Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 144

НЬУРБА
СУОР БУУЛААБЫТ

Оглавление

Биһиги ийэбит айыыны-хараны наһаа итэҕэйэр. Биһигини сэрэтэр онно. Дьэ, онно ол үөрэтэр, үһүйээннэри. Онно буоллаҕына Тоҥус Сиригэр 1 истибитин кэпсиир. «Суору тыытымаҥ. Суору тыытар – улахан айыы», – диэн.

Былыр Тоҥус Сиригэр Тоҥус Байбал диэн олорбут. Соҕотох уоллаах эбит. Ол уола, улаатан баран, суору ыппыт. Ол суора, көхсүгэр табыллан баран, өлбөтөх. Хааннана-хааннана, хаана тохто-тохто, үөһэ таххыбыт. Халлаан үөһэ көтө турбут. Ону ол уол наһаа өр көрөн турбут. Ол суора, таххан-таххан, көстүбэт буолан хаалбыт. Дьэ онтон, ол уол, дьиэтигэр кэлэн баран, төһө өр буолан баран ыалдьыбытын билбэппин, сиһинэн ыалдьыбыт. Ол суору ыппытынан, көхсүнэн, ыалдьыбыт. Туох да эмтээбитин истибэтэх. Былыр ойуҥҥа эрэ эмтэтэллэр. Онтон ол ойуннара: «Суор буулаабыт. Биһиги кыайбаппыт. Суор төрдүн биһиги кыайбаппыт», – диэбит. Суор төрдүн туох да кыайбат диэн. Ол киһи кэлин, хас да сыл ыалдьа сытан баран, өлбөтөҕө. Сиһэ ньохчоҕор буолан турбута. Ол ньохчоҕор киһи хойукка дылы сылдьыбыта.

Ийэм ол курдук кэпсиир этэ.

Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

1 Тоҥус Сирэ – билигин Өлөөнүнэн биллэр. Сыантардара Солоҕоон диэн быһыылаах. Оҥньоо, Таас Хороон диэн сирдэр. Кэлин, дэриэбинэ буоларыгар, Өлөөнү булбуттар.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх