Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 130

НЬУРБА
ОЙУУНУ ИТЭҔЭЙИМИНЭ

Оглавление

Ойууттары итэҕэйиминэ гынара дуу, соруйан гынара дуу? Биир ойуун: «Кугас сылгылаахтар бааллар», – дии-дии кыырбыт. Ону дэлби таһыйар: «Бу кугас сылгылаах кыыһын миэхэ ойох аҕал. Кырдьык баар буоллаҕына», – диэн.

Маныаха ойуун кугас сылгылаахха кыыран тахсар буоллаҕа. «Дьаарын кинээс уола Дьалаҕай Киилээн үрүҥ дууһабын тутан сиэри, хара хааммын тоҕоору гынна. Ол иһин тиийэн кэллим», – диэбит. Дьэ ону: «Ол саха урааҥхай миигин сөбүлүө дуо?» – диир. Ону дьэ: «Булгу ылабын диэн миигин үлтү сыста. Эн сөбүлүүр киһиҥ. Миигин абыраа. Өлөртөрүмэ», – диир.

Дьахтара туран этэр: «Эчи муҥун. Ыйбар тиийэн ыксаан олоробун, хат буолан ханайан олоробун. Онон оттон барыам эни, барыам эни», – дэтэр.

Онуоха били ойуун төттөрү эргийэн: «Түҥүр, ходоҕой иһэр. Тэһииннэ тутуҥ», – диэн төттөрү эргийэр.

Онуоха тахсан, таһырдьа көрбүттэрэ, ити Бордоҥҥо Ыылаах диэн сир баар (Дьалаҕай Киилээн олоҕо), онно тумул үтэн киирэр. Онно тэҥкэ харыйатын курдук, арыт уот буолан көстөр дьон барыҥнаспыттар. Онтон туран, дал аанын тыаһа аһыллар. Аан умса түһэттээбит.

Дьоннор онтон, абааһы умса түһэрэн аспыта диэн, ааннарын иттэннэри, кэдирги анньан аһар буолтар.

Онтон туран, дьиэ ортотугар ынах ханнын курдук хара кэҕэй 1 бөкүнүҥнээбит. Дьэ, бу киһи туран, иттэннэри түһэн сытан дьиктиргээбит.

Былыргы киһи дьиэтин хаҥас өттүгэр хатырыгынан бүрүйэн хаппахчылаах орону оҥостор эбит. Онно арай дьахтар ынчыктаан дьиэрэһитэр, талыыта киирэн. Онтон туран, кыһыл оҕо ытаан марылыыр. Дьэ туран, били киһи ойуунун үнтү сынньан барар: «Аҕалтаабыт дьоҥҥун киэр гын!» – диэн.

Сынньыллыбыт ойуун көрдөһөр: «Сөбүлээбэтэ. Баран көрүөххүт буолуо», – диир.

Маныаха туран, били дьахтара этэр: «Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ гыннаҕыҥ. Сүгүнүнэн араҕыам суоҕа. Атаҕым соболоҥун төлөөн араар», – диир.

Маныаха туран, били киһи, дьэ, тугун да биэриэн булбат. Арай били ойууннаах дьахтара этэллэр: «Сэттэлээх уол оҕоҕун биэрэр буоллаххына, сүгүнүнэн араҕабыт», – дииллэр. Ону сөбүлэһэр. Дьахтар барбыт. Сэттэлээх уол оҕо өлөн хоммут.

* * *

Бу ойуун аны үөһээ Хара Сылгылаахтар бааллар диэн кыырар эбит. Ону эмиэ үнтү сынньар: «Хара Сылгылаахтар бааллар диигин. Онтон отчуттарда түһэрэн кулу», – диэн.

Үөһэ таҕыстым диэн үҥэн-сүктэн тиийэр. Онуоха: «Дьэ, үлэлиэм, түһүөм», – диир.

Онтон ити Бөтүрүөп биир хонук ааспытын кэннэ биир киһи кэлэн, сүөдэс гына түһэн баран: «Оттуур сириҥ ханна баарый? Ыйан кулу», – диир. Онуоха ыйыталаан биэрэр. Хотуур тыаһа тыаһыыр, кыраабыл тыаһа тыаһыыр. Ходуһата күнүнэн бүтэн иһэр буолбут. Бугул бөҕө лаглыгыраан туран испит. Ыал иннигэр күһүн үлэтэ эрдэ бүтэн хаалбыт. Киһитэ: «Хамнаспын тугу биэрэҕит?» – диэбит. Онуоха: «Тугу сөбүлүүгүн, ону биэрэбин», – диир. «Аны кыһын, биир соноҕостоохпун, онтубун аҕалан аһатыаҕым. Биир түүтэҕинэн аһатааччыбын», – диир. Онуоха үөрэ саныыр. Биир ат айаҕа буоллаҕа дии диир. «Кыһын кэлэн олорор дьиэбит. Дьиэтэ ыйан кулуҥ», – диир. Онуоха биир иччитэх өтөҕү ыйан биэрбит. Күһүнүгэр ол киһитэ ол өтөҕөр кэлбит. Кини көрдөҕүнэ, киһитэ биирдэ кыбынан кэлэн аһатар эбит атын.

Сааскы өттүгэр Дьалаҕай Киилээниҥ сүөһүтэ барыта сутааран өлөн хаалбыт. Онон хойукку дьон Бөтүрүөп биир хонук ааспытын кэннэ окко киирбэттэр эбит. Абааһы окко киирбит күнэ диэн.

Ити курдук Дьалаҕай Киилээн, ойууну итэҕэйиминэ, уола икки баайа иккиттэн ааспыта үһү диэн сэһэргииллэр этэ.

Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

 1 Кэҕэй – ньирэй, кулун төрүөтэҕинэ бүрүнэн төрүүр дии. Ону кэҕэй дииллэр.

Степанида Павловна Иванова (1916). Ньурба, Сүлэ нэһилиэгэ. Одьолун аҕатын ууһа. 1964 с. суруйан биэрбитэ.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх