Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 147

НЬУРБА
АЛБЫННААБЫТТАР

Оглавление

Бу дойдуга киһи суох эрдэҕинэ, тоҕус ураһаннан кэлэннэр, тоҥустар түспүттэр. Тиит Ураһа диэн билигин ол сир. Ол кэлиилэригэр аҕыйах саха баар эбит. Сэриилэспиттэр балар. Биһиэннэрэ ох сааннан киирсибиттэр. Хотторбуттар сахалар. Били тоҥустарга.

Һоччоҕо даҕаны улахан өйдөөх дьоннор бааллар эбит. Былыргы ньүкэн үйэҕэ. «Бу үчүгэй сирбитин былдьаары гыннылар. Хайдах арахсыбат сүбэни булабыт», – диэбиттэр. Хотторон бараннар. «Хоттордубут, эһиги тойон буоллугут», – диэн тохтоппуттар сэриини. Албыннаабыттар.

Бу дойдуларын дэлби уоттууллар. Уот анньаллар. Кэрийэ сылдьаннар. Дьэ, били лабыктаны олоддьу уот сиэн кэбиһэр, эһэр. Тоҥустар, табаларын куоттаран, дьэ, үөһэ тахсаллар. Бу Марханы өксөйөн. Моркуоку диэки тиийэллэр. Дьэ, онно тиийэннэр, олохсуйаллар. Ити Ээйигинэн тобохторо, сыдьааннара олордохторо дии.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх