйан,

Баламат түүлгэ баттатан

Уута уйгуурдан

уһукта биэрдэ,

саха…

Баһыгар баппакка

бардамнык балыйсыбыт,

Хоонньуга уктар

хотун ойох оннугар

Хонук аайы хонсубут,

Хомолтолоох,

хойуу туман санаалара

Таһырдьа ыҥырдылар,

– тур, таҕыс! – диэтилэр…


* * *

Утуйар уутуттан уоскулаҥы

булбатах

урааҥхай саха

Күн күөрэйиэн иннинэ эрдэлээн,

Үөйбэтэҕин,

ахтыбатаҕын билгэлээн,

Ыччыгый ыырдаах

ынах ыллыгын батыһан,

Санныгар ууруммут

Саппаҕырбыт санаалаах

саллаҕар баһын

Санаатын дьайҕардар

Сахсары эбэтигэр салайда.

Хаамтаҕын аайы хаана сырдаан,

Үктээтэҕин аайы өйө дьэҥкэрэн

Тииһигирбит сиригэр

тиийэн кэллэ.


* * *

Субу манна:

Киэмсик кыыстыы кэмчиэрийэн,

Кэрэ симэхтэрин кумуччу туттан,

Айыы таптал уоттаах харахтарбын

Ааһар былыт албыннара

анаарыахтара диэбиттии,

Сир диэки симириктии көрбүт

сибэккилээх сииги кэстэ…

Ол онно:

Тэтэркэй уоһун

тэбэнэттээх мичээрин

Тэҥил дойду тиэхэлээхтэрэ

тэһэ убуруохтара диэн

тэйэ туттан,

Умсугутар уохтаах

уран таһаатын көрдөрүмээри

умса хоҥкуйан,

Иэйиинэн илбийэр

имэҥ кыымнаах иэдэспин

имэрийиэхтэрэ диэн

                    иһирдьэ кистии туттан,

Нусхайа нухарыйбыт

нуурал чэчиктээх

Кырдал устун кырыйа хаамта…


* * *

Эрэй бөҕөнү

эҥээринэн тыырбыт,

Муҥ бөҕөнү

муннунан соспут,

Тойук тоҕотун сураһан

Тоҕой аайы тохтообут,

Алгыс хайдаҕын анаара

Алаас аайы аараабыт,

Тэтим кистэлин билээри

Тэргэн аартыктары тэлбит,

Айылҕа доҕуһуолугар

абылаппыт,

Тыл хомуһунугар

тыыттарбыт,

Сүгүн утуйарын умна

Сүрэ-кута сүлүһүрбүт,

Сатамматах сахабыт аата

Дорҕоон уол диэн этэ.


* * *

Алаата оҕолоор!!!

Һуой-даа!

Оол-ол, буор булгунньах –

Дорҕоон уол курдук,

Саха байаанын

                  саппаҕырбыт санаатын

Санныгар сүгэн

                  санньыйа быһыытыйбыт дии…

Оо, турууй даа,

Саха омук

                  санньыардаах туман санаатын

сыҕайа ыһан,

Буор Булгунньах!!!


* * *

Уо-аа, аа,

оччоҕо доҕоттоор!

Тулхадыйбат тускубут

туһа диэн,

Самныбат саргыбыт

салаллыа диэн,

Сата буурай санаалаах

сахалар – биһиги!

Туойбутунан туран кэлиэ этибит,

Ыллаабытынан ыстанан барыа этибит!

Оннук дуо, үс куттаах

үтүө-мааны сахалаар?!


* * *

Истэҕиэт?! Истибэккиэт?!

Утуйдаххыт уһунуон!!!

Уһуктуҥ даа!!! Уһуктуҥ!!!

Күн күөрэйэрин

күргүөмүнэн көрсүбэтэххитинэ

күнүскүгүт күлүгүрүө,

Саҥа таһааран

саргыгытын түстээбэтэххитинэ

сарсыҥҥыгыт саарбахтаныа.

Уһуктуҥ даа,

уран хааннаах урааҥхайдаар!

Салыйбатах куттаах сахалаар!!!


* * *

Чэйии, Чэйиэҥ!

Чээ-рэ, Чэй! Чэ-Чэ!!!

Үүт-таас олбохтоох

Үрүн Аар тойоҥҥо

Үҥэ-сүктэ, үҥсэ,

Үстэ төхтүрүйэ үстэ

Табыкта охсуоҕуҥ!!!


* * *

Оччоҕо мин,

Ыытар ыра баҕаҕыт,

ырыаҕыт,

ытабылгыт,

ынчыккыт

Ытык Дорҕооно буоламмын,

эһиги сүргүтүнэн туоламмын,

Хара аан хараҕатын туураммын,

Аҕыс иилээх-саҕалаах

Аан ийэ дойдуну аймаһытыам!

Тоҕус хаттыгастаах

толомон маҥан халлаан

толуу суолун тобулуом!


* * *

Мин – Ытык Саха Уолабын!

Мин – Ырыа Дорҕоон буолабын!

Мин харааммар киирэн,

хааммар иҥэн, —

Дьиҥи, Чахчыны булуом!

Кырдьыгы туойуом!

Толбонноох өй

торумун тобулуом!

Дириҥ долоҕой

ирдэбилин толоруом!

Тыал көтүппүт

тыймыыт да үөстээх

                    тымныы тыллары ириэриэм!

Андаҕар, Аман өс,

Айхал-Уруй, Алгыс,

Ааттал, Албан аат

                алыптаах тылларын

тэһиинниэм!

Өспөт өрөгөй ырыатын,

Өһүк өбүгэ өһүн хоһоонун,

Саргы-Дьаалы саҥатын,

Сатабылын табыам!


* * *

Кэми-кэрдиини курдарар,

Кэнэҕэс кэскил кэпсээнин,

Сир ийэ тыынар

Сиэдэрэй сэһэнин силигин

Ситэн-хотон ситэриэм!

Чыҥыс Хаан

утары этиппэт ыйааҕын дуораанын,

Одун Хаан

уталыйбат оҥоһуутун уораанын,

Дьылҕа Хаан

дьаһаҕын дьайаанын,

Билгэ Хаан

үөйүллүбэтэх үөтүүтүн,

Таҥха Хаан

таайыллыбатах таайбараҥын –

Мин эрэ үүннүөм!

Мин эрэ тэһиинниэм!


* * *

Мин сүллэр этиинии сүөрүөм,

Аан чаҕылҕанныы дапсыйыам!

Мин симэх-чэчик,

сэбирдэх-мутукча

сиккиэринэн илгийиэм!

Мин сиик-таммах,

Уу-сүүрүк сипсиэринэн

имэрийиэм!

Мин саха сүрэҕин

тэтимин олоҕу кытта

дьүөрэлиэм!

Мин Айыы Дорҕоонун аҕалан

аймах-билэ дьоммун,

төрөөбүт ийэ дойдубун

арчылыам!


* * *

Табыкта охсуҥ! Табыкта охсуҥ!!!

Табыкта охсуҥ!!!

Мин Ытык Саха Уолабын!!!

Мин Ытык Дорҕоон буолабын!!!


Ахсынньы, 1995 с.

Иэйик хоһуйа

Подняться наверх