Читать книгу Саха оноҕоһо - - Страница 4

Сурук

Оглавление

«Барытын бырах, кэлэ тарт.

Ахтан аҥарым хаалла.

Буолар буоллун. Үлэ хааллын —

Санаам олус ыараата».


Сурукпун тутуоҥ. Ылан ааҕыаҥ.

Сылайбытыҥ дьэ биллиэ.

Эн тоҥмут тарбахтаргын

Тымныы санаа хаарыйыа.


Доҕоруом, хайдах гынан

Мин эйигин үөрдэбин…

Хайдах ахтылҕан кынатын

Итии, нарын тыынныыбын?


***

Өйдүүрүҥ дуу, умнубутуҥ дуу

Доҕотторбут урууларын,

Күлэ-сала эн биһиги

Сэргэстэһэ олорбуппутун.


Дьоллоох да этим мин

Ол умнуллубат түгэннэргэ,

Испиттэн сырдыы чэпчиирим

Эн эрэ мичээрдээтэргин.


Мин илиим – эн илиигэр,

Тугу эрэ этэҕин кулгаахпар…

Иккиэ эрэ этибит санаабытыгар,

Ырыа-тойук ортотугар.


Уруу аҕыс айдааныгар

Ким да кыһамматаҕа биһиэхэ.

Алгыы дуу, ымсыыра дуу, арай,

Биир билбэт киһим көрбүтэ.


Аастылар күннэр, сыллар…

Эн ырааххын, туспаҕын.

Аара көрсөн ардыгар

Симиктик дорооболоһоҕун.


Мин бүгүн өйдөөтүм

Ол киһи хараҕын —

Ымсыыра дуу, алгыы дуу,

Эн биһигини көрбүтүн…


Саха оноҕоһо

Подняться наверх