Читать книгу Биһиги Аан Дархаммыт - - Страница 4

Бастакы түһүмэх
Хотуттан хотоҕой анньынан
Эдэр учуутал

Оглавление

Олунньу саҥатынааҕы сарсыардааҥҥы дьыбардаах халлаан үрүҥ былытынан сабыллан турбут чараас бүрүөтүн сэгэтэ тарпыт курдук, илин саҕах иитэ өрүс үрдүнэн көмүс кытах дуйунуу суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, Стрекаловка үрэх сырыынньа хааһын батыһа чуоҕуспут дьоҕус тутуулардаах эргэ дьиэлэртэн биирдэстэриттэн хачаайы көрүҥнээх эдэр кыыс тахсан хайыһар кэтэ турар. Көнөн тура-тура төҥкөҥнөөн, ким эрэ олус кэҥэтэн кэбиспит быатын хат сүөрэн, хаатыҥкатын төбөтүгэр сөп түбэһэр гына кыаратан баайталаата. Балай да өр бодьуустаһан хайыһардарын кэтэн кэлгиэ быаларынан кириэстии тардыталаан баанан баран, икки торуоскатынан сэрэхтээхтик тайанан, үрэх эниэтин намыһах сирэйинэн аллара диэки анньынна. Мууска киирэн үрэх сүнньүн батыһа тыырыллыбыт суолунан холкутук сыыйа тэбэн барбахтыы түһээт, төттөрү иэҕиллэн сыыры өрө таҕыста. Дьиэлэр кэтэхтэринэн кытылы батыһа эрийэ-буруйа сыыйыллар килэркэй суолу тутуһан олорор сирин туһаайыытыгар эргиллэн кэлиэр диэри чаас чиэппэрэ холобурдаах ааһа оҕуста.

Дьиэтигэр киирэн сыыйа-баайа суунан-тараанан, оһох үрдүгэр турар сылаас чаанньыктан чэй куттан сулбу-халбы аһыы түстэ. Бөлүүн үс чааска диэри тохсус кылаастарга химия уруогар бэлэмнэммит тэтэрээтин, учебнигын туумба үрдүттэн хомуйан бартыбыалыгар угунна. Таҥаһын уларыттан үлэтигэр тахсаары туран чаһытын көрүммүтэ, сэттэ аҥаар буолан эрэрэ.

Аҕыйах хаамыылаах сиргэ турар улахан оскуола дьиэҕэ киирбитэ, ким да кэлэ илик эбит. Учуутал хоһугар киирэн сонун, бэргэһэтин ыйаат, ойоҕоско турар сиэркилэҕэ көрүнэ, таҥаһын-сабын көннөрүнэ түстэ уонна көрүдүөргэ тахсан кэрийэ сылдьан кылаастары көрүтэлээтэ. Паарталар, остуоллар туруулара бэрээдэктээҕин, дуоскалар ыраастарын, барыларыгар миэл, тирээпкэ баарын астына көрөн төннөн киириитигэр атын учууталлар утуу-субуу кэлитэлээбитинэн бардылар.

– Здравствуйте, Анастасия Яковлевна. Вы, как всегда, первая. Сейчас по пути заходила в интернат, грязновато живут ребята. Что-то долго болеет наша воспитательница. Кстати, с сегодняшнего дня Ваша очередь ее заменить, – быйыл саҥа ананан кэлбит орто оскуола дириэктэрэ Марианна Евгеньевна Фрейберг, учууталыскай аанын аһаат, дьаһайбытынан барда.

– О, Настенька молодец, каждое утро зарядкой занимается и на лыжах ходит. И когда все успевает? – барыларыттан аҕа саастаах, өрө баһаарыйбыт улахан саҥалаах нуучча тылын учуутала Зоя Дмитриевна Головина олохтоох миэстэтигэр остуол баһынааҕы олоппоско олоро түстэ. – Как на фронте, всегда подтянутая ходит, молодчина.

Зоя Дмитриевна – фронтовичка, түгэн тосхойдор эрэ сэрии туһунан бииргэ үлэлиир дьонугар, оҕолорго даҕаны куруук кэпсии сылдьарын сөбүлүүр.

Оскуола үлэһиттэрин аҥаарын кэриҥэ Воронеж, Ярославль курдук соҕурууҥҥу куораттартан кэлитэлээбит сымнаҕас килиимэттээх дойду дьоно этилэр. Инньэ гынан, тыйыс айылҕалаах уһук хотугу сир тымныытыгар үөрүйэҕэ суохтара таайан, үксүлэрэ сонноох сылдьан уруоктарын ыыталлара. Арай дириэктэрдэрэ Марианна Евгеньевна, Тиксиигэ төрөөбүт олохтоох киһи сиэринэн, сонун устан, хараҥа күөх көстүүмүн таһынан халыҥ түү былаатын санныгар бүрүнэн сылдьара. Кини аҕата Евгений Фрейберг Тиксиигэ аан маҥнай метеостанцияны тэрийэн үлэлэппит киһинэн биллэр. Кыыһын төрөөбүт сирин аатынан Тиксии диэн сүрэхтээбитэ сибидиэтэлистибэтигэр сурулла сылдьар үһү. Кыыһа ону пааспар ыларыгар Марианна диэн уларыттарбыт. Сүрдээх дьаһаллаах, ыпсарыылаах тыллаах-өстөөх киһи. Таҥас-сап кырыымчык кэмигэр маннааҕы экспедициялары кытта кэпсэтэн интэринээт оҕолорун барыларын хаатыҥкалаата, тэлигириэйкэ булан кэтэрдитэлээтэ. Өссө Анастасия Яковлевна Дьокуускайга иккис оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр интэринээт оҕолоро бары формалаах буолалларын, уолаттар хара сукунаттан тигиллибит киитэллээх, оттон кыргыттар баартыктаах сылдьалларын туһунан кэпсээбитигэр барыларыгар оннук форма тиктэртээбитэ. Сиэрин ситэрэн өссө эмиэ сукунанан сааскы сон уонна муоданы үтүктэн молниялаах бэлбиэт куурка тиктэрэн, быһата, маанытык таҥыннартаабыта.

Анастасия Яковлевна институт кэнниттэн биология уонна география учуутала идэлээх бу дойдуга быйыл саҥа кэлэн үлэлээн эрэр. Эмиэ кини курдук үөрэҕин саҥа бүтэрэн Воронежтан кэлбит Смирнов Борис Иванович диэн кыра уҥуохтаах эдэркээн физрук уол, Анастасия Яковлевна хайыһардыыр сураҕын истэн, үҥсэргээн эрэрдии муҥатыйбыт куолаһынан барыларын диэки кылап-халап көрүтэлии-көрүтэлии:

– А ребята у меня не хотят лыжами заниматься, никто меня не слушается. Уеду отсюда, – диэтэ.

– Ок, киһибит кэллэ-кэлээт куотардыы оҥостон эрэр дуу? – математика учуутала Иннокентий Афанасьевич Герасимов, элэктээбиттии, күлэ түстэ.

Ону сөбүлээбэтэх курдук, кэргэнэ Марфа Дмитриевна, саха тылын учуутала, эрин диэки хатыылаахтык көрбөхтөөт, уолу алы гынардыы, ньуолбардык саҥа аллайда:

– Да ты что-о, Боря, не надо… Вот Анастасия Яковлевна поможет тебе.

– В самом деле, Борис Иванович, мы все поможем тебе, – оскуола завуһа Матрена Петровна тыл кыбытта.

Онуоха элбэҕи аахпыт-билбит, уопуттаах салайааччытын ыллыктаах тылын-өһүн өйөөн, Анастасия Яковлевна барыларыгар туһаайан этии киллэрдэ:

– Точно, давайте отныне каждое воскресенье все кататься на лыжах. Боря будет руководить нами.

– Кырдьык даҕаны!

– Я поддерживаю Настю.

– Да, покажем пример детям.

– Сөп этэ.

Уруокка киириэхтэрин иннинэ кылгас мунньах аҥаардаах кэпсэтии түмүгэр учууталлар өрөбүл күн сарсыарда уонтан биир чаас устата хайаан да бары хайыһардыы тахсар туһунан бигэтик кэпсэтиһэн, кылаастарынан тарҕастылар.

* * *

Бүгүҥҥүттэн ыла уһуннук ыалдьыбыт интэринээт иитээччитин оннугар үлэлиэхтээх Анастасия Яковлевна, улахан кылаас уолаттарын хоһугар киирэн, кэккэлэһэ турар ороннор иннилэринэн хаамыталыы сылдьан, муннук ороннорго чөмөхтөһөн олорор оҕолортон, кэпсэтии таһааран, сүбэлэһэр быһыынан интэринээт олоҕор-дьаһаҕар туох итэҕэс-быһаҕас баарын, инники өттүгэр хайдах дьаһанар баҕалаахтарын үтэн-анньан ыйыталаһа сатыыр.

Маҥан саҕалаах хараҥатыҥы от күөҕэ былаачыйалаах, ханан да кир-хох сыстыбатах кылбаа маҥан түөсэҥкэлээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, киэҥ арылхай харахтаах эдэркээн учуутал кыыс сэрии кэмигэр хойутаан үөрэммит үрдүкү кылаас сорох сиппит-хоппут уолаттарын кытта аҕыйах сылынан быысаһар, эгил-тэгил тэҥ саастыылаахтара этэ.

– Оҕолоор, воспитательгыт ыалдьар кэмигэр мантан инньэ кинини мин солбуйуохтаахпын. Директорбыт Марианна Евгеньевна сарсыарда аайы эһигини көрөн бэрэбиэркэлээн киирэр. Кирдээхтик олороллор, режими аанньа тутуспаттар диир. Ону туоратарга тугу оҥоробут, режими хайдах тутуһабыт?

Ким да тутатына хардарбата. Хосторо тымныы буолан үксүлэрэ тэлигириэйкэлээх да буоллаллар, тоҥмут курдук кумуччу туттан, иннилэригэр чараас былаачыйанан эрэ турар эдэркээн учууталларыттан кыбыстыбыттыы, кэмчиэрийэн олордулар.

– Кырдьык, дьиэҕит таһа, кирилиэскит, күрдьүккүт кирдээх, умывальниккыт аннынааҕы бааххыт тоҕуллубакка толору турар. Бэйэҕит оскуолаҕытыгар, дьиэҕитигэр куруук телогрейканан сылдьаргыт көрөргө үчүгэйэ суох.

– Үлэбит элбэх…

– Маспытын-уубутун бэлэмниибит.

– Дьиэбит тымныы, – онтон-мантан симик саҥалар одоҥ-додоҥ иһилиннилэр.

– Анастасия Яковлевна, эн хайдах тоҥмоккунуй? – тэлигириэйкэтин эҥээрин сөрүү туттан олорор Коля Софронов кэмчиэрийбиттии ыйытта.

– Мин сарсыарда аайы эрдэ тураммын зарядкалыыбын, хайыһардыыбын уонна хайдах тоҥуохпунуй?

Дьиҥинэн, кини оскуолаҕа барарыгар былаачыйатын иһинэн чараас куопта кэтэрэ. Хатыҥыр буолан онтукатын билиннэрбэт этэ, билигин онтун эмиэ кэтэн турара.

– Тыый, хайдах онно барытыгар бириэмэҥ тиийэрий?..

– Режими тутуһабын.

– Оччоҕо хата режимҥин кэпсээ эрэ.

– Только барытын, сарсыардааҥҥыттан саҕалаан… – сэргэҕэлиир саҥа-иҥэ арыый элбээн, кэпсэтии сүнньүн булуох курдук буолла.

– Мин сарсыарда алта аҥаарга туран зарядкалыыбын уонна 15 мүнүүтэ устата хайыһардыыбын. Суунан, аһаан бараммын сэттэ аҥаарга оскуолаҕа баар буолабын. Эбиэккэ диэри эһиги сменаҕытыгар химияҕа, биологияҕа уруок биэрэбин. Эбиэттэн киэһэ иккис сменаҕа ботаниканы үөрэтэбин, юннаттар куруһуоктарын, агитационнай үлэ ыытабын. Нэдиэлэҕэ түөртэ киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэтэбин. Ол кэнниттэн дьиэбэр кэлэн сарсыҥҥы уруоктарбар бэлэмнэнэбин.

– Уонна алта аҥаарга тураҕын?..

– Туран.

– Онно ууҥ ханар дуу?

– Ханар. Урут студенныы сылдьан даҕаны хойукка диэри дьарыктанар, эрдэ турар этибит. Инньэ гынан үөрэнэн хаалбыппын.

– Тыый, оччоҕо биһиги бириэмэбит үгүс өттүн утуйан тахсар эбиппит дии, – учууталларын кытта, уруккуларын курдук, кэмчиэрийэ, кыбыста тутталлара сыыйа симэлийэн, бэйэлэрин тэҥнээхтэрин курдук, сөҕөн-махтайан, бэркиһээн кэпсэтиигэ бары аһаҕастык кыттан бардылар.

Анастасия Яковлевна бэйэтэ даҕаны, истиҥ сыһыан, чугасаһыы тыына үөскээбитин билинэн, иҥнигэһэ суох холкутук саҥаран-иҥэрэн салгыы кэпсээбитинэн барда:

– Мин эмиэ, эһиги курдук, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри интэринээккэ олорбутум. Онно бэйэбитин дьаһанар сэбиэттээх, бэрэссэдээтэллээх буолар этибит.

– Ханнык оскуолаҕа үөрэммиккиний? Ол сэбиэттэри ким тэрийэр, туох үлэни ыытар этилэрий? – тэлигириэйкэлээх уолаттар ортолоругар соҕотоҕун толстовканан олорор, өрүкүйбүт хара куударалаах бастыҥ үөрэнээччи Миша Николаев эрилкэй киэҥ харахтарынан болҕомтолоохтук көрүтэлээтэ.

– Дьокуускайга иккис оскуолаҕа үөрэммитим. Барытын үөрэнээччилэр бэйэбит испититтэн бэйэбит талан тэрийэрбит. Алталыы-сэттэлии киһилээх спортивнай, хаһаайыстыбаннай, санитарнай, культмаассабай сектордар сэбиэттэрин таларбыт. Өссө хаһыат таһаарар художниктардаах, редколлегиялаах буоларбыт. Олор салайар этилэр. Хостор аайы ыстаарыһалар баар буолаллара, кинилэр дьуһуурунайдары аныыллара. Барытын бэйэбит көрүнэр, оҥорор этибит. Ким да, хайа да учуутал кэлэн бэрэбиэркэлээбэт этэ.

– Оо, наһаа үчүгэй эбит дии!

– Кырдьык даҕаны, биһиги эмиэ инньэ гыммаккабыт…

– Биһи даҕаны тэринэрбит тоҕо сатамматый? – Миша, барыларын санааларын түмэрдии, быһаччы эттэ.

Анастасия Яковлевна, үөрүүтүн кистээбэккэ, өрүһүспүттүү тыл көтөхтө:

– Чэ оччоҕо сэбиэппитин талыаҕыҥ.

Оҕолор, тута сөрөөн дьыалаҕа эмискэ киириэхтэрин толлубут курдук, кэмчиэриспиттии күлүм аллаһан, сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр. Чочумча тохтуу түһээт, Миша таһыгар олорор, эмиэ куударатын хаҥас өттүгэр кэлтэччи тарааммыт Володя Федотов симиктик тыл быктарда:

– Ээ, биһи эмиэ бэйэбит…

– Кырдьык, биһиги эмиэ бэйэбит талыннахпытына?..

– Сөп-сөп, инньэ гыныаххайыҥ.

– Анастасия Яковлевна, эн баран сынньан.

Учууталлара күлэ түстэ. Кэпсэтиитэ табыллан, ис-иһиттэн үөрэн, астыммыт быһыынан ытыһын ытыһыгар тэс гына охсон, сууралаамахтаан ылла.

– Чэ сөп, кытаатыҥ, хомунуҥ! – эргичис гынан тахсыахтыы хос иһин кэрийэ көрөн иһэн, хараҕа оһох таһыгар сытар турбаҕа баайыллыбыт туох эрэ улахан көһөҥө тимирдэргэ иҥиннэ. – Бу тугуй, оҕолоор?

– Ити Миша штангата, күн аайы дьарыктанар, – Коля Софронов киэн тутта хардарда.

– Оо, дьэ маладьыас, Миша, табаарыстаргын эрчийдэҕиҥ дии. Зарядкалааҥ-хайааҥ, дьон оннооҕор тымныы уунан, хаарынан сууналлар, ол иһин тымныйбаттар, ыалдьыбаттар.

Биһиги Аан Дархаммыт

Подняться наверх