Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 118

НЬУРБА
ЭМЭЭХСИН ТИИТЭ

Оглавление

Бу дэриэбинэ чугаһыгар баар тиит. Бу тииккэ биир эмээхсин олорон ытыаласпыт дииллэр. Биир киһилиин, күөл уҥуор-маҥаар олороннор, ох саанан ытыаласпыттар үһү. Эмээхсин олорбут тиитигэр хайдах эрэ ох саа оноҕоһун суола баарга дылы. Уонна ол эмээхсини, онно олорон, өлбүт дииллэр. Ол тиит билигин да баар, улахан баҕайы, элбэх салаалаах.

Бу тиит анныгар киһи уҥуохтара бааллар.

Мария Степанова. Ньурба, Малдьаҕар нэһилиэгэ. 1970-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх