Читать книгу Соргу көтөҕүүтэ - - Страница 20
Төрөөбүт ыырдарым
Хаҥаластар
ОглавлениеХалыҥ аймах хаҥаластар
Ханыылаһан олорбуттар.
Кыайтарбатах боотураттар
Сэлэлии охтубуттар.
Кимэ биллибэт ааттара
Кэнтиккэ былдьаммыттар.
Тоһуттубут уҥуохтара
Томтордору толорбуттар.
Онтон үүммүт титириктэр
Баараҕай тииттэр буолбуттар.
Сорохторо – муҥурааттар
Сууллубаттыы турбуттар.
Хаҥыл аймах хаҥаластар
Ханыылаһан кэлбиттэр.
Дуоҕалардаах кылыстар
Киэҥ аартыгы тэлбиттэр.
«Уруу – ырааҕа, уу – чугаһа»
Ити кэмтэн этиллибит.
Баай күөл тула Хаҥ ууһа
Тарханаата тэриллибит.
Күүстээх албан ааттара
Кэнтик ахсын хаалбыттар.
Кинилэртэн эллэнэннэр
Хаҥаластар хаҥаабыттар.