Читать книгу Эн онно хайаан да тиий - - Страница 13
БИҺИГИ НЬУРГУҺУММУТ
ТУРУЙАЛАР ААҺАЛЛАР
ОглавлениеСотору хаар ууллуо, чалбахтар үөскүөхтэрэ, тырытыалар сүүрүөхтэрэ. Тамара биһиги сааскы халлааны таптыы, умсугуйа көрө турабыт. «Көтөр кынаттаах киһи» былыр уос номоҕо буолара, билигин ол хайдах эрэ, оччо уратыланан иһиллибэт. Биһиги аргыстарбыт, Сир космическай аргыстара, сири эргийэ көппүттэрэ ыраатта. Оннооҕор кинилэри халлаан түүн илэ хараххынан көрүөххүн сөп. Өтөр киһи көтүө. Биһиги итинник санаалаах, ону кэпсэтэ-кэпсэтэ Сайсары күөл биэрэгин кэрийэ хаамсан иһэбит. Күн үрдэ сырдык даҕаны. Киһи көҥүл, эдэр, чэгиэн. Мин Тамара уһун синньигэс тарбахтардаах нарын, сып-сылаас илиитин тутабын. Кини күлэ-күлэ куоттарар.
Ол миэхэ өссө ордук үчүгэй.
…Корпуспутугар кэлиибитигэр дьиэбит иһэ тигинээн, эймэнэн олорор. Ким барыта үөрбүт, сэргэхсийбит.
– Киһи көппүт космоска, советскай киһи!
– Юрий Алексеевич Гагарин.
– Ураа, кыайдыбыт. Космоһы биһиги – советскай дьон астыбыт.
– Космос үйэтэ саҕаланна. Гагарин биһиэнэ!
Ити күнү киһи барыта умнубат. Туох барыта сырдык, кэрэ. Тамара биһиги аан бастаан ыга куустустубут. Үөрүүбүт муҥура суох. Гагарин түһээтин кытта, үлэбит бүппүт дьоннуу, дьиэ-дьиэбитигэр, хос-хоспутугар тэбиннибит. Тоҕо эрэ оннук буолла. Ким барыта дьиэтигэр тардыста.
Бу бүгүн мин үрдүбүнэн туруйалар көтөн ааһан эрэллэр. Үгэстэринэн ыһыытаан лоҥкунаталлар. Мин саҥата суох турабын. Ол сааһы, биһиги Тамаралыын Сайсарыга дьаарбайбыт сааспытын, саныыбын. Билигин кини ыраах. Мин уонна туруйалар эрэ баарбыт. Гагарин эмиэ суох. Кини оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө уонна хас биирдии сүрэххэ иҥэн хаалбыт дьикти мичээрэ бүтүн аан дойду дьонун сүрэхтэригэр баар. Ол саас элбэх уол оҕо кини аатынан ааттаммыта. Онно сир үрдүгэр сарсыҥҥы Гагариннар элбэхтэр.
Туруйалар, мин эдэр сааһым ырыаһыт көтөрдөрө, толуу бэйэлээх дьоһун кыыллар, мин эһигини олус сэргии, таптыы көрөбүн. Эһиги миэхэ муҥура суох үөрүүнү, эдэр саас этиллибэтэх түгэннэрин эргитэҕит. Сырдык сабарай кынаттаргыт саҕах кирбиилэригэр тиийэн сүтүөхтэригэр диэри, мин харахпар тэһитэ кэйии сүүтүк ойуута ойуулаах от күөҕэ чараас сиидэс ырбаахы буолан көстөҕүт. Мин сурулла илик хоһооннорум, кэпсэнэ илик кэпсээннэрим эһиги, туруйалар, буолаҕыт.
Уу-чуумпуга бигэнэ сытар ийэ сири кытта мин эһиги ырыаҕытыттан хас саас аайы тиллиэҕим, сир ийэ сибэккитин туппутунан эһигини көрсө саҕахтарга сардаҥа кынаттанан көтүөҕүм.
Оо, эһиги, ааһар туруйалар, саас ахсын Туймаадабар тохтоон, эргийэн ааһар буолуҥ!