Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 138

НЬУРБА
СААЛААХ

Оглавление

Былыр биһиги дойдуга Саалаах диэн киһи олорбут. 9 кэргэннээх. 9 аҥыы олороллоро үһү ити кэргэттэрэ. Биирдии хоно-хоно ааһа турара үһү.

Ити гэннэ, дьэ, кургуом оҕус сыарҕатыгар олоро сылдьара үһү. Оҕуһун буоллаҕына нөҥүө киһи буостуктуура үһү. Өлүөҕэр дылы ыҥыырдаах аты уонна оҕуһу миинньибэтэх. Оҕус сыарҕатыгар олорор. Кыһыннары-сайыннары. Олбоххо. Ол иһин «Саалаах курдуккун» диэн өс хоһооно – бу дойдуга.

Ити дьахталлар тэйиччи олороллор курдук үһү. Мээнэ билиһиннэртээбэт үһү.

Степан Петрович Андреев. Ньурба, Өҥөлдьө нэһилиэгэ. 1986 с. 76 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх