Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 143

НЬУРБА
МОХСОҔОЛ

Оглавление

Аканаҕа Кыыл Алааһа баар. Ити мин эһэм алааһа. Кыыл – Мохсоҕол уола. Мин – Кыыл кыыһын уолабын. Өтөҕүн үүтэ билигин да баар буолуо.

Ити Мохсоҕол диэн тоҕо ааттаммытый? Кыанар-хотунар, дохсун-бардам киһитэ үһү. Омуктарга хамначчыт һылдьыбыт. Табаһыт уол буолан. Үлэлэппэккэ аһатар буолан бартар. Уоталлар. Киһини һиир омуктар эбит. Түөртээх оҕону сүгэр-көтөҕөр, илдьэ һыддьар оҕолоох эбит. Ол оҕо: «Эдьийбин аҕалаллар. Икки хонон баран кэлэр. Оччоҕо эйигин һиибит», – диэбит.

Ону истэн, хаппыт балык һүгэн, хаппыт эт һүгэн, дьэ, күрүүр. Дойду һиргэ. Ол күрээн иһэн, ыһыга быстан хаалар. Мас саалаах

үһү. Биир куоҕаһы өлөрөн һиэн, дойдутун, ыалы, дьэ, булар. Аканаҕа киирэн, Таас Тумуһахха олохсуйар. Кэргэннэнэн кынан.

Матрена Егоровна Иванова. Ньурба, Эҥээрдэк. 1994 с. 65 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх