Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 19

КӨТҮҮ

Оглавление

Олорбут олохпун көрөммүөн,

Оломун-омоонун буламмыан,

Омуна суох бэйэм сөҕөммүн,

Оо, өйдөөтөҕүөм…

Түүлбэр көттүм, илэ көттүм…

Ыра санаабар эмиэ көттүм,

Көтөр аакка элбэҕи көтүттүм.

Оо, көтүттүөм…

Сиргэ түһэн, сииктээх оту кэһэн

Санаам буолардааҕынаан

Сайар иэйии сарсыардатыгар

Оо, хаамтарбыан…

Сэргэстэһэ сэлэһэр сэгэрбин,

Сиэттиһэр сэмэй доҕорбуон,

Аттыбар, абылыыр аналбын

Оо, көрдөрбүөн…

Уйуктаах санаанан уйа туттан

Эрэл санаанан эркин охсоммуон,

Өйүм-санаам өһүөтүн уураммын

Оо, олордорбуон…

Итэҕэһи ситэри толорунан

Итэҕэли сүрэххэ иҥэринэн

Иэйэр куттуун иллэһэммин

Оо, сырыттарбыан, этэҥҥэ…


Иэйик хоһуйа

Подняться наверх