Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 132

НЬУРБА
ҮРЭН, АЙБЫТТА УОННА ДА АТЫТТАР

Оглавление

Үрэн 1 диэн сиргэ былыргы дьиикэй омуктар, тоҥустар, үрэллибит, ыһыллыбыт, бүппүт сирдэрэ. Онно олоҕуран олорбуттар. Ол олордохторуна саха омук, оччоҕуна эмиэ кыргыһыылаах омуктар эбиппит ээ, ону кэлэннэр оҕунан, батыйанан кырганнар куоттартаабыттар.

Дьэ, ол үрэллибит сирдэрэ Үрэн диэн буоллун диэн ааты биэрбиттэр ол дьон, тоҥустар, омуктар. Биһигиттэн, сахаттан, куотаннар, ааттаабыт ааттара ити. Онтон аарыгыран ааспыт сирбит Айбытта буоллун диэбиттэр. Айаннаан, аарыгыран, аһаан-сиэн, күүлэйдииллэрэ буолуо. Үрэҥҥэ, Айбыттаҕа өтөхтөрүн онно тураллар.

Аймаһыйан ааспыппыт Арыылаах Маар буоллун диэбиттэр. Көрүлээбит сирбит Көрдүгэн диэн буоллун диэбиттэр. Дьиҥнээх сирбит Чиҥнээни диэн буоллун диэбиттэр. Былыргылар ону ааттаппаттар. Былыргыга Чиҥнээни дэппэттэр. Билигин Арҕаа Күөл диэн аатырар. Бэһэлэйдээн ааспыттара Бэрэ диэн баар. Уулаан ааспыппыт Улгумда Эбэ Хотун буоллун диэн. 8 миэтэрэ дириҥнээх. Кэнэнитэ. Ол аата саамай дириҥ сирэ. Олох үйэтигэр уолбат сир. Арба. Иэдэйбит сирбит Иэдээк диэбиттэр. Били дьоннор Лооглоорго күрээн тураллар. Онтон Өлөөнү булбуттар.

Онтон саха сабардаан, бу сири баһылаабыт. Ол кэнниттэн биһиги өбүгэбит Андайбыт тахсыбыт, балыктаан сиэн сыппыт.

Тылы быһаарыы:

 1 Үрэн – эбэҥкилэр «дьаалатынан сылдьар, олох-дьаһах оҥосторго кыһаммат» диэн ис хоһоонноох тыллара буолуон сөп (Сравнительный словарь тунгусо-маньчжурских языков: материалы к этимологическому словарю. Т. 2. – Л.: Наука, 1977. С. 289).

Василий Николаевич Михайлов-Баһылайкаан. Ньурба, Чуукаар нэһилиэгэ. 1968 с. кэпсэтэрбэр 74 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх