Читать книгу Эн онно хайаан да тиий - - Страница 2
БИҺИГИ НЬУРГУҺУММУТ
НЬУРГУҺУН ЫРЫАТА
ОглавлениеБиһиги тыаҕа, сааскы тыаҕа, сылдьабыт. Көҕөрөн эрэр мутукча, мыраан сирэйин толору үүммүт ньургуһун – көрүөхтэн кэрэ. Ким барыта сүүрүөн-көтүөн, ыллыан-туойуон курдук. Бу чэбдигин, бу салгына ырааһын! Туох барыта лыҥкынаан, чаҕылыйан олорор. Ньургуһун ыллыыр. Хаһан иһиттим этэй мин бу сааскы ньургуһун ырыатын? Ол саас Чочур Мыраан тэллэҕэр истибитим. «Ол саас» диэн ити мин Тамараны көрсүбүт, кини саҥатын аан маҥнай истибит сааспын ааттыыбын. Биһиги онно саас, экзамен саҕана, учууталлар сынньанар дьиэлэригэр олорбуппут. Биһигини кытта Петя диэн хоту дойду уола, быһыта баттаан, хайдах эрэ тыгыалатан саҥарар уол баара. Көнө, ураты, муҥутах, тугу эт – барытын кырдьыктанан иһэр үгэстээҕэ. Оччолорго оонньооботох, күлбэтэх кэлиэ дуо? Ол ахсын киһи көнөтө Петя түбэһэрэ. Мин билигин да үчүгэйдик өйдүүбүн:
Үөлгэ-дьүөлгэ,
Түүҥҥү бүккэ,
Уолбут Бүөккэ
Кимниин бүктэ?
– диэн, ким эрэ, хоһоону, көрү таптыыр, бэйиэтимсийэр студент суруйан кэбиспит строкаларын. Ити кыһыылаах строканы аахтахха Петя чахчы ыксыыра. Кини кыыстыын кэпсэппитэ, тугу эмэ ыйыппыта күлүү буолан иһэрэ. Ол аны санаатахха төһө да олуона курдугун иһин, сүрдээх үчүгэй, сэргэх, эдэр саас тыыннаах өйдөбүлэ буолар ураты күүстээх эбиттэр.
Биирдэ биһиги тыаҕа тахсыбыппыт. Кыргыттары кытта Тома кэлсибитэ. Кини биһиги икки ардыбытыгар, били сааскы Лена биэрэгэр көрсүһүөхпүтүттэн, туох эрэ сатаан этиллибэт, сатаан өйдөнүллүбэт уустук сыһыан баар буолан хаалбыт. Сороҕор олус тоҥуйдук, хаһан да кэпсэппэтэх, эн-мин дэспэтэх дьон курдук, сороҕор төһө да ырааҕын, атын дьоҥҥо биллибэтэҕин иһин истиҥник, төннүбэттик көрсүһэрбит. Кини ол күн, биһиги тыаҕа таҕыстахпыт күн, ордук кэрэтийбит этэ. Биһиги бары Чочур Мырааны дабайбыппыт. Мин мэлдьи инники этим. Ким кыайан тахсыбатахха, халты тэбиммиккэ, ыксаабыкка илиибин биэрэн көмөлөһөрүм. Ол сырыттахпына, дьолго, Тома түбэспитэ. Биһиги хайа үрдүгэр дылы сиэттиһэн тахсыбыппыт. Кини илиитин сылааһа миэхэ биллэрэ. Үөрбүтүм. Дьолломмутум. Этэргэ дылы, «сүрэҕим тэбиитэ – сүүрүк ат битиитэ» буолбута. Күн ордук ырааһырбыта. Сааскы ыам ыйдааҕы халлаан ордук үрдээбитэ. Хайа үрдүгэр, саҥа бытыгыраабыт күөх хонууга эргиччи олорон аһаабыппыт. Аспыт боростуой, ис киирбэх, кэмчи этэ. Ол оннугар ырыата-тойуга, оонньуута-көрө үксэ. Күнтэн, халлаантан, чэбдик салгынтан – бука бары, кыыстыын-уоллуун, холуочуйбут курдук этибит.
Оҕолор мээчиктии сырыттахтарына, Тома биһиги хайдах эрэ ойдон, бэйэбит да билбэккэ, сөрүө саҕа отон угун үрдүгэр олорон хаалбыппыт. Тугу кэпсэппиппитин билигин өйдөөбөппүн. Оҕолор мээчиктии сылдьан күлүү гыналларын, мээчигинэн тамныылларын өйдүүбүн. Олорор отоммут уга сааскы сииктэн тыллан сыры-сымнаҕаһа, эгэлгэ өҥнөөҕө. Ол өҥ мин сүрэхпин бэйэтин кэрэтинэн сардаҥардарга дылыта. Тома кыбыстыбыта. Ойон туран мээчиктэһэ сүүрбүтэ. Мин олорбут сирбэр олорон хаалбытым. Иннибэр холбуу тутуллубут икки ньургуһун сытара. Ол кини, Тома, хаалларан барбыт этэ. Мин оргууй аҕай ньургуһуннары ылбытым уонна өрө уунан көрө сыппытым. Ньургуһуннар сып-сырдык, намчы, этилэр. Ол сытан аан бастаан ньургуһун ырыатын истибитим. Ньургуһун ыраас таптал, эдэр саас туһунан ис иһиттэн иэйэн, итийэн-кутуйан ыллыыра. Мин аан маҥнайгы уоттаах, күүстээх тапталы онно эрэ билбитим. Туох баар сырдык: күн, халлаан, күөх сир, сааскы ньургуһун – суос-соҕотохто суох буолан хаалтара. Кулгаахпар ньургуһун аптаах, күүстээх ырыата намтыы-намтыы күөрэйэн, үрүһүйэн-дьүрүһүйэн кутуллара харахпар намчы, сэмэй, ис киирбэх, хара бараан Тамара эрэ көстөрө…
Итии саас, оннооҕор өссө куйаас уһун сайын ааспыта… Бу бүгүн, өр да буолан баран, ньургуһун ырыатын эмиэ иһиттим. Кини симиктик, аа-дьуо, холкутук ыллыыр. Урукку доҕотторбун санаан кэллим. Оччотооҕу Петя, Сеня, Клара, мин Томам ханна эрэ буоллугут? Кэлиҥ, бары истиҥ, ньургуһун ыллыыр. Биһиги, Тамара биһиги, ньургуһуммут.