Читать книгу Саха оноҕоһо - - Страница 14
Дьол
ОглавлениеКылгас да тыл!
Билбэтим эн тугу кистииргин
Ити иччилээх, имэҥнээх кып-кылгас тылга,
Тугу эрэнэ кини кэтэҕэр угаргын…
Оттон мин билигин бу тылга истэбин
Эйигин таптыыры, эйигин көрөрү,
Эн хара баттаххар тарбаҕым дайарын,
Эн илииҥ эрчимнээх иитигэр
Чуумпуран олорон сүрэхпин истэрбин.
***
Былыргы буолбатах.
Эр киһи батталын
Тумнаста тулуйар,
Кини хас хардыытын
Дьулайа кэтэһэр.
Ол эрэн, баҕарабын
Эн бардам, эн хаҥыл
Дьаһалгын истиэхпин,
Эн хааһыҥ хамсыырын
Долгуйа кэтиэхпин…
Былыргы буолбатах.
Эн тылыҥ сып-сылаас,
Ытыһыҥ сымнаҕас.
Хараххар булбаппын
Тойон-хаан хабырын…
Саарбахтыам ол иһин
Эн эрэл санныгын.
***
Эн тускар дууһабын сэгэтэн,
Ырыабын тупсаран,
Миигинниин да буолбакка,
Көннөрү чугас бааргар үөрэ,
Күннэрбин көтүтэрбэр,
Санаабын дуйдуурбар —
Эн миигин одуулаһар эрэ этиҥ.
Хараҥа, чуҥкук киэһэбэр,
Дьоро, үтүө да күннэрбэр,
Кэтэһэрбин сэрэйэн,
Аһаҕастык мичилийэн,
Үөрүүнү көтөҕөн
Киирэн кэлиэ диэн эрэнэрбэр —
Эн миигин одуулаһар эрэ этиҥ.
Оттон бүгүн мин бардым,
Аналбыт биирин биллэрбин да,
Биир кыра ыллыгы буламмын,
Биир аламаҕай аргыһы көрсөммүн…
Саатар бүгүҥҥү быһаарыылаах күҥҥэ
Кэнэнин кыаныа диэбитим —
Эн миигин эмиэ одуулаһа эрэ хааллыҥ.
***
Мин ытаабытым эн тоҥуй тылларгыттан,
Кырдьыгы этэртэн толлубатаххыттан
Уонна соҕотохтуу күһүҥҥү өксүөҥҥэ
Аһыммакка хаалларан барбыккыттан.
Мин ытаабытым саатар мэник тыал буолан
Эйигинниин аргыстаһар кыаҕым суоҕуттан,
Сылайар, сыыһар ыарахан түгэҥҥэр
Саатата тиийэр аналтан матарбыттан.
Мин ытаабытым эйигин сайыһан,
Халыҥ хаххам, суон дурдам сүппүтүттэн,
Эн аттыбар быстахха күөрэйбиккин
Ааспыт кэрэ түүл курдук саныахпыттан.
Мин ытаабытым. Сылтах элбэх этэ.
Эн син биир барбытыҥ миигиттэн арахсан,
Дьахтар кылгас санаата кыайан сиппэт
Тапталтан куотар эр киһи суолунан.