Читать книгу Соргу көтөҕүүтэ - - Страница 18

Төрөөбүт ыырдарым
«Хаҥаластыын кыттыһан…»

Оглавление

Хаҥаластыын кыттыһан

Халыҥ аймах үөскээбит.

Бордоҥ, Малдьаҕар холбоһон

Мэҥэ илгэ сирдээбит.

Таатталарга Өксөкүлээх,

Ойуунускай, Алампа.

Дүпсүннэргэ Күлүмнүүр,

Намҥа Махсыым уонна Ылдьаа.

Куорунайга Уоһукап,

Сэмэн, Соппуруон Дайыылап.

Анаабырдар, аммалар

Хаҥаластан хаҥыыллар.

Олоохуна, Аллан буоллун

Түҥ үйэттэн аймахтыылар.

Бүлүү, Сунтаар, Халыма,

Ньурба, Дьааҥы, Кэбээйи,

Хаһан баҕар, умнума,

Хантан хааннаах бэйэҕин.

«Дойду дьонун» тарҕаппыт

Дархан Тойон Дойдуһа.

«Тойон ууһун» ирдээн муспут

Уола «Мунньан» ааттаммыт.

Уҥа хайыс, хаҥас хайыс

Барылара биир Хаҥалас.

Уокка да киир, ууга да түс,

Халыҥ аймах Хаҥалас.


Соргу көтөҕүүтэ

Подняться наверх