Читать книгу Саха оноҕоһо - - Страница 15

Аҕабар

Оглавление

Аҕаа, эн сииктээх буорга тиксибэтэх

Санааҥ сорҕото, дууһаҥ кыыма буоламмын

Омуннаах бааллаах орто дойду олоҕор

Ааккын ааттата, дьүһүҥҥүн саната сылдьабын.


Мин олоҕум атын эйиэнинээҕэр.

Сиртэн тэйбит курдукпун сороҕор.

Эн этэриҥ дии тыл күүһүн туһунан.

Мин ол күүскэ үҥэбин, сүгүрүйэбин.


Ким да миэхэ биэрбэт ол күүһү,

Ким да эппэт хантан ылары.

Ол күүс мин дууһабар үүнэр,

Сороҕор буомурар, сороҕор күүһүрэр.


Аҕаа, мин кыра эрдэхпинэ эйигиттэн

Сэрии туһунан элбэхтик ыйытарым

Уонна эн сэриигэ сылдьыбатаххыттан

Тоҕо эрэ испэр кистээн кыбыстарым.


Сэрии кэминээҕи наҕараадаҕын —

«Үлэҕэ килбиэнин иһин» медальгын

Кэппэт этиҥ… Уонна буруйдаахтык:

«Харахпынан ылбатахтара», – диириҥ.


Аҕаа, билигин дьэ өйдүүбүн

Ол кыра медаль дьиҥнээх сыанатын.

Кини чэпчэки тимиригэр

Эн көмүс көлөһүнүҥ кутуллубутун.

Миэхэ хаалларбыт кэриэскин

Мин кэспэтим олохпор, аҕаа,

Сатыыбын бэйэни астыммат буолары,

Көстүбэт иэстэрбин ааҕары, түмэри…



Вера Кирилловна Захароваҕа


***

Вера Кирилловна, Эн кыыһырыма,

Мин эмиэ саҥаттан ааспыты ахтарбар,

Эн эдэр саастаргын уотунан хаарыйбыт

Кырыыстаах сэриини саната сатыырбар.

Билэбин ыарахан, сүрэххэр ыарахан

Ол күннэр, ол түүннэр сордорун эргитэр,

Сэрии бүппэккэ дууһаҕар сылдьарын

Биһиэхэ долгута тириэрдэр.

Ол эрэн, Эн тахсаар көнөтүк туттаҥҥын,

Көстүбэт кынаккын санныгар уйаҥҥын,

Кытаанах эрэллээх, тостубат санаалаах

Алаастан тахсыбыт кыыс-саллаат.

Истиэм аан бастаан истэрдии

Эн үрдүк, Эн ыраас куоласкын,

Соһуйа сүрэхпэр иҥэриэм

Мин иннинэ буолбуту.

Вера Кирилловна, мин өйдүөм

Эйэ диэн тылга Эн тугу кистииргин,

Бу орто дойдуга улахан иэспин

Хайдах, ханна төлүүрбүн.

Мин баҕарабын 41 сыллаахха

Чараас кынаттаах кыыс буолуохпун

Уонна Эн курдук сэрии уотуттан

Кынаппынан дойдубун сабыахпын.

Мин баҕарабын билиҥҥи күннэргэ

Эн дууһаҥ төлөнүн аттыгар буолуохпун

Уонна ол уот кырдьыксыт сыдьаайынан

Дууһабын, сүрэхпин, олохпун тэҥниэхпин!


***

Мин сотору букатын барыам,

Барыам эдэр сааспыттан,

Кыбыстыбыттыы кистии тутуом

Көхсүбэр баар кынаппын.


Бутуур, кэрэ ыраларбын,

Ыраларбын күлэ саныам,

Буор суолга чиҥник үктээн

Хаамарга мин үөрэниэм.


Сиртэн тэйэ үөһэ дайарбын,

Дайарбын таһыччы умнуом,

Халлаан сулуһун сипсигин

Сатаан истибэт буолуом.


Дьону үтүктэн өссө сороҕор,

Сороҕор мөҕүөм эдэрдэри,

«Урут биһиги… Биһиги урут…» —

Хос-хос саҥаттан баллыгырыам.


Ол курдук өөр да өр олоруом,

Олоруом курустук, нүһэрдик.

Арай ыалдьыа хаарга-ардахха

Тостубут кынатым дьарҕата…


Саха оноҕоһо

Подняться наверх