Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 152

НЬУРБА
ЫЙЫЛАСТАН ТӨРҮТТЭЭХПИТ

Оглавление

Ыйылас Элэмэс – Омуоруйа Тумарча уола. Омуоруйа баай Амма, Таатта үрэхтэринэн дойдулаах Сэһэн Болугур ууһун баайа дэнэр кэпсээҥҥэ.

Ыйылас сүрэхтэммит аата Өлөксөөндүр. Сэһэн кэпсииринэн, Элэмэс диэнэ, хотуннан, илининэн айаҥҥа сылдьыбытыттан этин өҥө эриэн элэмэс өҥнөммүтэ дэнэр.

Эһэм, кырдьан баран, кэпсиир буолара: «Биһиги төрүттэрбит, Дьокуускай диэкиттэн кэлэн, үс бырааттыы Чиллэ Түүкээҥҥэ түһэр төрдүгэр олоҕурбуттар. Бу сирдэрин былыргы аата Кубалыҥда диэн. Кэлин, кинилэр аҕаларын ууһа тэнийбитин кэннэ, Ыйыластар, Ыйылас сирэ дэммит».

Бу дойдуга кэлэн, олоҕуран, хас сыл олорбуттара биллибэт. Биирдэ өйдөөбүттэрэ, сүөһү-ас ииттэргэ, бииргэ олорорго сирдэрэ кыараҕас буолан биэрбит. Биир үһүйээн этэринэн, бу сирдэригэр ким хааларын мөккүһэн, охсуһан, улахан убайдара кыайбыт. Онон кини хаалар буолбут. Биир үһүйээҥҥэ – сүбэлэһэн, үс аҥы олорорго, аҕа ууһун тэнитэргэ кэпсэппиттэр. Инньэ гынан, улахан убай Кубалыҥдаҕа олорон хаалбыт. Орто быраат Үөһээ Бүлүүгэ Сургуулук диэн сиргэ олохсуйбут. Сургуулукка кини сыдьааннара Самсоновтар диэн үһү, үөрэхтээх дьон, үөскээн сылдьаллар буолуохтаах. Ыйыласпыт дэһэллэр үһү. Кыра быраат Сунтаарга, Хадаҥҥа Ыйылас аҕатын ууһа баар дииллэрэ. Мин истэр этим.

Эһэм аҕата Бүөтүр сэттэ уоллаах, икки кыыстаах эбит. Бары да тура-олоро сылдьалларын саҕана, ат бөҕө, кус быһый дьоно үһү. Икки быраат, Семенов Петр Петрович уонна Семенов Софрон Петрович, Аҕа дойду сэриитигэр баран өлбүттэр. Уоннааҕылара дойдуларыгар олорбуттар. Бары уһун үйэлээхтэр этэ. Мин эһэм Тооспой-Семенов Дмитрий Петрович куска, куобахха, балыкка, онтон да атын кыра булка тойон этэ.

Аграфена Николаевна Тимофеева (1932). Сунтаар, Нөөрүктээйи. 1994 с. Ньурба Ньурбачааныгар суруйбутум.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх