Читать книгу Саха оноҕоһо - - Страница 17
Саха итэҕэлэ
(циклтэн)
Оглавление***
Былыргы саха итэҕэйэрэ
Сир-дойду иччитигэр,
Ойуун хараҥа күүһүгэр,
Күн курдук айыыларга
Уонна бэйэтин аналыгар,
Чэрдээх илиитин имигэр.
***
Иэдээн иитигэр
Киирииһик диэтэҕинэ,
Киһини
Ыҥырар дииллэр
Иэйиэхсит-хотун.
Аатынан ааттаан
Алдьархайтан быыһаары,
Сэргэх санааны уһугуннаран
Сэрэтээри
Ыҥырар дииллэр…
Эргиллэн, төннөн
Кими да көрдөөмө,
Соһуйан баран
Сонно тута умнума,
Илгэлээх олоххун
Иилэн илдьэ сылдьааччы
Иэйиэхсит-хотун
Туһата суохха
Тыл ыһыктыбатаҕа буолуо,
Суолтата суохха
Саҥа таһаарбатаҕа буолуо…
***
Көрөөччүгүн дуо,
Көрүнньүккэ, быстахха
Тыа саҕатыгар,
Күөл кытыытыгар
Чэй оргутаары
Уот күөдьүттэххинэ,
Хайдах курдук
Иҥсэлээхтик умайарын,
Хайдах курдук
Үөрэн бычыгырыырын?
Көрөөччүгүн дуо
Күөх төлөҥҥө
Бытык күлүҥнүүрүн,
Хара чоххо
Хаас түрдэҥниирин?
Ол кини эйигин эҕэрдэлиир дьүһүнэ,
Ол кини эйигиттэн эрэйэр дьүһүнэ
Өбүгэҥ сиэрин —
Алгыс тылын, ас күндүтүн!
***
Айыыһыты айах тутан
Аны көрсүбэппит.
Баарын биллэрбэккэ,
Бэйэтин уустук үлэтин
Кимиэхэ да сэлээннээбэккэ
Кини оҥоро сырыттаҕа…
Саха аймах быста илик.
Ол аата баар Айыыһыт.
***
Сири-дойдуну мыыныма,
Саҥарыма улаханнык,
Илиигин кэдэрги тайаныма,
Кымырдаҕас уйатын
Ыһа да сорунума —
Элбэх бобуу быыһыгар
Син биир сыыһа туттара
Улааппытым мин…
***
Бааллар өссө атын иччилэр,
Хара санаалаах халыҥ аймах:
Үөр буолбут эрэйдээхтэр,
Абааһы диэн ааттаахтар,
Икки атахтан арахпакка
Чугаһынан сылдьаллар…
Илэ эрэ түбэһимиэххэ,
Этим тардар – бүтүөххэ!
***
Мин, аныгы үйэ киһитэ,
Итэҕэйэбин син биир
Сир, халлаан уонна күн
Алтыһар албастарыгар.
Икки атахтаах
Ууттан, уоттан, буортан
Арахсыбат тутулугар.
Итэҕэйэбин
Сахам айыыларыгар,
Олох устун
Араҥаччылаан илдьэ сылдьар
Өбүгэлэрим үҥпүт
Үтүө күүстэригэр.
Итэҕэйэбин
Тыл сэтигэр,
Сэрэнэн саҥарар,
Харыстаан саҥарар
Былыргы дьон сиэригэр,
Суруллубатах сокуоннарыгар.
Итэҕэйэбин норуотум
Үйэлэргэ муспут
Муудараһыгар
Уонна
Бэйэм илиим имигэр.
***
Сахалыы билбэт саханы
Үөхтүлэр төрөөбүт тылынан,
Кини сэрэйэ эрэ санаата
Тыллар тымныы суолталарын.
Сүлүһүнүн, уоҕун, сэнэбилин
Ситэ кыайан өйдөөбөтө,
Өбүгэлии сэргэх дууһатын
Туох да аймаабата.