Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 123

НЬУРБА
ОНОКУ

Оглавление

Икки уоллаах эбит. Быырта, Дьэгин Бөҕө. Дьэгинтэн билигин бэрт аҕыйах киһи баар.

Оноку бэрт күүстээх киһи, тарсыына. Сөтөллөрө, ытырдара көстөн иһиллэр. Үөгүлүүрэ үс көстөөх сиртэн иһиллэр. Санатория хоту өттүгэр Күөх Хайа баар. Тордохтоох Хайа диэн. Дьокуускайга түүлээх киллэрэн баран (өлбүгэтин төлөөн баран), Дьаарын бэйэтэ киллэрэн биэрбэт, туой тарсыынатын ыытар эбит. Төннөн иһэн, Тордохтоох Хайаттан үөгүлүүр: «Тыыта таһааран кулуҥ», – диэн.

Омолдооттор туораппаттар эбит. Сэптэрэ суох буолуо буоллаҕа, баҕар, өстөөх да буолуохтара. Ол үөгүүнү Сүлэттэн, Хотоҕос диэн сиртэн, истэннэр, баран тыы таһааран биэрэллэр эбит.

Бордоҥнортон, түүлээҕи кыайан толорботохторун туһугар, тарсыыналарын, Онокуну, сото охсоллор. Буруйдааннар, сото кэбиһиннэрэн олордон бараннар, сототун кырыытыгар сото охсор сүллүгэһинэн казактар биэртэлииллэр эбит. Ол охсулла олорон: «Улаханнык охсуҥ! Этэ ыалдьар гына. Итиннэ кыһанан, дайыымкатын толоруо дуо!» – диэн улаханнык саҥарбыт. Онтон куттанан, куйахалара күүрэн, казактар оргууй охсоллор үһү.

Үйэтигэр биир ат, биир биэ эрэ кинини уйбуттар. Уоннааҕылар бары систэрэ булгуруйан иһэр эбит. Аты мииннэҕинэ, атаҕа тоҥуу хаарга тарылла иһэр буолара үһү.

Оноку Дьаарыны кытта сэриилэспит эбит. Ол манныктан буолбут. Арай биирдэ Оноку Дьаарыҥҥа, кинээһигэр, ыалдьыттыы барбыт. Ол олордоҕуна, Дьаарын киниэхэ биитин, Норгуону, үҥсэр: «Биигин буой. Маннааҕы уолаттар ууларын сэбин алдьатар, бэйэлэрин сынньыталыыр, тууларын уоран көрөр үһү», – диэн.

Онуоха Оноку: «Буруйдаах буоллаҕына, кинээс, эн бэйэҥ дьүүллээ. Мин бии киһини дьүүллээбэппин», – диэбит.

Дьаарын туран: «Мин эйиэхэ салайабын, кинээһим быһыытынан. Эн тарсыынаҕын», – диэбит.

Ол курдук оспуордаһаллар, этиһэллэр уонна, дьэ, үс хонон баран, сир ортотугар, Сэтиэнэх диэн сиргэ, сэриилэһиэх буолан болдьоспуттар.

Кэлэн убайыгар уорданар: «Иирээҥҥэ-иэдээҥҥэ тэптиҥ! Сэриилэһиэх буоллубут», – диэн.

Норгуо туран: «Сэриилэстэр да сэриилэһиллиэ. Үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо», – диэн хабаана суох тылласпыт.

Сарсыныгар, сарсыарда туран, Онохута: «Бэҕэһээ киэһэ хабаана суох тылласпытыҥ. Тахсан аһар эрэ», – диир.

Ыппытыгар, Норгуо саннын тоһуйан биэрэр. Ону Оноку саннын кырыытын мас оҕунан илдьи ытан кэбиһэр. «Ити эрээригин Өһөхтөргө бараары гыммытыҥ дуо!» – диэбит уонна мөҕөн биэрбит.

Сол киэһэ кыра уол, Дыыгыныыр, дьиэтигэр оноҕос кыстан барар. Онуоха убайа: «Нойоон, бу тугу оҥостоҕун?» – диир. Уола: «Оноҕос кыстабын. Өһөхтөр эйиигин хайдах ытыалаан өлөрөллөрүн баран көрөн туруом», – диэбит. Онтон Оноку: «Бу адьарай эмиэ убайын курдук Өһөхтөргө хаан таһаартараары тыллаһа олорор ээ», – диэбит.

Дыыгыныыр сэттэлээх уол. Оноку: «Сэттэ саа усталаах сиргэ тур», – диэбит Дыыгыныырга. Онуоха анарааҥыта: «Өһөхтөр эйиэхэ, оҕонньорго, сир кэмнии туруохтара дуо, чэ, ыт», – диэбит, итиннэ баран.

Ону Оноку мас оҕунан ыппыт. Ону Дыыгыныыр ырааҕар кыбытан ылбыт. Уолум аһарыыһы дии санаан, Оноку түөртэ ытан субуруппут. Ону Дыыгыныыр: «Сардаан бастаах оҕуҥ 1 кэллэ, сар түүтэ түүлээх оҕуҥ 2 кэллэ, тойон түүлээх оҕуҥ кэллэ, быыра оҕуҥ 3 кэллэ», – дии-дии хабан ылан испит.

Оноку ол кэнниттэн: «Чэ сөп, барыс», – диэбит.

Хонуктара туолан, дьэ, сэптэрин ыырдынан, барбыттар. Сэтиэнэх диэн сиргэ киирэн баран, Оноку эппит: «Болдьоспут сирбит кэллэ. Көрө-истэ ис, сэрэн. Өһөхтөр куруппааскы курдук, дэлбэритэ ытыалаан кэбиһээйэллэр», – диэн.

Утаакы буолаат, кураахтаах саа тыаһа «чаап-чууп» буола түспүт. Арай биирдэ өйдөөн көрбүтэ, уолун ата түҥнэри көтөн кэбиспит. Ат сыҥааҕар ох хорохолоно түспүт. Ат бэйдиэ сүүрбүтүгэр, сырсан, тутан ылбыт. Атын баайан, оноҕосторун көтөҕөн кэлэн иһэн көрбүтэ, уол таба саҥыйаҕын түүтэ бурҕаллыгас үлүгэр. Өһөхтөр ытыалаа да ытыалаа буолбуттар.

Оноку, дьэ, ытыалаһар. Саамай атамааннара, күүстээхтэрэ Өһөх Өргөдьөй диэн Оноку курдук киһи баар эбит. Бу маны туран Оноку ытан биирдэ да таппатах. Бэстилиэнэй биир оҕо хаалар. Мас быыһынан биир, атаҕын өрө көтөҕө-көтөҕө, ытар киһи баар эбит. Оноку: «Абаккабыан, саатар ити киһини хаан таһаарбыт киһи», – дии саныыр уонна атаҕын өрө көтөҕөр бириэмэтигэр ытан саайбыт. Тобугун хараҕынан түһэрэн баран, сототун бөтөҕөтүнэн хайа көтөн тахсыбыт. Онуоха бу киһи: «Атахпын ыарҕаҕа хайа көттүм, ча-айа, ча-айа», – дии-дии быарынан сынан барбыт.

Маныаха Оноку инитэ уол туран кэлэр уонна Дьаарыттар охторун мунньубутун көтөҕөн аҕалар. Ону ынарааҥылар көрбүттэр. Сэптэрэ аҕыйаабыт, биир киһилэрэ бааһырар, онтуларын сүгэн барбыттар. Онуоха Оноку алакыылыыр: «Алакыы! Алакыы!» 4 – диир. Бу саҥаны Дьаарын ойоҕо истэр уонна эрин мөҥөр: «Үөһээҥи уолу сиэбэккэҕин, алдьархайы оҥортордуҥ. Тугу арбын туонай 5 буолаҕын ойумсуйаҥҥын», – диэн.

Дьаарын туран ойоҕун: «Эн да удаҕамсыйан быччайаҕын, Үөһээҥи уолу эн да сиэриий», – диир.

Онтон Дьаарын ойууннарын төрдүгэр кыырар: «Бу киһигитин кыайыҥ-хотуҥ, боччуйуҥ. Алдьархайы таһааран эрэр», – диир.

Маныаха туран, төрүттэрэ бэйэтин мөҥөллөр: «Биир ууттан турбуккут, биир уйаттан үөскээбиккит. Ити эйиигиттэн биир мутук үрдүкү ойуун. Онтугун кытта иирсэҕин дуо?» – диэн үүрэн ыыппыттар. Онон төттөрү кэбин туонан 6 кэлбит.

Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

 1 Сардаан бастаах ох – модьу төбөлөөх ох.

 2 Түүлээх охтор – көбүс-көнөтүк барар охтор.

 3 Быыра ох – түргэнник барар ох.

 4 Алакыы – киргил үөрэн алакылыырын үтүктэллэрэ буолуохтаах.

 5 Арбын-туонай – бэйэҕин үрдэтинэҕин, арбанаҕын, кэпсэнэҕин.

 6 Кэбин туонар – кэмсинэр, муҥадыйар.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх