Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 133

НЬУРБА
ЧУКЧА КЫРГЫТТАРА

Оглавление

Үс чукча кыыһа манна олоҕуран олорбуттар үһү. Манна өлбүттэрэ үһү үһүөн. Кыргыттар, мыраан төбөтүгэр үҥкүүлүү туран, үһүөн өлтөр үһү диэн таак сэһэн баар.

Биирдэрэ инньэ соҕуруу Малдьаҕарга барбыт үһү. Биирдэһэ – Өҥөлдьөҕө. Саамай улаханнара бу Эбэҕэ хаалбыт. Үһүөн үс күөл иччитэ буолтар: Малдьаҕарга – Киэҥ Күөл диэҥҥэ. Өҥөлдьөҕө – Хаарыҥда диэн күөлгэ. Улаханнара бу Чуукаар диэн күөлгэ иччи буолбут. Хаар маҥан баттахтаах эмээхсин.

Бастаан нэһилиэккэ кинээс буолбут киһи, быыбардаммыт киһи: «Нэһилиэгинэн хорон уутун түһэрэн, уолба оҥоруохха», – диэбит.

Инньэ дии сырыттаҕына, түүллээхтэргэ биллибит хаар маҥан баттахтаах эмээхсин: «Мин уубун хамсаппатын. Ийэ уубун хамсаттаҕына, бэйэтэ бэйэтиттэн кэмсиниэҕэ», – диэн илдьиттээбит. Ону ол түүллээх киһи манныгы төһөөтүм диэн кинээскэ кэпсээбит. Ол иһин ол кинээс уурайан хаалбыт. Хордорботох.

Сааба аҕабыыт диэн аҕабыыт, мураанын төбөтүгэр мэлиибэн ыллаан, кириэс туруораары, кириэһин оҥотторон бэлэмнээн сыттаҕына, биир түүллээххэ биллибит эмиэ хаар маҥан баттахтаах эмээхсин. Илдьиттээбит аҕабыыкка: «Мин төбөбөр кириэс таһааран аспатын. Астаҕына, бэйэтэ бэйэтиттэн кэмсиниэҕэ», – диэбитин түүллээх киһи аҕабыыкка кэпсээбит. Ол иһин ол аҕабыыт, кириэс аспакка, уурайан хаалбыт.

Сергей Иванович Алексеев (1918). Ньурба, Таркаайы. Орто үөрэхтээх, учуутал. 1969 с. суругуттан.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх