Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 146

НЬУРБА
УУЛААН ТАХСАР ҮҺҮ

Оглавление

Төрүппүт Дьаарыттар эбит. Айдаҕа төрөөбүттэр үһү. Оҕонньор. Ол Оҕонньоруҥ киирэн уулуур. Былыргы, былыргы-ы ити. Хас да хос эһэ. Үс хас буолуо, чэ.

Мин аҕам кэпсиир этэ: «Күн киириитэ, төкүнүйэн киирэн, уулаан тахсар үһү. Күөс быстыҥа. Инньэ диэн кэпсииллэр», – диир этэ. Бэйэтэ көрбөтөх. Ол Оҕонньор ааттаах ойуун үһү. Бу дойдуга хара өлүү баар үһү. Былыр. Ону үтэйбит үһү диэн кэпсииллэр этэ. Олох Хара Байҕалга илдьэн быраҕыахтаах үһү. Онто тарбаҕын быыһынан биир үөн түһэн хаалбыт. Бүлүү быыһыгар. Онон Бүлүүгэ ыалдьаллар билигин даҕаны диэн кэпсииллэр этэ.

Семен Васильевич Семенов-Сиэдэрэй Сэмэн (1927). Ньурба Малдьаҕара. 1994 с. кэпсэппитим.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх