Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 2

МИН САХАБЫН

Оглавление

Арҕаһыттан тэһииннээх

Айыы хаан аймаҕа – мин!

Көхсүттэн тэһииннээх

Күн улууһун оҕото – мин!

Үс куттаах үтүө-мааны һаха – мин!

Мин һахабын —

аймах-билэ дьоммунан!

Мин һахабын —

төрөөбүт Ийэ дойдубунан!

Мин һахабын —

һаха дэнэр омук баарынан,

кини тылынан-өһүнэн!

Мин дьиҥим,

мин чиҥим – хааммар!

Мин бэйэм дьиҥмин,

мин бэйэм чиҥмин!

Мин ааспытым,

мин кэлэрим – хааммар!

Мин бэйэм кэммин,

мин бэйэм кэрдиибин!

Мин кэрэм,

мин дьиктим – хааммар!

Мин бэйэм дьиктибин,

мин бэйэм кэрэбин!

Мин һахабын —

өбүгэм үгэһинэн,

                  кини эрэлинэн, итэҕэлинэн!

Мин һахабын —

омугум көҥүлүнэн,

                  өлөрү кыайбыт өркөн өйүнэн!

Арҕаһыттан тэһииннээх

Айыы хаан аймаҕа – мин!

Көхсүттэн тэһииннээх

Күн улууһун оҕото – мин!

Үс куттаах

Үтүө-мааны һаха – мин!


Иэйик хоһуйа

Подняться наверх