Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 135

НЬУРБА
ОҔУҺУНАН…

Оглавление

Аан бастаан Тыгын саҕаттан, Тыгынтан куттанан, күрээн кэлбиттэр. Сатаҕа олохсуйбуттар. Олоруҥ буоллаҕына тимир ууһа, мас ууһа – мындыр дьоннор сайдан испиттэр.

Ити Хаҥалас эбэтин кытыытыгар Ойоҕос диэн киһи олорбут. Ол буоллаҕына, былыргы ыраахтааҕы суола диэн харчыны хомуйан баран, Дьокуускайга киллэрэн туттарар эбит. Оҕуһунан. Онно үс хонугунан тиийэр эбит.

Иннокентьев Афанасий Николаевич (1909). Марха улууһа, II Бордоҥ нэһилиэгэ. 1982 с. суруйбутум.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх