Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 113

НЬУРБА
МЫРААН

Оглавление

Урут Чуукаар диэн ааттанар күөл билигин Эбэ дэнэр. Дьэ, ол Эбэ хотулуу илин эҥэриттэн мыраан үрдээн, илин диэки бара турар. Ханнык да атын ааттааҕа биллибэт. Арай, үрдүттэн Мыраан эбэтэр Сирэйдээх Мыраан дииллэр. Кини туһунан араас үһүйээни кэпсииллэр. Олортон төһөтө кырдьыга-сымыйата биллибэт. Үһүйээн аата үһүйээн, кэпсииргэ тиийиллэр.

Киһи-сүөһү саҥа кэлэн олохсуйан эрдэҕинэ, Маар Күөл уонна Үс Көлүйэ диэн ааттанар күөллэргэ тоҥустар олорбуттар үһү. Биирдэ ол тоҥус омук кыргыттара 9 буолан Мырааҥҥа күүлэйдии тахсыбыттар. Оччолорго Мырааҥҥа ыттыбыт киһи улаханнык саҥарыа, күлүө-салыа суохтаах. Оттон ол 9 тоҥус кыргыттара ыттан баран, сээдьэлээн барбыттар. Ортолуу үҥкүүлээн иһэн, аллара ньимис гынан хаалтар. Кыланар саҥаларын истэннэр, дьон сүүрэн тахсыбыттара, 9 оҥхой эрэ хараара сытар үһү. Онтон бэттэх Мырааны иччилээх диэн улаханнык дьиксинэр буолтар.

Бу үһүйээн хаһааҥҥыта биллибэт. Биир кырдьаҕас оҕонньор өлөрүгэр кэпсээбит үһү. Дьэ, ол оҕонньор эдэригэр Мырааҥҥа тугу эрэ гына тахсыбыт. Ол сылдьан, сири дьөлө үктээн, аллара сурулаан иһэн, элигин элик, силистэн тутуһан ылбыт да үөһэ биирдэ баар буолбут. Куттаммыта ааһан, туох ааттаахха түстүм диэн, дьөлө үктээбит сирин сэрэнэн өҥөйөн көрбүт. Онто туох эрэ иинэ эбит. Өссө сирийэн көрбүтэ: иинин анна уулаах, ол уута сүүрүгүрэн кылыгырата сытар үһү. Оччолорго сир анна ууланарын ким этиэ баарай. Уол, сир түннүгэ буолуо диэн, мас булан үрүттээн, хатырык хастаан сабан баран, буор кутан кэбиспит уонна: «Икки атахтаах таба хаампатын, икки харахтаах таба көрбөтүн», – диэн алҕаабыт.

Кини, бу сир түннүгэ буоллаҕа, абааһы мантан тахсан дьон дууһатын илдьэрэ буолуо диэн наһаа куттаммыт. Дьоҥҥо эттэхпинэ, сэттээх-сэмэлээх буолуо диэн кимиэхэ да кэпсээбэтэх.

Иван Петров. Ньурба, Өҥөлдьө. 1964–1965 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх