Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 5
КЫРДЬЫК УОННА СЫМЫЙА
ОглавлениеКырдьык —
күн утаҕын курдук —
сырдык!
Кини кыайдаҕына
үөрүүбүттэн ытыыбын.
Кырдьык —
харах уутун курдук —
аһыы…
Тулабар албын —
мин күнүм киириитэ
Туос сымыйа —
күнүһүн түүнүм кэлиитэ.
Онтон хомойон
ытыыбын,
Хараҕым уута эмиэ
аһыы…
Сымыйа —
күн сырдык сыралҕаныгар
умайбатын,
ууллубатын сөҕөбүн!
Күнүс уонна түүн,
кырдьык уонна сымыйа
Эмиэ да дьэҥкэ,
эмиэ да мунаах…
Биһиги күнү, түүнү
эндэппэккэ араарабыт,
Оттон кырдьыгы-сымыйаны
бутуйабыт.
Ол да иһин
бэйэлээх бэйэбит
олохпутугар мунабыт.
Дьэ уонна кимиэхэ
сирдьит буолуоҥуй,
суолдьут аатырыаҥый,
Бэйэҥ
харааччы мунан бараҥҥын,
Кырдьык диэн
туос сымыйаны
тутан тураҥҥын!
Эн түүнүҥ үөһүгэр,
сымыйа кыайар үгэнигэр,
Сүрэххин өҥөйөн
көрбүтүҥ дуо?
Тойон сүрэххэр
кырдьык тымтыга,
Сымыйа түүнүгэр
кыламныыра буолаарай?
Кыламныыр кыым
кырдьыгыҥ тымтыга
Хотуулаах айаныҥ
суолун ыйаарай?
2003 с.