Читать книгу Эн онно хайаан да тиий - - Страница 14
БИҺИГИ НЬУРГУҺУММУТ
ХАТЫҤНАР
ОглавлениеХатыҥнар барахсаттар үүнэн наҥнаһан туралларын көрдөхпүнэ сырдыы, сылаанньыйа түһэбин. Кинилэр мастар буолбатахтар – аанньаллар. Оо, биһиги алаастарбыт хатыҥнара наҥнаһан, лабаа лабааланан, сэбирдэх сэбирдэхтэнэн ситэн, айгыстан, аарыгыран турдахтарына, ама, туох ааттаах киһитэ долгуйуо, үөрүө суоҕай?! Сиртэн тиийэ сэбирдэхтээх биһиги хатыҥнарбыт аар наҥнаһын ийэлэрбитин, кинилэр уһуун-уһун суһуохтарын, онтон кыры-кылбайар туостаах, симиттибиккэ дылы оргууй аҕай сибигинэһэ турар кыыс хатыҥнар – эдэркээн оҕолорбутун, биһиги тапталларбытын санаталлар.
Туймаадаҕа хатыҥ аҕыйах. Ол эрээри баайдар, баараҕайдар. Мин учууталлар сынньанар дьиэлэригэр олордохпуна, Тамаралыын Чочур Мыраан тэллэҕинээҕи эдэр хатыҥнарга тыынан быһа эрдинэн таҕыстыбыт. Киирэн эрэр күн тиһэх саһарҕата күөл уҥуордааҕы бэстэр төбөлөрүн уматар. Биһигини күн көрбөт. Кини мыраан үрдүгэр түспүт. Ол да буоллар мыраан тэллэҕэ ип-итиинэн тыынар. Үрдүбүтүгэр чэгиэн, эдэр хатыҥнар биллэ-биллибэттик сибигинэһэ, хойуу кэтит сэбирдэхтээх лабааларынан дэйбиирдэнэн сөрүүкүү сатыы тураллар. Олус үчүгэй. Сир күөх. Бу күөх уһуга суох бара турар. Кини туох баар сылайбыккын-элэйбиккин бэйэҕиттэн кыйдыыр, эккин-хааҥҥын дьикти күүһүнэн сайа охсор. Оччоҕо эмиэ эрчимирэн кэлэбин. Күөх уратыта, күүһэ онно.
– Тамара, хатыҥ ырыатын истэҕин дуо? Хатыҥнар тугу ыллыыллар? – диибин арылы хара үчүгэйкээн харахтары көрө-көрөбүн.
– Оо, кинилэр ырыалара элбэх. Ону сатаан истэр өйдүүр киһи бу сири дьиҥнээхтик таптыахтаах. Кини дууһата ыраас буолуохтаах, – диир онуоха кыыһым. Мин кини этиитин олус долгуйа, умсугуйа иһиттим. Ол кэннэ алааспын, кини хатыҥ чараҥын саныы түстүм. Оҕо сырыттахпына, ийэм биир бэртээхэй кэпсээни кэпсээбитэ. Ону Тамараҕа кэпсээн киирэн бардым.
– Сэрии бастакы сааһа этэ. Биһиги арыычча, өлбөтү эрэ үрдүнэн хара сиргэ үктэммиппит. Ийэм биллэ кырдьыбыта. Илиилэрэ-атахтара иһэр буолбута. Мин ийэбинээн дьиэбититтэн биэс биэрэстэлээх сиргэ олорор Баһылай оҕонньор диэн балыксыт оҕонньорго ыам мундута бэриһиннэрэ бардыбыт. Кэлбиттэн-барбыттан: «Наара мундута тахсыбыт, Баһылай оҕонньор сиэн эрэр үһү» диэн истэбит. Ол иһин бүк эрэнэн, ийэм былыр сүктэн тахсыбыт, кыыс оҕо сылдьан кыллаан, таҥалайдаан, кутуйах хаамыытынан киэргэтэн тикпит сүөгэйин ыаҕыйатын тоҥолохтонон иһэбит. Ыаҕыйа эмиэ кырдьыбыт. Эргэрбит, элэйбит. Кини эмиэ суту билбит көрүҥнээх, куурбута-хаппыта сүрдээх. Куп-кубаҕай дьүһүннээх. Оҕонньордоох биһигини үчүгэйдик көрүстүлэр. Хатыҥ үөстээх чэй истибит. Балык сиэтибит. Ыаҕыйабытын толору Наара эмис мундутун бэриһиннэрдибит. Тахсаары турдахпытына Баһылай оҕонньор: «Ньукуункалаах иэдэйэн олордохторо буолуо. Балыкта кэлэн ылан бардын» диэн илдьиттээтэ. Кэтит сүүһүн көлөһүнүн кырдьыбыт эрээри, модьу-таҕа илиитин ытыһынан соттон кэбистэ. Тоҕо эрэ субу-субу өрө тыынар. Аны санаатахха, тулаайах хаалбыт дьонун-сэргэтин аһынан айманар эбит. Ол саас элбэх киһи аччыктаабыта. Ону суос-соҕотох Баһылай оҕонньор мундута өрүһүйбүтэ.
Биһиги аһаан-сиэн, күүс ылан, быһаччы эттэххэ, ат мииммит курдук буолан дьиэлээн испиппит. Сиэбит балыкпыт, сотору буолаат, сүһүөхпүтүгэр охсубута. Аччык киһи тоттоҕуна оннук буолаахтыыр эбит этэ. Наара сыырын иккитэ сынньанан тахсыбыппыт. Ийэм буоллун даҕаны, бу мин, уончалаах оҕо, алаас сыырын иккитэ сынньанан тахсарым төһөлөөх күүс өһүллүбүтүттэн, дьүдьэйииттэн буолта буолуой?! Бэрт өр айаннаан алааспытыгар Саарбалаахха тиийэн кэлбиппит. Биһиги алааспыт дьикти үчүгэй алаас. Көбүс-көнө саһыл хонуулааҕа. Ону аһыҥа сиэн буорунан көрдөрбүтэ. Быйыл саас эмиэ көҕөрөөхтөөбүт. Ортотугар хатыҥ чараҥнаах. Сыырын анныгар киирэн тохтоотубут. Дьэ, онуоха ийэм хатыҥ чараҥы көрөн олорон, бэйэтэ тикпит бэртээхэй туос ыаҕыйатын кылларын кырдьыбыт илиитин тарбахтарынан имэрийэ-имэрийэ, аа-дьуо кэпсээн барда.
– Былыыр-былыр биһиги алааспыт аата атын эбит. Биир аар саарга аатырбыт баай кыыһа, удаҕан дьахтар, сүктэн тахсан иһэн ити хатыҥ чараҥ оннугар, саһыл хонууга, сурдун таттаран тохтообут. Киниэхэ олохтоохтор хантан эрэ саарба тириитин булан олбох уурбуттар. Дьахтар олус үөрбүт. Киэһэ оонньуу бөҕөнү оонньоппут, ас бөҕөну аһаппыт. Дьон бэркэ дуоһуйбуттар. Өрөөн баран бараары туран: «Төрүүр оҕо төлкөлөнөр, иитэр сүөһү күрүөлэнэр, өрүү алла турар астаах, көҕөрө турар күөхтээх, сандаархай күннээх Саарбалаах буоллун бу улуу алаас», – диэбит. Ол кэннэ баттаҕыттан ат тарааҕы ылан: «Айгырыы хамсыыр аар хатыҥ буол. Ыһыах эйиэхэ ыһылыннын, көр эйиэхэ көрүлэннин!» – диэн баран сурдун оннугар батары анньан кэбиспит. Ол тарааҕы онтон ким да ылбатах. Сарсыныгар кэлэн көрбүттэрэ тараах суох үһү. Ол курдук ааспыт. Эһиилиттэн кини тарааҕа хаалбыт сиригэр хатыҥ чараҥ – бу биһиги хатыҥ чараҥмыт үүммүт. Бу кэнникигэ диэри улуус-улуус ыһыаҕа манна, бу хатыҥ чараҥ тэллэҕэр буолара. Эн ити хатыҥ чараҥы мээнэ алдьаппат буол. Бэйэтэ даҕаны бу кэнники сылларга ииннэ-хатта. Кини буолан тулуһан турар, – диэбитэ.
Мин онтон ыла алааһым хатыҥ чараҥын атыннык көрөр буолтум. Түүн түһээн ол толуу дьахтары, үтүө санаалаах хотун хааны, көрөрүм. Кини хатыҥнар тастарыгар үүт кэрэ аттаах сылдьар буолар. Ол ат сиэл кутуруга хатыҥ лабаатын курдук буолара. Дьахтар дьикти ыраас харахтааҕа, уһун суһуохтааҕа. Мин кинини сороҕор үүт кэрэ атын хатыҥ сэбирдэҕэ сиэлин имэрийэ-имэрийэ ытыы олорорун көрөрүм. Ол кэннэ хатыҥ чараҥмын санаабытынан уһуктарым. Сайыҥҥы күн тахсыыта сытар хоспохпуттан атах сыгынньаҕын тахсан, сарсыардааҥҥы сииги кэспитинэн, ытыы олорор үүт кэрэ аттаах дьахтары көрөөрү, хатыҥ чараҥҥа тиийэрим. Кини суох буолара. Мин сэбирдэх уутунан дуоһуйуохпар дылы суунарым.
– Дьикти буолар ээ, кырдьык. Миигин дьонум «хатыҥы алдьаппат буол» диэччилэр. Бу барахсаттар иччилээхтэрэ буолуо дуо? Суох ини. Көннөрү кэрэтин иһин харыстыыллар, – диэбитинэн Тамара олоро түспүтэ. Кини нарын илиилэрэ, суһуоҕа хойуу сэбирдэхтээх хатыҥ лабаата буолан көстүбүтэ. Мин соһуйбутум. Харахпын быһыта симмэхтээн ылбытым. Тамара бэйэтэ-бэйэтинэн сырдык туостаах эдэр хатыҥ анныгар өссө тупсан-кэрэтийэн, хатыҥы кытта хатыҥ, сири кытта сир буолан олороро.
Быйыл саас Саарбалаахха сырыттым. Мааны бэйэлээх хатыҥ чараҥым уостан бүппүт. Бэрт аҕыйах, ону даҕаны тостубут хатыҥнар хаалбыттар. Мин онно буруйдаахпын. Тамараны маҥнай таптыы көрдөҕүм сайын дойдубар тахса сылдьан, алааһым биир маанылаах хатыҥар «Тома» диэн быһаҕынан тэһэ быһан суруйбутум. Ол хатыҥ эрдэ хагдарыйбат этэ. Билигин төҥүргэһэ эрэ турар. Ийэм тылын, үүт кэрэ аттаах дьахтар хараҕын уутун умнубут этим.
Хатыҥнар, сахам хатыҥнара, эһигини ааһар тыал да тумнан аастын. Дьон дьолугар, куурары-хатары билбэккэ, лабааҕытын намылытан, сэбирдэххитин силигирэтэн өрүү үүнэ туруҥ! «Кинилэр ырыалара элбэх. Ону сатаан истэр, өйдүүр киһи бу сири дьиҥнээхтик таптыахтаах» диэн Тамара саамай сөпкө эппитэ.