Читать книгу Саха оноҕоһо - - Страница 20
Төрдүм туһунан
(циклтэн)
Оглавление***
Өбүгэлэрим өтөхтөрүгэр
Тахса сылдьа иликпин,
Эстибит олох оннугар
Баҕарбаппын тиийиэхпин.
Баҕарбаппын ол сири
Өрө таппат эрээри,
Хаамаайылыы, устугастык
Ааһыахпын харса суохтук.
Өбүгэлэрим өтөхтөрүгэр
Мин кыбыстыах курдукпун,
Эбэм-эһэм сиэрдэринэн
Оҥостубатах олохпуттан.
Бүтэй буруй дуу, иэс дуу
Баайар санаабын, атахпын…
Өбүгэлэрим өтөхтөрүгэр
Тахса сылдьа иликпин.
***
Мин эһэм олоҥхоһут эбитэ үһү.
Кини тугун да быраҕан туран,
Ырыа-хоһоон имэҥэр иирэн
Олоҥхолуура үһү.
Хас да киэһэ
Үлэһит дьон,
Чугас ыаллара
Кини фантазиятын абыгар ылларан
Истэллэрэ үһү.
Айыы бухатыырдарын
Ааттаах сырыыларын,
Хара албын сараланарын,
Үтүө санаа өрөгөйдүүрүн,
Баттаммыт-атаҕастаммыт
Байылыат олоххо тиксэрин,
Үтүмэн үйэлэр түгэхтэригэр
Сүппүт, тимирбит түгэннэри…
Мин эһэм олоҥхоһут эбитэ үһү.
Күннээҕи олоҕор
Дьаһала суох
Дьарамай киһи
Оҕо сааһыттан иринньэх бэйэтэ
Өрүттүбэккэ,
Эмээхсиниттэн – мин эбэбиттэн
Күн аайы үтүрүллэ,
Күн аайы мөҕүллэ
Олорбута дииллэр…
Оо, эбэм барахсан
Оҕонньоро туох да туһата суох
Дьарыгыттан кыыһыран,
Бука, сулуйан эрдэҕэ эһэбин!
Оҕо да, сүөһү да аччык хараҕын уйбакка,
Көмүлүөк оһохтоох балаҕан
Тымныытын тулуйбакка,
Бука, ыксыыра буолуо эмээхсин…
Оҕонньоро буолуохсут
Уоһун иһигэр баллыгырыы,
Татымнык тутта,
Сыыһа-халты саҥара,
Санаата ыраах дайа,
Баар эрээри, суох курдук,
Соһуйбут дьүһүннээх сылдьара —
Абаккатын эбитин!
.................................................
Оҕонньор өлбүтэ эрдэ.
Эмээхсин сиэннэрин көрбүтэ,
Отучча сыл өссө да олорбута…
Үөһэ тыынара сороҕор
Уонна этэрэ:
«Устар ууну сомоҕолуур,
Күөх лабааны саһардар
Илбистээх тыллааҕы
Били барахсан
Туура тэппэтэҕэ дьиктитин,
Кини киһи ыччатыгар
Салҕамматаҕа хобдоҕун…»
Ол курдук ахтара оҕонньорун.
Билэрэ – ким да хардарбатын,
Олоҥхо олохтон атынын.