Читать книгу Биһиги Аан Дархаммыт - - Страница 2

Биһиги аан дархаммыт
Пролог

Оглавление

Айгыр-силик айылҕа эгэлгэлээх эйгэтин тыынар тыыннааҕын биһигэ атааннаах-мөҥүөннээх Орто Аан Ийэ Дойду айылгылаах далбара Күн Сирэ аатыран айыллыбыта, наукаҕа биллэринэн, биэс миллиард кэриҥэ сылга тэҥнэһэр. Бу үлүгэрдээх санаан көрөн санаа тиийбэт быралҕан мындаа кэм усталаах-туоратыгар Сир Ийэ тас көрүҥэ, быһыыта-таһаата хайдах уларыйан, дьүһүн кубулуйан бүгү күннээххэ тиийэн кэлбитин, күннээҕи олох кыһалҕатын үтүргэннээх түбүктэригэр үтүрүйтэрэн, өйгө-санааҕа иҥэр гына ырыҥалыы сатаабыт түгэммит үксүбүтүгэр тиксибэтэҕэ чахчы.

Ааспыт кэм бэлиэлэрэ, күн-дьыл халыҥ дьапталҕатын хасыһан үөрэтэр анал идэлээхтэр этэллэринэн, киһи сөҕүөн курдук, үөйүллүбэтэх үгүс дьиктилээхэй чахчыларынан кэрэһилэнэр эбит. Ол курдук, Сир айыллыбыт кэмин уон гыммыт тоҕуһун, ол аата түөрт миллиард сыл, устата ото-маһа суох сыгынньах таас хайалардаах, уотунан уһуура турар орулуу мөхсөр булкааннардаах, кыйыра көтөр кыһыл кумах кырдайдаах хаҕыс көстүүлээх иччитэх кураайы дойду буолан турбут. Ханна эмэ тыынар тыыннаах сибикитэ биллиэ дуу, от-мас сиккиэрэ сипсийиэ дуу? Арай курас тыал куугуна, барылыыр байҕал балкыыра эрэ иһиллэрэ.

Кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут, Сир Ийэ сириэдийэ ситэн эмэнсийэ барыыта, баара-суоҕа биэс сүүс мөлүйүөн сыл (Сир сааһынан) бэтэрээ өттүттэн эрэ, булкааннар дьайыыларынан чычаас муоралар сылаас олбохторугар тыллыбыт тыыннаах килиэккэлэр судургу көрүҥнэриттэн сиик-симэһин тардан хамныыр харамай, тыынар тыыннаах салахай сыдьааннара үөскээн барбыттара биллэр. Сыраан-салыҥ курдук салахайдыҥы тыыннаах килиэккэлэр муҥутуур судургу көрүҥнэрэ сыыйа сайдан, уустугуран бастаан уу олохтоохторо – балык бииһин эгэлгэ көрүҥэ баар буолар. Онтон салгыы сайдыы үгүс сүүс мөлүйүөнүнэн сылларын кэнниттэн, көтөр кынаттаах, араас кыыл-сүөл, үөн-көйүүр бииһэ дэлэччи үөскээбитин эрэ кэннэ, иэгэйэр икки атахтаах, идьээн эттээх бороҥ урааҥхай Сир үрдүгэр баар буолбут бэлиэтэ муҥутаан икки-үс эрэ мөлүйүөн сылынан быһаарыллар. Кыыллыы бодолоох икки атах бииһэ баар буолбут кэмин үс сүүс гыммыт биириттэн ураты кэмигэр бүүс-бүтүннүү кэриэтэ дьиикэй аҥаардаах таас үйэ киһитин өйүн-санаатын тутан сылдьыбыта, билиҥҥи сыанабылынан, олохпут историятын биир сөҕүмэр чахчыта буолар. Сыччах кэлиҥҥи уон тыһыынча сылтан эрэ бэттэх аныгы киһи киэбинэн үүнэр-сайдар суола саҕаламмыта.

Бу чыпчылыйан баран эҕирийиэх эрэ түгэнэ кэм устатыгар киһи аймах бииһэ кэмэ суох үөскээн сири сиксигинэн сириэдийэ тарҕанна, Аан Ийэ Дойдуну атыйахтаах уу курдук аймыы хаамта. Өйө-санаата үллэр күөстүү өрө күүрэн, күнтэн-күн, дьылтан-дьыл билиитэ-көрүүтэ, сатабыла-сабаҕалааһына салаҥнык сайынна, уоҕа-кылына көмүөл күүһүнүү күрүлүү көөнньө. Сүөргүтэ-дьулаана баар, төһөнөн үүнэр-сайдар да, соччонон күүһэ-күөмчүтэ улаатан, быһыыта-майгыта сатарыйан иһэр саҥнаах буолар эбит.

Дэлэҕэ даҕаны уус-уран тылынан айымньы сүдү мэҥэ өйдөбүнньүгүн (пааматынньыгын) – олоҥхону айбыт аарыма өбүгэлэрбит араас быһылааннардаах олохторун, айаннарын аартыгын ахтан-санаан хоһуйалларыгар «атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ Дойду» диэн иһэ истээх, дириҥ ис хоһоонноох этиилэрэ уос номоҕо, төрүт тылбыт дэгэтэ буолан күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэлиэ дуо?! Орто туруу бараан дойду айылгылаах ньуурун далбарыгар хамныыр харамай, тыынар тыыннаах үгүс бииһин ууһа үрүт-үрдүгэр үтүрүһэн үөскээн баар буолуоҕуттан ыла сирдээҕи олох мүччүрүйбэт иэһинэн, тулхадыйбат ыйааҕынан үөн-көйүүр, кыыл-сүөл сүүрэр атахтааҕын, көтөр кынаттааҕын утарыта көрүҥнэрэ бэйэ-бэйэлэрин үтэ оҥорсон күн анныгар тыыннаах ордор, олох олорор аналлаахтара буолар эбит. Ол эрээри айылҕа сокуонунан дьүөрэлэһэн хайа да көрүҥ атын көрүҥү букатын эһэн кэбиспэт, төттөрүтүн бодоҥун, мөлтөҕүн ылҕаан, чэгиэнтэн чэгиэнэ ордон иһэригэр көмөлөһөр буолар эбит.

Киһи аймах бииһэ, төһө даҕаны сайыннар, өйүн күүһэ үрдээтэр, син биир кыыллыы кэмэлдьититтэн арахса охсор кыаҕа суох быһыылаах. Киһи кыылтан уратыта – бэйэ бэйэтигэр кырыга, аһыныгаһа суоҕа, кубулҕата, албаһа кинини саамай дьулаан күүһүнэн оҥорор. Дэлэҕэ даҕаны биирдиилээн киһититтэн бүтүн судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа тиийэ, омук-омук утарыта күрсэр иирсээнэ, сэриинэн тииһигирэр айдаана улаатыа дуо? Оччотугар буоллаҕына, олох оҥоһуутун, дьылҕа ыйааҕын сүрүн оҥкула айылҕа дьайыытын көстүбэт күүһүнэн салаллан, улахан кыраны, күүстээх мөлтөҕү симэлитэн улаатар, кыаҕырар эйгэтэ үөскүүр. Онон сиэттэрэн, биир атыны сэриилээн, кырган сир үрдүттэн букатыннаахтык сүтэрэр кырыктаах кыдьыгын ааспыт историябыт хобдох холобурдарыттан үгүһү билэбит, өйдүүбүт.

Сир үрдүгэр аҕыйах ахсааннаах омук буолан айыллан үөскээһин – таҥара накааһа. Нуучча улуу үгэһитэ Иван Крылов «күүстээххэ куруук мөлтөх буруйдаах» диэн эппитинии, кыра омук куруук үтүрүллүүгэ-хабырыллыыга, төрүт даҕаны симэлийэр кутталга сылдьар аналлаах. Онон бэйэтин харыстанар, көмүскэнэр булугас өйө-санаата имигэс, сытыы буолара кини олоҕун ирдэбилэ. Муустаах муора тула олорооччу хотугу эргимтэ дьонун айылҕалара, олохторун усулуобуйата киин, сылаас сиргэ олорооччулардааҕар, биллэрин курдук, уонунан төгүл ыараханын быһыытынан, кинилэр быһыылара-майгылара, өйдөрө-санаалара соччонон сиэрдээх, күүстээх буоларыгар олорор эйгэлэрэ бэйэтэ күһэйэр. Ол да иһин үйэ анараа өттүнээҕитэ Өксөкүлээх өскөтүн улуу омук «…үгүс үтүөнү үөдүппүт, үс дойду өйүн үксэппит үтүө үөрэҕин» ылынан, өйбүт-санаабыт күүһүнэн тиис тиискэ, муос муоска буолан турууласпатахпытына, сүүс сыл иһигэр өтөхтүүн сүтүөхпүт, уоттуун умуллуохпут диэн сэрэтэн эппиттээх. Дьэ ол этиитэ сүүс сыла туолан эрэр кэмигэр сүппэккэ-өспөккө омук быһыытынан туспа уратыбытын, тылбытын-өспүтүн, култуурабытын сүтэрбэккэ син баччаҕа диэри тиийэн кэллэхпит.

Тыыннаах ордуохпут быатыгар, улуу бөлүһүөкпүт дьылҕабытын түстээһинэ туолбатаҕар үс сүрүн төрүөт баарын көрүөххэ сөп. Бииринэн, Саха сиригэр икки мөлүйүөн бааһынайы көһөрөргө былааннара тохтооһуна, иккиһинэн, Маҥнайгы аан дойду сэриитин саҕаланыыта, үсүһүнэн, өрөбөлүүссүйэ түмүгэр автономия ылынан үөрэххэ сыстыыбыт. Ити сабыытыйалар тахсыбатахтара буоллар, хара баһаам киһи тоҕо ааҥнаан кэлиитигэр хоту үтүрүллэн, үөрэххэ-сырдыкка тардыста охсон утары туруулаһарбыт биллибэт этэ.

Планета саамай тыйыс айылҕалаах Тымныы полюһугар олохтоох саха омук соҕуруу Становой хайалар тэллэхтэриттэн Хотугу полярнай эргимтэ быыһыгар тиийэ Илин Сибиир үрдүнэн сылгы-ынах сүөһүнү дэлэччи иитэн, бу хаҕыс, хабараан тымныылаах дойдуну сылаас тыыннаан, бүтүн киһи аймах иннигэр оҥорбут үтүөтүн-өҥөтүн, хорсун быһыытын хатылаабыт, хатылыыр кыахтаах да атын омук аан дойду үрдүнэн баара биллибэт. ХVII үйэҕэ Саха сирин булбут нуучча хаһаахтара кылгас кэм иһигэр саха сылгытын моонньугар, аһын-үөлүн үтэлэнэн, олохтоох норуот хоһуун, дьорҕоот дьонун сирдьит оҥостон, Илин Сибиири, Уһук Илини тилийэ сүүрэн Чуумпу акыйаан кытылыгар тигистэхтэрэ дии. Хотугу байҕал биэрэгин чинчийэр экспедициялар, улуу географическай арыйыылары оҥорбут айанньыттар бары Саха сириттэн, Дьокуускай куораттан тэриллэн бараллара. Ол тэрээһин сүпсүлгэнэ, үлэтэ-хамнаһа, аһа-үөлэ барыта саха дьонун үрдүнэн барара. Сыллата тыһыынчалыынан аты сэптэри-сэбиргэллэри, сүүһүнэн оҕус көлөнү сыарҕалары олохтоохтор суоттарыгар ылан, сирдьитинэн, болуотунньугунан, ындыыһытынан, илии-атах үлэтин ыараханыгар хастыы да сүүс дьон киэнин чэгиэнин, кыанарын уһун, сылы-сылынан болдьоххо буор-босхо күһэйэн үлэлэтэллэрэ. Кэлин эрэ сыыйа ыар кыһалаҥ үлэ соболоҥо, суолтатыгар да буоллар, төлөнөр буолбута.

Сүүһүнэн сылларга уһук хотугу сиргэ саһан-бүгэн олорбут, сытар ынаҕы туруорбат сытыары-сымнаҕас майгылаах, айылҕа кыһарҕаныттан тыыннаах хаалар инниттэн үлэттэн атыны билбэтэх көнө санаалаах, дьоҕус ахсааннаах, киэҥ нэлэмэн Саха сиригэр арҕам-тарҕам, үрүө-тараа олохтоох сайаҕас-сайдам саха дьоно муҥнаахтары сэрииһит хаһаахтар буораҕынан эстэр үрэр саа күүһүнэн самнаран, бэриннэрэн, бас-көс дьоннорун аманаат диэн ааттаан солуок тутан, дьаһаах хабалатыгар хам ылбыттара. Оччотооҕу хаҕыс кэм хабыр сыһыанын эттэринэн-хааннарынан толуйан, ыар дьылҕаны сүгэн өспүт өбүгэлэрбит ураты тулуурдарын, мындыр өйдөрүн, олоххо тардыһыыларын сөҕүмэр күүһүн түмүк дьайыытын кинилэр сыдьааннара, силистэрэ-мутуктара, аныгы сахалар, биһиги, туһанан олордохпут.

Көҥүлү күөмчүлэтии, күүс өттүнэн дьаһаах хабалатын соҥнооһун, төһө да кэнэммит, муҥутахпыт иһин, хайаан эйэ дэмнээхтик, үтүө сөбүлэҥинэн барыай? Утарсыы, күөн көрсүү буолбута история чахчыта. Күүтүллүбэтэх ыалдьыттары бастакынан көрсүбүт, утарсыы оҥорбут саамай халыҥ, тэрээһиннээх-түмсүүлээх, бүтүн саха омукка тумус туттар, күөн көрсөр улахан уус холбоһугун, хаҥыл хааннааҕынан аатырбыт Хаҥалас тойон ууһун бас-көс өттө, Тыгын уолаттара аймахтыын-чаҕардыын, боотурдуун охсуһуу толоонугар охтубуттара ааспыт кэм кырдьыга. Кинилэр сирдэрин-уоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин тустарыгар саха бөдөҥ уустарын түмэн тыыннарын толук уурбут бэйэлэрин норуоттарын патриоттара буолалларын биһиги, билиҥҥи сыдьааннара ааттаахтар, билиммэт буолуохпутун сатаммат. Онно бүгүҥҥү сыһыаммыт, сыанабылбыт, мөккүөрбүт хайдаҕа туһунан кэпсэтии.

Хаҥаластар Тыгын инниттэн саха омукка баһылыыр-көһүлүүр оруолларын учуонайдар түҥ былыргы түүрдэр историяларын кытта ситимнииллэр. Хаҥылы диэн Орто Азияҕа Сыр-Дарья өрүс тардыытыгар олоро сылдьыбыт биис ууһун билиҥҥи казахтар, атын да түүр тыллаах омуктар бэйэлэрин төрүттэринэн ааҕыналлар эбит. Былыргы тойон ууһун төрүттэрэ буолбут хаҥаластар баһылыктара Дойдуһа Дархан, Мунньан Дархан, Тыгын Дархан саха омукка бас-көс дьон буола сылдьыбыттара үһүйээннэртэн биллэр. Кинилэр сыдьааннара Маһары, Соппуруон Сыраанап саха дьылҕата ураты ыараабыт кэмнэригэр саханы быыһыыр, олоҕун чэпчэтэр суолу-ииһи тобулар туһугар аан маҥнай нуучча ыраахтааҕытыгар тиийэ туруорса сылдьыбыт төрүт уус дьон буолаллар.

«Туох барыта силистээх-мутуктаах, төрүттээх-уустаах» диэн өйдөбүлү түүр сыдьааннаах илиҥҥи ыаллыы, аймах омуктарбыт дьаһанан олорор политикаларын тутулугар көрөбүт. Бу дойдуларга былыргы хууннар, түүрдэр саҕаттан бас-көс туттар биис уустарын баһылыыр-көһүлүүр оруолларын суолтата күн бүгүнүгэр диэри күүстээх эбит. Сэбиэскэй Сойуус үрэллибитин кэннэ, демократия муҥутаан өрөгөйдөөбүт кэмигэр, бүтүн норуот куолаһынан президеннэринэн талыллыбыт Звиад Гамсахурдия (Грузия), Рахмон Набиев (Таджикистан), Абульфаз Эльчибей (Азербайджан) сыл иһинэн үрдүк сололоруттан маппыт буоллахтарына, бэйэтин омугар былыргыттан ыла баһылыыр суолтатынан биллэр Тэкэ ууһуттан төрүттээх Сапармурат Ниязов Туркменбаши (Туркменистан) тулхадыйбат былаастанан олорон эмискэ олохтон туораата. Ол да иһин сахаҕа өбүгэ саҕаттан «Тойону отунан-маһынан оҥорбоккун» диэн дириҥ ис хоһоонноох этии баар. Итиниэхэ маарынныыр ыаллыы Казахстан судаарыстыбатын тутула үс биис ууһун – жуз холбоһуктарыттан турар: кырдьаҕас, орто уонна кыра эбэтэр эдэр дэнэр. Кырдьаҕас төрүт уустан баһылык-салайааччы, ортоттон поэттар, бөлүһүөктэр, оттон эдэртэн буойуттар утумнаан тахсаллар эбит. Ол курдук, Нурсултан Назарбаев кырдьаҕас төрүт уустан сыдьааннааҕа эмиэ былыргыттан олохсуйбут үгэһи бигэргэтэр. Кыргызстан урукку президенэ Аскар Акаев кыргыстар биир тиһэх баһылыктарын Шабдан хан диэнтэн быһаччы төрүттээҕэ биллэр.

Ыраахтааҕылаах Россия бу омуктары бэйэтигэр холботолуур кэмигэр биллэр-көстөр төрүт уус дьону салалтаҕа эрдэттэн чугаһаппатах эбит. Сэбиэскэй кэмҥэ коммунист партиятын идеологтара ити ньыманы эмиэ биһирээн туттубуттар. Оттон биһиэхэ Саха сиригэр хайа күн аһара түһүүтэ, сиэри таһынан кыһаллыыта-мүһэллиитэ суох киин былааска бэриниилээхпитин көрдөрбөтөхпүт баарай? Атыттар син сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ былыргы силистэрин-мутуктарын түөрэн, салалтаҕа талар дьоннорун төрүттэрин-уустарын үөрэтэн билэн эрэ баран баһылыктарын талаллар эбит. Арай биһиги төрүппүтүн-ууспутун төрдүттэн түөрэ умнан, идеология күүһүгэр бас бэринэн кэбиспит эбиппит. Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр суолта биэрбэккэбит, өлөр-хаалар күммүтүгэр ахтар айыыһыттарбыт араҥаччылаан, былыргы тойон ууһуттан сыдьааннаах бас-көс киһини анаан ыыппыттарын, кыаҕын-дьоҕурун ситэ туһаммакка, мүччү тутан кэбистэхпит.

Ааспыт үйэ бүтэһик уон сылыгар, икки тыһыынча сылы моҥоон түмүктүүр мөҥүөн арҕаһыгар, киһи аймах олоҕор сир хаҕа хайа ыстанар сууһарыылаах уларыйыыларын ньиргиэрэ сэттэ уонча сыл устата туруулаһан туппут модун судаарыстыбабыт тутулун эһэн барбыт кэмигэр, хор, төһө да отох омук ороһута буолларбыт, син быыс-хайаҕас хайдыгаһыгар түһэн хаалбакка, оттон-мастан тутуһан ордон хааллахпыт дии. Маннык халбас харатын миинэн, дьулурҕа уларыйыылардаах ахсым кэм арҕаһыгар өрө мөхсөн, омукпут, дойдубут дьылҕата ыйааһын бэскитинии биэтэҥнии олорор мүччүргэннээх кэмигэр дьиҥнээх национальнай лидер, дэгиттэр сайдыылаах сомоҕо личность, талааннаах, хорсун салайааччы оруола диэн төһө-хачча сүдүтүн, суолталааҕын улаханныын-кыралыын, үтүөлүүн-мөкүлүүн син билэн кэллэхпит.

Саха норуодунай суруйааччыта Далан «Дьылҕам миэнэ» романын аан тылыгар: «Өй-санаа саамай сиппит-хоппут, олоҕун булбут кэмигэр, мөлтүү-ахсыы илигинэ өрүсүһэн, олорон ааспыт олоҕум туһунан ахтыы суруйан хаалларабын», – диэн уонтан тахса сыллааҕыта этэн турар. Бу тыллары билигин биир бэйэм долгуйа, эмиэ даҕаны ордук саныы, харааста ааҕабын. Долгуйарым диэн оччотооҕу өрө күүрүү, бэйэ омугун кырдьыгын, кыаҕын билинии, омук-киһи тэҥэ сананыы кэмин Далан барахсан сөпкө даҕаны сыаналаан уот харахха этэн кэбиспит эбит. Ордук саныыбын киһи бэрдэ, өркөн өйдөөҕө кини бу үтүөкэн кэми мүччү туппакка тутуу былдьаһан, өрүсүһэн сүрэҕэр-быарыгар көөнньөрбүт ис уоҕун, сиэрдээх толкуйун сайа этэн-тыынан өйүн-санаатын толору сайҕаммыт дьолун. Хараастабын хайыы-үйэҕэ кэм-кэрдии кэрчигэ буолан ааспыт биһиги омук кыһалҕалаах-кыһарҕаннаах дьылҕабытыгар кылам гынан күммүт көрбүт, күөнэхпит күөрэйбит күргүөмнээх ол уон сылын суохтаан.

Нууччаларга «справедливость» диэн сүрдээх дириҥ эҥсиилээх, кырдьыгы, сиэрдээҕи этэр үтүөкэннээх өйдөбүл баар. Бары тыллартан бу саамай сөбүлүүр, испэр киллэрэр, ылынар уонна туруулаһа сатыыр өйдөбүлүм. Сахалыы өйдөөтөххө, сиэр-майгы, сиэрдээх, кырдьыктаах быһыы диэн буолуон сөп. Бу тыл өйдөбүлүгэр сөп түбэспэт быһыыны-майгыны сахалыы «сиэрэ суох быһыы, сиэри таһынан барыы» диэччибит. Олоххо сиэри таһынан быһыыланыы, туттуу-хаптыы, саҥарыы-иҥэрии кэмэ суох элбэх, куруук баар көстүү. Ол да иһин буоллаҕа, күннээҕи олоххо бу кэрэ тылы олус сэдэхтик туттабыт, киэҥ, үтүө өйдөбүлүн тутуһа, ситиһэ сатаабаппыт.

Көҥүл өй-санаа, сиэрдээх быһыы-майгы саамай сиппит-хоппут кэминэн ааспыт үйэ тиһэх уон сыла буоларын бары билинэбит. Ол биһиги Аан Дархаммыт, бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев республиканы икки болдьоххо салайан, үлэлээн-хамсаан ааспыт кэмэ буолар. Саха сирин олохтоохторун баһыйар өттө омугуттан тутулуга суох ол сырдык өрө күүрүүлээх кэми билигин, былыт быыһынан күн тыган ааспытын курдук, үтүө өйдөбүлүнэн суохтуу, туоххаһыйа ахталлар, мэлдьи өйдүүллэр-саныыллар.

Сиэрдээх олох, киһилии быһыы-майгы охсуһуута, туруулаһыыта суох кэлбэт, туругурбат уонна сиэр-майгы баарын эрэ тухары туруктаахтык сайдар, чэчириир. Ол суох буолла да, олох чөл туруга кэһиллэр, үүнүү-сайдыы бохсуллар. Ордук туруктаах сыһыан кэһиллэр, сиэр-майгы күөмчүлэнэр буоллаҕына.

Бу үлэм демократия ситиһиилэрэ бохсулла быһыытыйбыт, быһыы-майгы уустугуран турар кэмигэр сурулунна. Күммүт көрбүт, күөнэхпит күөрэйэ сылдьыбыт кэмигэр уон сыллаах күүрээннээх олох үөһүгэр сиэтэн киллэрбит сүдү киһибит олоҕун, өйүн-санаатын, үлэтин-хамнаһын туһунан кыах тиийэринэн, кэм көҥүллүүрүнэн докумуоннарга, Саха Республикатын бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев бэйэтин этиилэригэр, кинигэлэригэр уонна кинини кытары үлэнэн-хамнаһынан алтыспыт араас дьон-сэргэ ахтыытыгар олоҕуран уус-уран аҥаардаах сиһилээһиммин ааҕааччылар болҕомтолоругар тиэрдэбин. Кини кэмигэр олорон үлэ-хамнас, өй-санаа күүрээнин, үөрүү-көтүү өрөгөйүн билбит-көрбүт дьолбунан киэн туттабын. Үксүбүт даҕаны кэм-кэрдии ааспытын кэннэ ол күннэр-дьыллар үтүө өрүттээх өттүлэрин эргитэ сыымайдаан көрдөҕүнэ, оннук бүөмчү өйгө-санааҕа кэлэр буолуохтаах.

Михаил Ефимович ааспыт олох өлөр-тиллэр мүччүргэннээх түгэннэригэр, республика Үрдүкү Сэбиэтин салайар, президенниир кэмнэригэр, дойдутун, норуотун урукку систиэмэ саамай хаалыылаах 76-с миэстэлээх субъегыттан баара-суоҕа уон сыл иһигэр Россия Федерациятын биир бастыҥ регионугар кубулуппута. Хорсун быһыытынан, сатабыллаах салалтатынан эстии-быстыы айаҕын өҥөйөр мүччүрүйбэт дьылҕаланыыттан быыһаабыта. Ол үрдүнэн бэйэтин аатыгар онно олоҕуран хомуруйар, бэл үөҕэр-холуннарар даҕаны сэти-сэлээни билиммэт элбэх бас-баттах тылы-өһү истибитэ, сиэри таһынан хаҕыс сыһыаны, түһэн биэриини, таҥнарыыны даҕаны билбитэ. Уһулуччу тулуурун, дьиҥ сахалыы киэҥ көҕүстээҕин, дьиппиэн, кытаанах майгытын көрдөрөн кимиэхэ да хом санаатын биллэрбэккэ, кимтэн даҕаны өс-саас ситиспэккэ барыбыт уопсай дьыалабыт айгыраабатын, салгыы сайдарын туһугар ону барытын эрдээхтик аһарыммыта. Бу буолар дьиҥ киһилии сиэр-майгы ыраас көстүүтүн чаҕылхай холобура диэн! Маны сиэрдээхтик ылыныаҕыҥ, өйбүтүгэр-санаабытыгар бигэтик иҥэриниэҕиҥ. Ол буолуо кини барыбыт туспутугар аан дойду таһымынан инникибитин түстүүр, кэскилбитин туруулаһар бүгүҥҥү сыралаах үлэтин-хамнаһын иһин махталбыт, билиниибит, киһилии сыһыаммыт!

Михаил Николаев сахаттан киэҥ көрүүлээх, аан дойду таһымынан анаарар, үлэлиир далааһыннаах сытыы өйдөөх-санаалаах, үлэлээх-хамнастаах Россия салалтатын ортотугар биир биллэр, кыахтаах, баай уопуттаах идэтийбит политик буола үүннэ. Кини билигин өйүн-санаатын күүһэ, мындыр толкуйа, муудараһа муҥутаан сайдыбыт, сиппит-хоппут кэмигэр сылдьар. Дойдубут, кэскилбит туһугар кини үлэтин-хамнаһын өрөгөйө, ситиһиилэрэ өссө даҕаны иннигэр. Ону биир дойдулаахтара, биһиги, сэмээр көрө-истэ, кэтэһэ сылдьабыт.

Күндү ааҕааччылар! Саха саарына, урааҥхай уһулуччута, Дьиҥнээх Киһи, киэҥ эҥсиилээх салайааччы диэн кимин-тугун, олох охсуһуутун уһуга-кылаана сынтарыйар укулаат куйаҕа хайдах уһаарыллан, хатарыллан тахсарын туһунан санаа көнөтүнэн, кыларыйан турар кырдьыгынан кэпсэтэн көрүөҕүҥ!

Биһиги Аан Дархаммыт

Подняться наверх