Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 150

НЬУРБА
КИҺИ ТӨБӨТҮН УҤУОҔА

Оглавление

Ньурбаттан көстөн ордуктаах сир баар. Икки Күндэ: Улахан уонна Кыра Күндэ. Сэргэстэһэ сыталлар. Ханнык Күндэтигэр эбитэ буолла. Хордоҕойдоох, тумуһахтаах. Урукку Бараһыылап холкуос миэстэтигэр.

Онно былыргы ойун уҥуоҕа турар үһү. Онтон биир бириэмэҕэ киһи төбөтүн уҥуоҕа, күөлгэ киирэн, уулаан тахсар үһү диэн кэпсиир этэ. Хорулаҕа сиэстэрэлии сылдьан истибитим. Уйбаныап Арамаан Анисимович биһиги дойдубут туһунан үһүйээни кэпсиир этэ.

Ити ыалга мин дьуккаах олорбутум.

Николай Григорьевич Петров-Буруулгун. Ньурба улууһа, Үөдэй нэһилиэгэ. Буокалар аҕатын ууһа. 1994 с. 58 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх