Читать книгу Соргу көтөҕүүтэ - - Страница 16
Төрөөбүт ыырдарым
Ийэм барахсан
ОглавлениеОҕолорун түһэҕэр таралытан,
Этэрик түөһүн эмнэрэн,
Атаахтаппыт, абыраабыт,
Атахпытыгар туруортаабыт
Күндү ийэм барахсан.
Сут-кураан, сэрии сылларыгар
Хотонтон, ходуһаттан тахсыбатах,
Түүннэри-күннэри түбүгүрэр
Туһугар хорсун быһыы эбит.
Холкуос биэрбит былаанын
Кэмин аһара толорбут,
Куйааска күлүгү булбатах,
Тымныыга сылааһы билбэтэх,
Тото-хана аһаабатах,
Сымнаҕастык утуйбатах,
Үлэттэн атыны көрбөтөх,
Далбарга, мааныга кыттыспатах,
От-мас тиэйэн тырыттыбыт
Эргэ сонун эҥээригэр,
Кэпсээн оҥостон кырдьыаҕын
Мэтээлэ суоҕа түөһүгэр.
Итии-тымныы диэбэккэ,
Иннитинэн сылдьыбыт,
Кэннитинэн кэхтибэтэх
Күндү ийэм барахсан.
Тохпут көмүс көлөһүнүн
Кэриэстээммин кэпсиэхпин,
Өйдөбүнньүк туруоруохпун
Субу-субу ахтабын,
Санаан үөһэ тыынабын.