Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 148

НЬУРБА
ДЬЫҤКЫЫДА ОЙУН КЫАЙТАРЫЫТА

Оглавление

Хаалыҥнар төрдүлэрэ Дьыҥкыыда ойун диэн. Дагдайар диэн ааттаах күүстээх убайдааҕа үһү. Итиэннэ биир бырааттааҕа үһү. Ол Долоон ойун диэн үһү. Ууһаан-тэнийэн олороллор. Туспа түбэ. Мантан алта көстөөх сиргэ. Хаалыҥ диэн түбэ.

Баһылай Оҕонньор хамначчыта Айанньыт Уола диэн киһи киллэрэн испит били биэни. Сэтиилэнэн. Били Дьыҥкыыда ойунтан. Кыстата иитиэххэ биэрбитин Баһылай Оҕонньор туттаран ылар. Хамначчытынан. Айахтарын быһар. Һити биэттэн төрүөттээн, дьэ, олохторо эстэр. Баай киһи ойуну кыайар. Дьоллоох киһи кыайар эбит. Өлбүт Үрэҕэ диэн баар. Ол иһэн биэтэ онно өлөр. Онтон дьиэтигэр тиийэн кэлэр. Били баай киһиэхэ. Атын сургуйга баайар. Киэһэ буолар. Дьэ, били оҕонньоруҥ, үөһэтээҕи оҕонньор, эһэ буолан кэлэр. Ону дьиэлээх тойон, Баһылай Оҕонньор, сэрэххэдийэн, тэринэргэ барар. Сүгүннүө суоҕа диэн. Онон хааннаах кырбастаах эти дуомугар оҕун төбөтүгэр иилэр. Бэйэтин үс төгүл эргиттэр. Ол кынан баран, ох һаатын бэлэннэнэн олорор. Кэлиэ диэн.

Боруҥуй буолуута, дьэ, оруобуна кэлэр. Били оҕонньор. Эһэ буолан. Кини хараҕар көстөр. Бу ыстаайаҕа турар акка. Сытырҕалыы-сытырҕалыы һөрүөстэргэ дылы кынар үһү. Онтон дьиэ ааныгар кэлэр. Дьиэҕэ киирээри оҥостон эрдэҕинэ, тэйиччи олорон, кыттыһар хонноҕун туһаайан баран, тардан кээһэр. Онуоха «һык» кынарга дылы саҥа иһиллэргэ дылы гыммыт. Һүтэн хаалбыт.

Онтон ол сассыарда көрбүтэ кыраһаҕа хара хаан тохто сытара үһү. Ол аата ол түүн, дьэ, оҕонньор өлөн хонор. Эмээххинигэр кэпсиир: «Дьэ, һиэтилэр. Тоһуйан. Мин һубу өлөбүн. Дойдуну былдьаһыҥ», – диэбит. Ону эмээххинэ: «Хайдах дойдуну булан киириэхпитий?» – диэбит. «Мин һирдиэҕим. Дойдулуур һуолгут төрдө бу баар», – диэн ыйан биэрэр. «Хара һуор буоламмын, даллаҥалаан иһиэҕим. Иннигитигэр. Ону батыһан иһээриҥ. Онтон, дьэ, буруо көстөр сиригэр тиийдэххитинэ, мин сүтэн хаалабын. Ыалы буллаххытына, бэйэҕитин бэйэҕит билиниэххит».

Бу түбэҕэ атын ыал һуоҕа үһү ол кэмҥэ.

«Дойдуттан таххан, өлүкпүн харайдыннар», – диэбит.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх