Читать книгу Биһиги Аан Дархаммыт - - Страница 10

Бастакы түһүмэх
Хотуттан хотоҕой анньынан
Истиҥ Таптал. Ыал буолуу

Оглавление

Көрөөччүлэр музей-дьиэни көрөн-истэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, бырааһынньыкка сылдьыбыт саҕа сананан дуоһуйан тарҕаспыттарын кэннэ Михаил Ефимович музейы тэрийээччи аҕыйах үлэһити кытта хаалан, салгыы кыратык сэһэргэһэ түстэ. Дьоно остуол, иһит-хомуос хомуйар кэмнэригэр дьиэтин иһин, хостору кэрийэн көрүтэлээтэ. Эдэр сааһын эргитэ санаан, ахтылҕан сылаас иэйиитигэр хам куустаран турда. Түөрт уонча сыллааҕыта саҥардыы ыал буолбут эдэр дьон, улахан кыыстарын Оляны көтөхпүтүнэн, бу дьиэ боруогун аан маҥнай атыллаан киирбиттэрэ. Ол букатын бэҕэһээҥҥи курдук ээ, күн-дьыл биллибэккэ түргэнник да ааһар буоллаҕа…

Институт спортивнай саалатын киэҥ уораҕайын уҥа өттүгэр гимнастическай снарядтар эҥин эгэлгэ көрүҥнэригэр кулуһун курдук көнө уҥуохтаах, дьороҕор таһаалаах кыргыттар киһи кыайан үөйбэт араас уустук хамсаныыларын оҥорон имиллэ-мускулла оонньууллар. Кинилэр ортолоругар намчы көрүҥнээх, сырдык хааннаах эдэркээн саха кыыһа брусья үөһээ-аллараа туорайдарыгар тииҥ курдук ыйаастан имигэстик имиллэҥнээн, араастаан эргичийэн кулахачыйара харахха ураты быраҕыллар. Атын да снарядтарга толорор хамсаныыларын дьүөгэлэринээҕэр быдан ыраастык, чуолкайдык, чэпчэкитик оҥорор.

Штангистар секциялара гимнастар кэннилэриттэн саҕаланара. Инньэ гынан кыргыттар дьарыктаналларын үксүгэр баттаһа кэлэн, кинилэр тупсаҕай быһыыларын-таһааларын, киһини кэрэхсэтэр дьикти хамсаныыларын сөҕө-махтайа көрөр буолаллара. Оттон кыргыттар эрчиллиилэрин кэнниттэн гардеробнайга киирэн таҥастарын уларытта сылдьан, диискэлэри уларытан-тэлэритэн тимир тимиргэ охсуллар тыастаах саалаҕа бигэ-таҕа көрүҥнээх, быыппастыгас быччыҥнаах уолаттар штанганы кытта эриһэн чиччигинэһэ мөхсөллөрүн кэлэ-бара истэ-көрө сылдьаллара. Онон күн-дьыл ааһан истэҕин аайы бэйэ-бэйэлэрин хардарыта кэрэхсии, сэргии көрөр түгэннэрэ элбээн испитэ. Сорохтор сыыйа билсэн-көрсөн, чугасаһан барбыттара.

Гимнасткалартан саамай бастыҥнара, нарын-намчы көрүҥнээх Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун төрдүс курсугар үөрэнэр Дора Сухаринова институт уонна куорат вузтарын гимнастикаҕа чемпионката буоларын манна үөрэнэр Саха сирин студеннара бары билэллэрэ. Кини бииргэ үөрэнэр дьүөгэлэриттэн саамай эдэрдэрэ, нарыннара, сэмэйдэрэ этэ. Ол иһин биир хоско олорор дьүөгэлэрэ кинини балтыларын курдук көрөр-истэр, харыстыыр, араҥаччылыыр этилэр. Бу хайыы-үйэҕэ үрдүкү курска тиийэ охсубут, куорат биир бастыҥ спортсменката буолбут эдэркээн кыыһы быйыл маҥнайгы курска саҥа үөрэнэр Миша кэрэхсии, сөҕө, толло көрөрө. Сыл аҥаарын устата биир институкка үөрэнэр уонна спортивнай саалаҕа хардарыта солбуйсан дьарыктанар буоланнар, быыска-арыкка уонна аасыһан иһэн хам-түм утарыта түбэсиһэн бэйэ-бэйэлэрин көрөн билэр этилэр.

Миша бүгүн штангистартан ким-хайа иннинэ кэлэн таҥаһын уларытта ааһан иһэн көрдөҕүнэ, гимнасткалар бары снарядтарга солбуһа сылдьан араас эрчиллиилэри толоро сылдьаллара. Кинилэр ортолоругар Дора эмиэ баарын үөрэ көрбүтэ. Киирэн таҥаһын уларыттан, дьарыктанарга аналлаах спортивнай трикотун кэтэн, аҕыйах разминкаланар хамсаныылары оҥорбута. Гардероб аһаҕас ааныгар кэлэн сааланы одууласпыта. Гимнасткалар дьарыктанан бүтэн, утуу-субуу хосторугар таҥна барбыттара. Дора дьүөгэлэриттэн арыый хаалан, гимнастическай бэрэбинэ үрдүгэр ханнык эрэ уустук хамсаныыны хатылаан, аҥаар атаҕар биэтэҥнээн сүр имигэстик төттөрү-таары эргийэн кулахачыйар, ханнык эрэ элемени чочуйан хос-хос оҥорор. Миша, долгуйа, толло да быһыытыйдар, быһаарыылаах түгэҥҥэ куруук бэйэ бодотун тардына, холкутук тутта үөрэммитинэн, сорунуулаахтык иннин диэки хардыылаан аҕыйах хаамыынан кыыс таһыгар баар буола охсон хаалбытын бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалбыта. Тиийэн туох диэбитин билигин бу диэн чопчу хатылыыр кыаҕа суоҕун иһин биири – кыыс кини кэлиэхтээҕин кэтэспит курдук умса көрбүт килбик нарын мөссүөнүн чуолкай өйдүүр. Ол дьикти симик көстүү, хаһан да өлбөөдүйбэт кэрэ хартыына буолан, кини өйүгэр-санаатыгар хам хатанан, үйэ-саас тухары умнуллубаттык иҥэн хаалбыт. Хаһан да, ханна да буоллун, кэмиттэн-кэмигэр соҕотохсуйа, чуҥкуйа эрэ түстэр, маҥнайгы ыраас тапталын сырдык мөссүөнүн кэрэ хартыына буолан көстөн кэлэр дьикти дьайыыта ордук сааһыран истэҕин аайы эбии тупсан, киэркэйэн иһэргэ дылы. Бүгүн эмиэ бу ыал буолбут олохторун маҥнайгы биһигэр эргиллэн кэлэн үйэ аҥаарын кэриҥэ анараа өттүнээҕи кэм өйтөн сүппэт чаҕылхай түгэнин илэ-бодо көрөргө дылы гынна.

Билсиһиилэрэ, бэйэ-бэйэлэрин итэҕэйсэн сыыйа бодоруһуулара оччотооҕу ыччат судургу сиэринэн туох да уустуга, мэһэйэ суох көнө суолунан барбыта. Сотору-сотору көрсүһэр, киинэҕэ, театрга, күрэхтэһиилэргэ, библиотека ааҕар саалатыгар бииргэ сылдьар буолбуттара. Дора дьүөгэлэрэ, кинини араҥаччылыыр, харыстыыр бииргэ олорор кыргыттара, Миша Николаевы бары өттүнэн эҥкилэ суох, бэрээдэктээх, үчүгэй уол быһыытынан билинэн, кыыстарыгар сүбэ-ама буолан, эдэрдэр сыһыаннара бөҕөргүүрүгэр кыһалла, көмөлөһө сатыыллара. Ол иннинэ биир кэлбит-барбыт сытыы, солуута суох элбэх саҥалаах уол Дораҕа иҥээҥнээри соруна сылдьыбытын дьүөгэлэрэ төрүт чугаһаппатахтара. Истиҥ доҕордуу сыһыан, эрэллээх өйөбүл, көмө диэн онно баара.

Сылтан ордугунан Дора үөрэҕин бүтэрэн дипломун ылан, оттон Миша иккис курсу бүтэрэн, сайыныгар иккиэн бииргэ дойдулаабыттара. Өктөмҥө Миша дьонугар тахсаннар дьоллорун холбоон ыал буолбуттара. Дора Уус-Алдан оройуонугар ветеринарынан ананан Бороҕоҥҥо көспүтэ. Миша үөрэҕин салгыы Омскайыгар төннүбүтэ. Төрдүс курс кэнниттэн дойдутугар кэлэн производственнай практикатын кэргэнэ үлэлиир сиригэр барбыта. Үс ый ветеринардаан Уус-Алдан фермаларын, бэлэсипиэтинэн сылдьан, барыларын кэрийбитэ. Субуотунньуктарга кыттан Бороҕон пааркатын тутууга үлэлэспитэ. Түөрт сыл штанганан утумнаахтык дьарыктанан күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьара. Охтубут тиити сүгэн баран талбыт сиригэр тэлэкэчитэн илдьэрин дьон сөҕө-махтайа көрөрө. Сорох уолаттар дьиибэлэнэн тиит төбөтүгэр ыйааһыннахтарына, билиммэккэ сүгэрин сөҕөн кэпсииллэрэ.

Ол сайын Дьокуускайга республика норуоттарын фестивалыгар Дора оройуон самодеятельнай коллективыгар киирсэн кытайдыы үҥкүүнү толорон кыттыбыта. Оттон Михаил республика спартакиадатыгар штангаҕа күрэхтэһэн сахалартан спорт бу көрүҥэр бастакынан маастар буолбут Михаил Скрябин кэнниттэн иккис миэстэҕэ тахсыыта улахан ситиһии этэ. Ыраас таптал иэйиилээх, эдэрдии көрдөөх-нардаах үчүгэй да кэм ааспыта ол сайын.

Нөҥүө сылыгар үөрэҕин бүтэрэн кэлиитигэр Дората кырачаан кыыстанан көрсүбүтэ. Соҕотох бэйэтэ үһүөлэһэн, ыал аҕата, бүтүн дьиэ кэргэн баһылыга буолар үрдүк чиэскэ, үөрүүгэ тиксэр дьол эмискэ түмүллэр өрөгөйдөөх үтүө кэмигэр сүбэлэһэн баран, аҕатын уҥуоҕа хаалбыт, оскуолатааҕы эдэр, оҕо сааһа ааспыт сиригэр Эдьигээҥҥэ 1961 сыл күһүнүгэр үлэлии кэлэн бу дьиэҕэ киирбиттэрэ.

Биһиги Аан Дархаммыт

Подняться наверх