Читать книгу Саха оноҕоһо - - Страница 19

Удаҕан ырыата

Оглавление

Аар-татай, оҕолоор!

Айыыһыт-хотун

Алҕаабыт дойдута,

Иэйиэхсит-хотун

Иччилээбит сирэ

Айгыраабытын ньии,

Иэдэйбитин ньии!

Орто дойдум

Сис тыатын,

Ааттаах күөллэрин,

Кыра алаастарын

Иччилэрэ

Иринньэхсийбиттэрин ини,

Дьүкээрбиттэрин ини!

Айах тутуллан,

Алгыс этиллэн

Сиэр быһыытынан

Мааныламмакка,

Өбүгэ үгэһинэн

Күндүлэммэккэ

Айыы күүстэр

Кэлэйдэхтэрэ буоллаҕа,

Хомойдохторо турдаҕа!

Ол оннугар

Кырыылаах хараҕынан

Кынчарыйа одуулаһан

Илбис кыыһа Эбир Кутурук

Илэ бэйэтэ элэҥниир буолла,

Иҥсэ иччитэ Салбаныкы-Куо

Сөрүөччү таттара сүөдэҥниир буолла…

Дьонум-сэргэм

Санаата сатарыйбытын,

Майгыта маратыйбытын,

Кэскилэ суоҕу кэрэһилээн,

Дириҥэ суохха дураһыйан,

Ыыра кыччаан,

Кыаҕа мөлтөөн,

Холорук да оҕото

Хайыта сөрүөҕүнүү

Күүстэрэ сөллөн,

Абааһы аймаҕа

Ааранан алдьатыаҕыныы,

Санаалара сахсайан

Сырыттахтара эбитин!

Аар-татай, оҕолоор!

Буолумуна даҕаны,

Инчэҕэй эттээх,

Иннинэн сирэйдээх

Бу орто дойдуга

Бэрт кыраттан

Тутулуктаах эбээт!

Силигэ сиппит сир ийэ дойду,

Килбэйэр иэннээх

Киҥкиниир киэҥ халлаан

Айылҕаттан айыллыбыт оҥоһуута,

Былыргыттан быһыллыбыт быыһа

Быһыта тыытыллан,

Тоҕута анньыллан

Алдьанаахтыыр кэмигэр

Айыы да айыы буолаахтаабат,

Иччи да иччи буолаахтаабат,

Сиэр-майгы ситэриллибэт,

Кэлэр кэнчээри кэскиллэммэт.

Сэт-сэмэ ситэр кэмэ

Кэлээхтээбит диэтэҕим,

Кырыыс-муҥ булар күнэ

Буулаабыт диэтэҕим!

Төрөппүт оҕоҕут

Төрөөбүт тылынан

Төлкөлөөбөт буолбутугар,

Аарыма кырдьаҕас

Алгыстаах тыла

Аара хаалбытыгар,

Иҥсэ-обот эмэгэтин

Икки атахтаах

Үҥэр таҥара оҥостубутугар

Буруйдаах

Бэйэҕит бааргыт!

Сытыы саҥалаахтар,

Өркөн өйдөөхтөр

Өссө да үөскүүллэр эбээт,

Кинилэр этэллэрин,

Кинилэр эҥсэллэрин

Иһиллиэҕиҥ дуу,

Истиэҕиҥ дуу!


Мин буолуохсут

Сыналыйбыт сыналыйыым,

Ынчыктаабыт ынчыгым,

Мэнэрийбит мэнэрийиим

Үрүҥ Айыы тойоҥҥо,

Күн Күбэй хотуҥҥа

Тиийиэхтэрэ буоллун!

Кинилэр бааллар

Иилээн-саҕалаан

Илдьэ сылдьар айыыларбыт,

Аһынан-харыстаан

Араҥаччылыыр айыыларбыт!

Ону даҕаны

Истээччи истиэҕэ,

Көрөөччү көрүөҕэ,

Өйдөөччү өйдүөҕэ…

Аар-татай, оҕолоор!

Сымыйа диэтэххитинэ

Сыта-тура ырытыҥ,

Сыыһа диэтэххитинэ

Сыыска түһэриҥ!

Эрэйдиир санаабын

Эстэҕим буоллун,

Этиэхпин баҕарбыппын

Эттэҕим буоллун!


***

Оо, мин тылым – кырыыһым!

Удаҕанныы өтө көрө,

Бэйэм да иннибин быһа этэ,

Сэттээхтик тыллаһабын…

Оо, мин тылым – алгыһым!

Үтүөнү түстээн эппитим

Мэлдьи туола туруохтун,

Куруук илэ биллиэхтин!

Оо, мин тылым…


Саха оноҕоһо

Подняться наверх