Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 14
ТҮГЭНИ АЙБЫККА
ОглавлениеКүннэр түбүктэрэ,
күүрээннэрэ
күл буолаллар.
Күннэр үөрүүлэрэ күлүм-чаҕыл түгэҥҥэ
хаалаллар,
Түгэни айбыкка, үөрүүнү төрөппүккэ —
олох түмүгэ тиллэр.
Мин тыыным
сүтүө суоҕа.
Мин бүппэт тыыным
күөх уот буолан
күөдьүйэ
көдьүүстүү туруоҕа.