Читать книгу Саха оноҕоһо - - Страница 21
Саҥа киһи кэлбит түүнэ
Оглавление1
Түүн үөһүн батыһа
Талыы аһыы абытайа
Уотунан кымньыылыыра,
Уотунан хаарыйара…
Ол бүтэй хараҥаҕа,
Ол сытыы ыарыыга
Сарсын күн үүнүөҕүн
Мин итэҕэйбэтим.
Биири эрэ билэрим —
Саҥа киһи иһэрин.
2
Сарсыардааҥҥы күөх барыарга
Быыһаммыт сылаабар ылларан,
Утуйар-утуйбат сыппытым…
Ким эрэ сылаас тыына илгийбитэ,
Ким эрэ сымнаҕас куолаһа иһиллибитэ,
Үрдүбэр үөһэттэн сибигинэйбитэ:
«Барыта этэҥҥэ, этэҥҥэ…»
Уонна харахпын аһыам икки ардыгар
Үрүҥ эҥэрэ «элэс» гынан,
Сырдык сыдьаайы батыһыннаран,
Палататтан тахсан барбыта…
Ол Иэйиэхсит илэ бэйэтэ
Биллэн ааспыта эбитэ дуу,
Хайа эрэ аһыныгас сиэстэрэ
Кэлэн барбыта эбитэ дуу?
***
Мин аҕаллым
Бу орто дойдуга,
Үрүҥ күн анныгар
Биир кыра киһини.
Мин биэрдим киниэхэ
Алааһым алгыһын,
Сулуһум сипсигин,
Төрөөбүт тылын
Бастакы минньигэс сүмэтин…
***
Эн миэхэ амсаттыҥ
Дьол кымыһын.
Толору кутуллубут
Чороонтон
Амсаттыҥ
Дьол дыргыйбыт амтанын,
Олох дьиҥнээх амтанын…
Мин билигин
Туохтан да
Куттаммаппын,
Туохтан да
Маппыт саҕа санаммаппын —
Мин испитим
Дьол кымыһын
Тапталлаахпын кытта!
***
Тапталлааҕым, утуй, утуй…
Оҕо курдук холкутук,
Оҕо курдук дэлэйдик!
Түүлгэр эйиэхэ киирдиннэр
Сиппэтэх соноҕосторуҥ,
Тиксибэтэх кытылларыҥ,
Ыраахтан ыҥыра дьиримниир
Кыра, чаҕыл сулустарыҥ.
Утуй, утуй, тапталлааҕым,
Бухатыыр курдук кытаанахтык,
Бухатыыр курдук сэргэхтик!
Кыайыы, өрөгөй сыдьаайа
Сырдаттын күөх түүллэргин,
Көһүннүн онно угуйа
Саҥа айан аартыга.
Тапталлааҕым, утуй, утуй…
Мин эн уугун харабыллыам,
Араҥаччылыам, аһыныам!