Читать книгу Эн онно хайаан да тиий - - Страница 8
БИҺИГИ НЬУРГУҺУММУТ
ТАБЫЛЛЫБАТАХ БЫРААҺЫННЬЫК
ОглавлениеАктовай саала ортотугар уоттаах баай харыйа лаглайбыт. Киһи элбэҕэ сүр. Концерт бара турар. Кэрэ да кэрэ куоластаах кыыс ыллыыр. Ити кини, университет олоччу киэн туттар ырыаһыта, Леля. Олус үчүгэйдик ыллыыр, дьүһүнүнэн да куһаҕана суох. Ол эрээри мэлдьи соҕотоҕун сылдьар. Биир да уолу кытта бодоруспат. Уолаттар таптаабаттара эбитэ дуу, олус кытаанаҕыттан, тыйыһыттан куттаналлара эбитэ дуу. Билбэтим. «Ырыаһыт киһи дьоло суох» дииллэр. Баҕар, Леля эмиэ дьоло суоҕа буолуо. Мин, кэлээт даҕаны, Агиттыын Тамаралааҕы буллубут. Үҥкүүлээтибит. Тамара өрүү дабдакалдьыйбыт атаспын кытта үҥкүүлээтэ. Миэхэ тоҕо эрэ чугаһаабат. Сэргэхтик, сэмэйдик мичээрдиир. Тиһэҕэр, болдьоспуппут курдук, мин Тамараны кытта үҥкүүлээтим, сээкэйи сэһэргэстим. Үчүгэйэ сүр. Киэһэ, маннык талба киэһэ бэйэтэ устан иһэрин тэҥэ. Иккис үҥкүүбэр, Тамараны бэркэ сэрэнэн астаах остуолбар ыҥырдым. «Кэбис, табыллыа суоҕа. Бэйэҕит аһааҥ. Биһиги эмиэ кыттыһан турабыт» диэн аккаастаата.
Хоспутугар утуу-субуу кэлбиппит.
– Дьэ, уолаттар аһыы охсон баран корпустарынан көттөхпүт, – диэтим мин, үөрүүбүн туттуммакка.
– Көттөхпут буола-буола. Биир кыыһы тылгар киллэрбэт буолан баран көтөөхтүүгүн. Мин эбитим буоллар, сиэтэн кэлиэм этэ, – диэтэ Агит. Мин сирэйгэ оҕустарбыттыы олоро түстүм. «Бу эн дуо, киһиргэс, ооҕуйга ураҕастана сылдьаҥҥын, Тамараҕа чугаһыыгын, кинини сиэтэҕин ээ» диэн күлэ даҕаны, кыйахана даҕаны санаатым. Ол кэннэ туттунан эйэ дэмнээхтик:
– Сырыттыннар. Күн бүгүҥҥүнэн бүппэтэх. Хата, кэлин, аһыаххайын, – диэтим.
– Мин аһыыр санаам суох. Бэйэҥ ис-аһаа. Төһө бөрүкү иһэр киһиэхэ дылы… – диэтэ онуоха Агит.
Мин кырдьык спортсмен буоламмын арыгыны элбэхтик испитим суоҕа. «Куһаҕаны сатаа инибин, сибилигин туох баар арыгыгын иһэн баран, сирэйгин эттиэм, эриэн үөн!» дии санаатым да, Өлүөсэ диэки көрдүм. Киһим куттаммыт куоска оҕотунуу түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн баран оронугар олорор. Мин көрөн, саҥата суох ыйытыыбар аккаастаан моонньоох баһа быстан түһэ сыста. Биир да тылы саҥарбакка сабыылаах миискэттэн эттээх курууппаны холбуу баһан ыллым, чэй иһэр улахан куруускабар ууланан баран кылбаһыйан турар бытыылкалаах арыгыны тоҕо сүөкээн холлугураттым. Ону барытын дабдыкылдьыйбыт үөдэн бэйэтин оронугар көрө сытта. «Мэ, эйиэхэ, киһи буолбатах сатанаҕа, бу баар, мин иһэрбин көрөн үөр» диэн өстүйбүт санаабын түмүктээтим да, куруускалаах арыгыны кэтэрдэн кэбистим. Иккиһин куттан, аны куотан хаалыа диэххэ айылаах, өрүсүһэ соҕус түһэрдим. Хараҕым ирим-дьирим буолла. Сүрдээҕин чэпчээн иһэн, эмискэ ыараан хааллым. Үсүһүн куттан эрэрим…
Дэлби утатан, төбөм ыаҕастаах уу курдук буолан, түөһүм аһыйан уһугуннум. Хоһум сып-сырдык.
Агит күнүс хойут киирдэ. Хаҥас хараҕын кимиэхэ эрэ бастаран кэбиспит. «Итирбэтэҕим буоллар мин баһыам этэ. Эйигин саамай сөпкө баспыттар, бас-баттах барбат буол» диэн сэтэрии саныы сыттым.
Табыллыбатах бырааһынньык ити этэ. Кэбис, аны кини мин өстөөхпөр да ити курдук куһаҕаннык кэлбэтин.