Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 131

НЬУРБА
ОНОКУ ДЬААРЫННЫЫН СЭРИИЛЭСПИТЭ

Оглавление

Оноку Дьаарыннаахха 4 саастаах уол оҕотун илдьэ күүлэйдээбит. Оҕо оҕолору кытта оонньообут. Онтон, аһаан-сиэн баран, киирэ-тахса сылдьан, Дьаарын, аҕата көрбөтүгэр, Оноку уолун батыйанан өлөрөөрү турдаҕына, Оноку түбэһэ киирбит. Ону Оноку сэрэйэн, дьиэтигэр барбыт. Ол баран иһэн, оҕотуттан ыйытан билбитэ, дьиэлээхтэр кэпсэппиттэр, бу уол биһиги уолаттарбытын баһылыыр күүстээх, үчүгэй киһи тахсыыһы, онон улаатыан иннинэ өлөрдөххө сөп буолсу диэн.

Дьэ, онтон кэлин Оноку дьиэтин таһын туой киһи сойуолуур буолбут. Ону чуҥнаан билбитэ, Дьаарын бэйэтин бөтөстөрүн кытары үс буолан оҕону, бултуу бардахтарына, дьиэҕэ хаалларан барыахтара диэн, ону кэтэспиттэр, чуҥнаабыттар. Дьиэлээхтэр оҕолорун, соҕотохтуу хаалларбакка, илдьэ сылдьар буолбуттар.

Онтон эмиэ бултаан кэлбиттэрэ, үс аттаах киһи кинилэр дьиэлэрин эргийбит суолларын көрөн, үөгүлээн дэлбэриппит: «Бу туох оруспуойдара дьиэбин чуҥнуугут? Дьаарын хара түөкүн! Миигин билбэтэ буолуо диигин дуо? Туох иһин хааннаһарга соруннуҥ? Мин итини таах хаалларбаппын. Элбэхтэн – элбэх, аҕыйахтан – аҕыйах ордуо. Үс хонон баран, сир ортотугар сэриигин бэлэмнэн. Күн тахсыыта», – диэбит.

Маны Дьаарын истибит. Дьиэтигэр кэлэн, бэйэтин урдустарыгар эппитин, биир да киһитэ сэриилэһэргэ буолумматах. «Онокуну кытта тэҥнэстэр тэҥнэһиэх эн бэйэҥ бааргын. Биһиги тулуһар кыахпыт суох», – диэбиттэр.

Онтон үс хонон баран, сир ортотугар күн тахсыыта Дьаарын билиҥҥи Быарга, Бөкөрөөк Тумула диэн харыйа тумул баар, онно оччолорго бэрт аҕыйах ойуурдааҕа үһү, онно тоһуйбут. Оттон Оноку, Быартан Сэтиэнэх уҥуор Дьуохай диэн сир баар, онно тохтооччу. Икки ардын ырааҕа биэрэстэ аҥарыттан ордук буолуо.

Дьэ, ох саанан ытыаласпыттар. Икки өттүттэн тииттэргэ сөрүөстэн туран. Кэлин тиһэҕэр Оноку бүтэһик оҕугар Дьаарын улахан уола табыллан өлөөтүн кытта, даан биэрэн, дьиэтигэр куоппут.

Дьэ, ити кэнниттэн Оноку алакылыы, алакылыы өлөрбүт киһитин сүрэхтээх быарын батыйатыгар иилэн, үөһэ анньан туран, уу кытыытыгар туран алҕаабыт үһү. «Мин өстөөхпүн өлөрдүм, саастаахпын самнардым. Онон мин буруйа суохпун», – диэн.

Ол иһин ити сир Быар диэн ааттаммыта үһү диэн кэпсэтэллэр этэ. Мин бэрт кыра эрдэхпинэ. Оччоҕо Быар Сэтиэнэхтиин, биһиги олохпут эҥин үргүлдьү уута эбитэ үһү.

Ити билигин Бөкөрөөк Тумула диэн сиргэ мин билиэхпиттэн Оноҕостоох Тиит диэн ааттанар модьу, үрдүк баҕайы хатан хаалбыт тиит баар этэ. Урут, бадаҕа, абына-табына сорох лабааларыгар мутукчаланарга дылы этэ. Хойут олох хатан хаалбыта. Ити тииттэн мин аҕам уончалаах эрдэхпинэ хас да оноҕос тимирин булбуппут, үөһээ баҕайыттан, хатаастан тахсан, ылар этибит диэн кэпсиир этэ. Ол тиит билигин көстүбэт буолбут, охтубут быһыылаах. Сэрии кэннинээҕи дьылларга баар этэ.

Иван Васильевич Федоров-Алҕай. Ньурба, Андайбыт. 1968 с. суруйарбар 74 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх