Читать книгу Биһиги Аан Дархаммыт - - Страница 9

Бастакы түһүмэх
Хотуттан хотоҕой анньынан
Үөлээннээхтэр

Оглавление

Эбэ биэрэгиттэн туруору тахсар туора уулусса кумах хааһын үрдүгэр тимир эрэһиэҥкэ олбуордаах, эргэрбит гынан баран, маһа өссө да чиргэл дьоҕус дьиэ таһыгар дьон бөҕө олбуор иһинэн-таһынан мустан чуоҕуһан тураллар.

– Күндү доҕоттор, бу дьиэҕэ 1961–1964 сылларга Михаил Ефимович уонна Дора Никитична Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ олоро сылдьыбыта. Кинилэр, үөрэхтэрин кэнниттэн олоххо саҥа үктэнэн эрэр эдэр специалистар, үлэлэрин манна, Эдьигээҥҥэ, саҕалаабыттара, – Эдьигээн улууһун дьаһалтатын үлэһитэ эдэр дьахтар микрофонунан саҥарар чуор куолаһа уулуссанан ааһан иһээччилэри ыраахтан үмүрү тардан, истибит эрэ барыта тиэтэйэ-саарайа дьон мустубут сирин диэки дьулуста. – Бүгүн биһиги бастакы президеммит музей-дьиэтэ аһыллыытын үөрүүлээх түгэнигэр муһуннубут.

Хас да киһи эҕэрдэлээн тыл эппитин кэнниттэн дьиэҕэ киирии кыһыл лиэнтэтин Михаил Ефимовичка бэйэтигэр быстардылар. Кини Эдьигээн олохтоохторугар, дьаһалта салайааччытыгар туһаайан махталын биллэрэн кылгас тыл эттэ. Телевидение үлэһиттэрэ, фотокорреспонденнар, ону таһынан фотоаппараттаах эрэ барыта үөрүүлээх түгэни уһулан, түһэрэн вспышкалар уоттара чаҕылыҥнастылар. Ол кэнниттэн иһирдьэ киирэн дьиэ ис бараанын көрүү-истии, сипсиһии, сүпсүгүнэһии буолла. Дьиэ ис өттө өрөмүөннэнэн саҥардыллыбыт. Киирэри кытта аан хос уҥа өттө гостинай, ортотугар билиитэ оһоҕунан быысаһан хаҥас өттө куукуна эбит. Улахан аһыыр остуол үрдүгэр дуйдаах алтан сылабаар итии паарынан бургучуйа тыынар. Утары хаптаһынынан быыһаммыт кыра-кыра икки хоско хаһаайыттар уонна оҕолор былыргы тимир оронноро тураллар. Хомуот үрдүгэр хаартыскалардаах альбомнар, аҕыйах дьиэ тэрилэ, иһит-хомуос бааллар. Музей-дьиэ ис тэрилэ өссө да ситэ илигэ көстөр. Ол эрээри оттон кылаабынайа дьиэтэ буоллаҕа, мала-сала, экспонаттара сыыйа хомуллан туолан иһиэхтэрэ турдаҕа.

Дьөгүөр Бологуурап көрөөччүлэр халҕаһаларын кытта бииргэ киирэн дьиэни көрөн эргийэн киирэр аан таһыгар кэлиитигэр дьон хайыы-үйэҕэ остуол тула олорон алаадьылаах итии чэй иһэн сырылатан ырааппыттар. Остуол баһыгар Михаил Ефимович бэйэтэ бэркэ дуоһуйбут көрүҥнээх үөрэн мичилийэ олорор. Баҕалаах барыта оҕолуун-дьахтардыын солбуһа-солбуһа кинини кытта сэргэстэһэ хаартыскаҕа түһэллэр. Кырдьык даҕаны, туох да харах баайыыта суох дьон-сэргэ үөрбүт, дуоһуйбут, көрбүтү эрэ барытын долгутар түгэнэ тыыннаах хартыына буолан Дьөгүөр өйүгэр-сүрэҕэр хатаммыта. Көрүөххэ истиҥэ, үчүгэйэ сүрдээҕэ.

Бологуурап эмиэ үтүрүһэн-анньыһан чэй куттаран остуол ойоҕоһугар кыбыллан, сыыйа-баайа чэйин иһэн бүтүүтэ дьон арыый аҕырыы быһыытыйда. Сиэбигэр укта сылдьар фотоаппаратын аттыгар олорбут уолга биэрэн ытыктыыр салайааччытын кытта түһэрэригэр көрдөстө. Хас да киһи кэнниттэн уочарата кэлбитигэр кэккэлэһэ олоппоско олорунан кэбистэ. Кинилэр кэннилэригэр икки-үс дьахтар сэргэстэһэ турунар кэмнэригэр уол түһэрэн ылла…

Дьөгүөр Бологуурап хас да киһиттэн ыйдаран, үөлээннээҕэ, урут маннааҕы хаһыакка үлэлиир сылларыгар бодоруспут киһитэ, кырдьаҕас учуутал Николай Петрович Софронов олорор дьиэтин дьэ булла. Күнүс музей-дьиэ аһыллыытыгар Ньукулайдыын көрсүһэ түһэн кэпсэтиилэригэр табаарыһа киэһэ кэлэ сылдьарыгар ыҥырбыта. «Үөлээннээхтэр аҕыйах буолан мустан кэпсэтэ, уруккуну-хойуккуну санаһа түһүө этибит», – диэбитэ.

– Дьөгүөр Маппыайабыс, биһиги бу, Михаил Ефимовиһы билэр, сорохпут бииргэ үөрэммит, сорохтор бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьон, мустан, үчүгэйдик саныыр, ытыктыыр киһибит туһунан өйдөһө-санаһа, кэпсэтэ олоробут. Ону эйигин иһиттин, биллин, суруйар киһиэхэ, баҕар, наада буолуо диэммин ыҥырбытым, – Николай Петрович Дьөгүөрү аттыгар олордон ыалдьыттарын кытта билиһиннэртээтэ.

Аныгы сиэринэн сөбүгэр үгүөрү астаах остуол тула олорооччулары сорохторун Дьөгүөр уруккуттан билэр дьоно буолан, кэпсэтии-ипсэтии иҥнигэһэ суох көхтөөхтүк барда.

– Оскуолаҕа хас да сыл бииргэ үөрэммит Михаил Ефимович оҕо сааһын доҕоро бу Николай Петрович буоллаҕа дии. Атыттар биһиги биир кылааска үөрэммэтэхпит, үрдүкү-анныкы кылаастарга этибит. Онон кини кэпсээнин маҥнай истиэҕиҥ, биирдэ да үчүгэйдик кэпсии илик ээ, – кыра хатыҥыр Евдокия Ивановна Константинова, бэрт эрчимнээхтик саҥаран-иҥэрэн, бүгүҥҥү дьоро киэһэ дьаһалын бэйэтигэр ылынна.

Ньукулай, иккистээн көрдөһүннэрэ барбакка, бэйэтэ даҕаны кэтэһэн олорордуу, чөллөркөй холку куолаһынан кэпсээн барда. Ким да быһа түспэккэ сэргээн истэ олордулар.

– Мин 1947 сыллаахха эргэ Лииндэ алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, 30-тан тахса көстөөх сири табанан айаннаан, Эдьигээн оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Сэттис кылааһы бүтэрбитим кэннэ күһүн Эдьигээн оскуолатыгар ахсыс кылаас аһыллыбыта. Онно үөрэнэрбэр Өктөмтөн Николаев Миша диэн бааһынай хааннаах, будьурхай баттахтаах хатыҥыр уол кылааспытыгар үөрэнэ кэлбитэ. Эдьигээҥҥэ кини бииргэ төрөөбүт убайа Ким Ефимович үлэлиирэ.

Мишаны кытта уопсай тыл түргэнник булан, олус иллээхтик үөрэммиппит. Кини оҕоттон улахан туох да уратыта суоҕа. Үчүгэйдик үөрэнэрэ, оскуола уонна интэринээт олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Мин өйдүүрбүнэн, кини ордук нуучча тылыгар биһигиттэн чорбойоро. Уус-уран литератураны үлүһүйэн туран ааҕара, мэлдьи кинигэ тутуурдаах сылдьар буолара. Аахпыт кинигэбит ис хоһоонун былдьаһа-тарыһа бэйэ-бэйэбитигэр кэпсиирбит, ол быыһыгар арыт мөккүһэн да ыларбыт. Хата киһибит, атыттар курдук, омуннуран-төлөннүрэн мөккүспэт этэ. Ол курдук оҕо эрдэҕиттэн холку, ыгылыйбат майгылааҕа, хас биирдии этиитин толкуйдаан, ыараҥнатан баран саҥарара. Уопсайынан, сахалыы мындыр өйдөөҕүн иһин биһиги кинини оонньоон «еврей курдук өйдөөх киһи» диирбит.

– Һэ-һэ-һэ, оччоттон дуоспуруннаах эбит дии.

– Ээ, оннук бөҕө буоллаҕа дии. Улахан киһи курдук, көссүө, боччумнаах баҕайытык туттан сылдьара.

– Интэринээккэ бииргэ олорбуппут, онно бэрээдэги, режими көрөөччү, көҕүлээччи кини буолара.

– Сөпкө этэҕит, Миша спордунан утумнаахтык дьарыктанара, күннээҕи режими кытаанахтык тутуһара, – Ньукулай ыалдьыттара бэлиэтээһиннэрин кытта сөпсөһөн, салгыы кэпсээбитинэн барда. – Ол дьарыгар бииргэ үөрэнэр оҕолорун эмиэ көҕүлүүрэ. Биһиги интэринээккэ сэттис хоско бииргэ олорбуппут. Учууталбыт Анастасия Яковлевна Александрова сүбэтинэн биир дьыл күһүнүттэн ыла эппитин-хааммытын эрчийбитинэн барбыппыт. Биһигини Мишабыт дьарыктааччы. Ол сыл кыһыныгар да, сааһыгар да бары ыалдьыбакка, биир да күнү көтүппэккэ үөрэхпитин түмүктээбиппит. Ону таһынан кини штанганан дьарыктанара.

Эдэр дьон сиэринэн, оскуола, кулууп үҥкүүтүгэр сылдьарбыт. Мин да, кини да үҥкүүлээбэт этибит, ол оннугар маассабай оонньууларга үөрүүнэн кыттарбыт. Ол саҕана билиҥҥи курдук уот-күөс суоҕа. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэккэ, өрүс фарватерын көрдөрөр маяктар батареяларынан лаампа уматан, сороҕор чүмэчи уотугар гармошка, балалайка, гитара доҕуһуолунан үҥкүү, оонньуу тэрийэрбит.

Икки сыл, интэринээккэ миэстэ суох буолан, мин Мишалыын Михаил Андреевич уонна Матрена Андреевна Солдатовтарга дьиэлэммиппит. Ол саҕана биһиги доҕордоһуубут өссө чиҥээбитэ. Оскуолаҕа аргыстаһан сылдьарбыт, уруокпутун бииргэ ааҕарбыт, оҕо буолан мэниктээн да ыларбыт. Ол быыһыгар мөккүһүү, тыл-тылга киирсибэккэ кыыһырсыы да ханна барыай. Олорор ыалбыт элбэх оҕолоохторо, ону таһынан өссө дьукаахтаахтара. Солдатовтар оҕолорун көрсөрбүт, дьиэ ис-тас үлэтигэр тэбис-тэҥҥэ сылдьарбыт. Хаһаайыммытын кытта эргэ баарсаны көтүрэн, маһын кумах биэрэги дабайан ыраах баҕайы сиргэ санныбытынан таспыппытын өйдүүбүн. Ол маһынан кэлин дьиэ туттубута.

Интэринээттэн, таска олорорбут быһыытынан, иккиэн сухой паек ылар этибит. Завхозпут арыыбытын ыйыырыгар куруук балыйа сатыыра. Арыыны ыйааһыҥҥа үөһэттэн быраҕара, ыйааһын стрелката киилэтин көрдөрүөн иннинэ хаба тардан ылара уонна: «Чэ оҕолорбор арыый элбэх да буоллун, мэ, ылыҥ», – диирэ. Биһиги бэйэ-бэйэбитигэр имнэнсэн баран: «Ээ, Афанасий Николаевич, балыыҥкалаа-ма, тоҕо үөһэттэн быраҕаҕыный? Өссө эбиитин ыйааһыныҥ тохтуу илигинэ хаба тардан ыллыҥ дии. Үчүгэйдик ыйаа», – диэн, олох аахсан баран тэйэрбит. Иккистээн ыйаатаҕына, ол арыыбыт аҥаарыттан аҥаара эрэ буолара. Аспытын салааскаҕа тиэйэн эбэтэр суумкаҕа уктан олорор ыалбытыгар илдьэн чөкөччү туттаран кэбиһэрбит. Ыалбыт биһигиттэн кэлтэгэй кэппиэйкэни да көрдөөбөттөрө, кинилэртэн биирдэ даҕаны мөҕүллүбэтэхпит. Билигин санаатахха, адьас туора көрбөккө, оҕолорун кытта тэҥҥэ туппуттар эбит. Ол иһин кинилэри олус истиҥник саныыбыт.

– Оччотооҕу саха ыала барахсаттар бары даҕаны сиэр-майгы өттүнэн мааны дьон буоллахтара.

– Ээ, кэмэ оннук эбитэ дуу, дьон-сэргэ бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара наһаа үчүгэй, иллээх баҕайы буолар этилэр.

– Оттон сэрии кэннинээҕи өй-санаа чөл, инникигэ эрэл, итэҕэл күүстээх кэмэ буоллаҕа дии, – дьахталлар Ньукулай кэпсээнин быһа түспүттэрин сөбүлээбэтэхтии, Дьөгүөр быһаччы түмүк оҥордо. – Чэ, Николай Петрович кэпсээнин ситэри истиэҕиҥ, ол кэнниттэн санаабытын атастаһыахпыт.

– Кырдьык, мэһэйдээбэккэ бастаан истиэҕиҥ, ол кэнниттэн кэпсэтиэхпит буоллаҕа дии, – Евдокия Ивановна, дьүөгэлэрин буойардыы, саҥарда.

Ньукулай куолутунан көхсүн этитэн, сөбүлэһэрдии кэҕис гынаат, салгыы кэпсээбитинэн барда:

– Оскуола комсомолун комитетыгар иккиэн чилиэнинэн сылдьарбыт. Мин 8-с кылааска учком секретарынан, интэринээт сэбиэтин председателинэн үлэлээбитим. Михаил, оскуола чулуу спортсмена буоларын быһыытынан, учкомҥа, интэринээккэ спортивнай секторынан талыллан үлэлээбитэ, оскуолаҕа учууталлар актыыбынай көмөлөһөөччүлэрэ этэ. Кинитэ суох биир да спортивнай күрэхтэһии, уус-уран самодеятельность, поход тэриллибэтэ.

Миша бастыҥ табаарыс этэ. Тоҕо диэтэххэ, кини хаһан баҕарар киһититтэн көрбөккө, барыбытыгар биир тэҥник сыһыаннаһара. Кыһалҕалаах түгэҥҥэ үтүө сүбэһит, үөрүүнү тэҥҥэ үллэстэр амарах доҕор буолара. Хаһан даҕаны күүһүнэн өттөйбөтө, киһиргээбэтэ, кимиэхэ да үчүгэй буола сатаабата, кыамматтары куруук аһынар аакка сылдьара. Мааны таҥаһы таҥнарын отой сөбүлээбэтэ, оҕоттон ураты буола сатаабат этэ.

Биһиги атаҕастабылы ис-испититтэн тулуйааччыбыт суох, бэйэбитин төрүт атаҕастаппат этибит, улахан, күүстээх да уолаттарга куруук утарылаһааччыбыт. Оттон кыамматтары, бэйэбититтэн мөлтөхтөрү хаһан да тыыппат буоларбыт, төттөрүтүн кинилэргэ көмөлөһөрбүт.

Михаил үчүгэйдик ыллыыра, бас куоластааҕа. Кини ыллыырын сэҥээрэн истэрбит, арай концертарга соҕотоҕун ыллыырын өйдөөбөппүн. Оскуола хоругар эрэ кыттааччыбыт. Биирдэ уус-уран самодеятельность көрүүтүгэр бэлэмнэнэн, инструментальнай оркестр тэриммиттээхпит. Ким өй укпу-тун этэр кыаҕым суох эрээри, репетицияны Миша Николаев ыытарын өйдүүбүн. Туох инструменнаах буолуохпутуй, Юлий Шадрин баянныыра, биһиги эрбиини, кураанах бытыылканы тыаһатан оонньуурбут. Хата кимнээҕэр сөбүлээннэр хайҕал бөҕөтүн ылбыппыт.

Дьиҥэр, оҕо дьон быһыытынан, баракааспыт да элбэх буоллаҕа дии. Онтон биир түгэни кэпсиибин. Оҕолорбор, сиэннэрбэр кэпсээтэхпинэ, итэҕэйбэт курдук тутталлар. «Хайдах ол биһиги президеммит оннукка кыттыһыай?» – дииллэр. Биһиги даҕаны эмиэ оҕо буола сырыттахпыт дии. Биирдэ, саас этэ, бадаҕа, таһырдьа күн сылыйбыт, уһаабыт кэмигэр буорах хайдах эстэрин көрөргө быһаарынныбыт. Конный двор диэн хайалаах сир үрдүгэр соруктаах аҕайдык туттан тиийдибит. Американскай хаптаҕай бааҥкаҕа тобус-толору буорах куттубут уонна уһун быаны баайан баран син тэйиччи соҕус саһан, кирийэн сыттыбыт. Саҥата-иҥэтэ суох испиискэни уматтыбыт уонна быабытыгар даҕайдыбыт. Быабыт буруолуу түһээт умайбытынан барда. Биһиги куттанан, хаптайыахпытынан хаптайан, аппа аҥхайыттан көрө сытабыт. Дьэ эбээт, доҕоор, буорахпыт эстэн тыас-уус бөҕөтүн таһаарбат дуо?! Санаабытыгар, тыаспыт Эдьигээни биир гына дуораһыйбыт курдук буолла. Онтон көрбүппүт, буруобут бөһүөлэги үрдүнэн киирэн бара турда. Биһиги, ону көрө-көрө, күлэн уҥа сытабыт. Дьэ ол курдук буорах хайдах эстэрин илэ харахпытынан көрдөхпүт дии.

– Ама оннук баар этэ дуо?

– Тыый, баракаас баҕайы эбиккит дии.

– Эчи кутталын… Кэбис, мин Михаил Ефимович оннук буолуо дии санаабаппын, – дьахталлар бары соһуйа, аймалаһа түстүлэр.

– Оччолорго кини Миша буоллаҕа дии. Этэбин ээ, биһиги даҕаны оҕолор буола сырыттахпыт диэн, – Ньукулай, кырдьыгын таһаарынардыы, холкутук быһаарда.

– Оттон буоллун, ол эрээри киһи истибэтэх баҕайыта…

Дьөгүөр, уопсай күйгүөнү тохтотордуу, илиитинэн далбаатанна:

– Бээ-бээ, тохтуу түһүҥ. Итиччэтигэр мин эһиэхэ атын, өссө чаҕылхай холобуру кэпсиэм. Эһиги Ельцин кинигэтин аахпыккыт дуо?

– Суох.

– Ноо, онно туох баарый? – болҕомто аны Дьөгүөргэ туһаайылынна.

– Борис Ельцин «Исповедь на заданную тему» диэн кинигэлээх. Дьэ онно баар. Бэйэтэ билинэринэн, оскуолаҕа сылдьан олох күлүгээн эбит. Ол эрээри бары кылаастарга наар биэскэ үөрэммит. Инньэ гынан пиэрибэй кылаастан онуска диэри куруук ыстаарыһанан талылла сылдьыбыт. Поведениетын туһунан кыратыттан саҕалаан кэпсээтэххэ маннык: бэһискэ үөрэнэ сылдьан кылаастарын салайааччыта киириэхтээх уруогар оҕолору барыларын иккис этээстэн түннүгүнэн аллара ыстаннартаабыт. Учууталлара киирбитэ, кылааска ким да суох үһү, тахсан дьуһуурунайтан ыйыппытыгар ким да тахсыбатаҕа диэбит. Аны немец тылыгар киһитинэн үчүгэй баҕайы эдэр дьахтар уруогар олоппоһугар патефон иннэтин курдары өрө саайан айдаан тарпыттар. Ол аата немецтэри утаран бырачыастааһыннара үһү. Оттон саамай кылаабынайа, ити хаҥас илиитигэр икки тарбаҕа суох дии, ол гранатаны эһэн мэлиппит.

– Тыый, хата хайдах өлбөтөҕөй?

– Диэмэ даҕаны!

– Дьэ ол маннык буолбут. Бу бэдигиҥ табаарыстарынаан фроҥҥа бараары тииһэллэрин, биллэн турар, ыыппат буоллахтара дии. Дьонуҥ туран бэйэлэрэ бэстилиэт, саа оҥостор буолбуттар. Аны граната булан, ол тэрил ис туруга хайдаҕын билэргэ быһаарыммыттар, эмиэ оҥороору. Ельциниҥ байыаннай ыскылаат буолан турар үс хос хатыылаах боробулуоханан эргитиллибит таҥара дьиэтигэр үөмэн тиийэр. Харабыл дьиэ нөҥүө өттүгэр барбытынан туһанан, түннүк эрэһиэҥкэтин эрбээн иһигэр киирэн, икки гранатаны уктан тахсар. Хата харабыл көрбөтөх. Көрбүтэ буоллар, ыйыта да барбакка, ытан кэбиһиэхтээх эбитэ үһү.

– Тыый, аата күтүр баламатын…

– Эс, хайдах президеҥҥин итинник этэҕин?

– Оттон куттаммата сүрэ бэрт эбит дии!

– Нуучча харса суоҕа буоллаҕа…

– Дьэ бээ, салгыы истиҥ, – Дьөгүөр, истээччилэрэ бэркиһээбит киҥир-хаҥыр саҥарсыыларын буойан, салгыы кэпсээн барда. – Дьонуҥ туран, гранаталарын чинчийэ, куорат таһыгар ыраах тыаҕа тахсаллар. Маладьыаһыҥ табаарыстарын 100-кэ миэтэрэ тэйиччи барыҥ диэн модьуйбут. Бэйэтэ гранататын тааска ууран баран тобуктаан туран молотуогунан чааккайар киһи буолбут. Били запалын араарбатах, билбэт буоллаҕа дии. Онтуката эстэн, икки тарбаҕын мэлиттэҕэ ол. Хата, кырдьык, хайдах өлбөтөҕө буолла?

– Ол бэйэтэ суруйар дуо итини барытын?

– Бэйэтэ буолбакка.

– Киһиҥ өссө онтун киэн туттардыы ахтар ээ.

– Ээ, сымыйалыыра буолуо…

– Ама, доҕор, хайа үлүгэрэй…

– Оо, онуоха холуйдахха, биһиги дьоммут мэниктээһиннэрэ диэн күннээҕи биир түгэн баракааһа буоллаҕа.

– Кырдьык да, оннук эбит.

– Ээ, ама уол оҕо оччо мэниктээбэт буолуо дуо?

– Диэххэ айылаах… – Ельцинтэн саллан, дьахталлар бастаан соһуйа истибит Ньукулайдаах тэбэнэттэрин улахаҥҥа уурбаттыы сыаналаатылар.

– Биһиэхэ даҕаны ити кэннэ син араас баара да, баламаттааһын суоҕа. Чэ мин ахтыыбын ситэрэн кэбиһиим, – Ньукулай кэпсээнин салҕаата. – Тиэмэбититтэн букатын халыйан хааллыбыт. Мин 9 – 10-с кылаастарга оһоллономмун сүгүн үөрэммэтэҕим. Мишалаахтан хаалбытым, кэлин киэһээҥҥи оскуоланы бүтэрбитим. Миша үрдүкү даҕаны кылаастарга куруук лидеринэн сылдьыбыта.

Сайын, күһүн катерынан кэлбит табаары куруустааһыҥҥа үлэлиирбит. Бензини куруустуур харчылаах буолара. Онно мээнэ дьону ылбаттара, күүстээх, бэйэҕин кыанар буолуохтааххын. Трюм иһиттэн 200 лиитэрэлээх буочуканы быалаан баран тардан таһаарарбыт. Михаил үксүн оннук үлэҕэ сылдьааччы. Орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, үөрэх туттарса барарыгар ол үлэлээбит харчытын бырайыас оҥостубут буолуохтаах.

Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, Эдьигээҥҥэ кэргэнинээн үлэлии, олохсуйа кэлбиттэрэ. Мин кинилэргэ Баахынайтан киирдэхпинэ куруук сылдьарым. Уруккубутун-хойуккубутун ахтыһан, ырытыһан кэпсэтэрбит. Николаевтар дьиэлэрэ билигин музей буолуутугар сүбэһит буол диэбиттэригэр үөрүүнэн сөбүлэспитим. Бэйэм ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, Баахынайбар букатыннаахтык олохсуйбутум. Михаил Ефимович кэлин Дьокуускайга улахан дуоһунастаах үлэһит буолбута.

Биирдэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлиир кэмигэр Баахынайга командировкаҕа кэлэ сылдьыбыта. Мин ол кэмҥэ оскуолаҕа учууталлыырым. «Эдьигээн» совхоз Баахынайдааҕы отделениетын управляющайа Михаил Афанасьевич Соломонов миэхэ кэлэн: «Михаил Ефимович эйигин көрсүөн баҕарар», – диэбитэ. Көрсүһэр сирбитин бөһүөлэк таһынааҕы тыа ырааһыйатыгар болдьообут этэ. Мин онно наһаа үөрбүтүм, долгуйбутум. Доҕорбун көрсүбэтэҕим 15 сыл буолбут этэ. Төһө да улахан дуоһунаска сырыттар, миигин, боростуой тыа учууталын, ыҥыран көрсүһэриттэн киэн тутта санаабытым. Балтараа чааһы быһа айылҕаҕа олорон, ис дууһабытыттан кэпсэппиппит. Хайдах олорорбун, хас оҕолоохпун, туох дьиэлээхпин ыйыталаспыта. Биэс оҕолоохпутун, ону таһынан түөрт төгүрүк тулаайаҕы иитэрбитин сөҕө истибитэ. Бары икки хостоох дьиэҕэ симиллэн олорорбутун истэн: «Кыараҕастык да олорор эбиккит», – диэбитэ. Онтон сотору сөмөлүөт кэлбитигэр Михаилы порка тахсан атаарбытым.

Биир кэмҥэ үөрэммит доҕорбут Саха Республикатын президенэ буолбутугар муҥура суох үөрбүппүт. Кининэн киэн тутта оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр, дьоммутугар-сэргэбитигэр мэлдьи кэпсиибит. Үлэтин-хамнаһын туһунан хаһыаттан ааҕа, араадьыйанан истэ, телевизорынан билэ-көрө олоробун. Эдьигээҥҥэ командировкаҕа кэллэҕинэ, кулуупка баран көрсүһэбин. Элбэх дьон ортотуттан миигин таба көрөн хайаан да кэпсэтээччи. Онно маҥнай көрсүһэрбитигэр: «Коля, дорообо! Хайа, манна баар эбиккин дии. Мин эйигин куоракка олороро буолуо диибин», – диэн баран илии тутуһан дорооболоспута. Михаил Ефимович, атын дьон курдук, улуутумсуйбат, урукку оскуолатааҕы доҕотторун, иккис дойду оҥостубут Эдьигээнин сирин куруук истиҥник саныыр. Ону туоһулаан биир түгэни сэһэргиим. 65 сааспын туолар үөрүүлээх күммүн кэргэним, оҕолорум Дьокуускай куоракка бэлиэтиэххэ диэн тыл көтөхпүттэрин үөрүүнэн ылыммытым. Урут-уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаам туолара чугаһаабытыттан олус долгуйбутум. Үөрэппит учууталларбын, биир кэмҥэ үөрэммит, армияҕа бииргэ сулууспалаабыт доҕотторбун-атастарбын мунньан ирэ-хоро кэпсэтэр, оҕо уонна эдэр сааспыт төннүбэт үтүө кэмнэрин ахтыһар дьоро киэһэтин тэрийбитим.

Оҕолорум: «Аҕаа, үбүлүөйгэр Михаил Ефимовиһы ыҥырдаххына кэлиэ дуо?» – диэн үүйэ-хаайа туппуттара. Мин испэр хаһан бириэмэ булан кэлиэҕэй диэн саарбахтыырым. Ол гынан баран ыҥырыыбын президент приемнайыгар орто күтүөтүм илдьэн биэрбитэ, кини Дьокуускайга суох кэмэ буолан биэрбит этэ. Дьоро киэһэм олус иһирэхтик ааспыта. Бар дьоммор олоҕум ситиһиитин, оҕолорбун, сиэннэрбин билиһиннэрэн, доҕотторум үөрбүт харахтарын көрөн олорон бэйэбин олус дьоллооҕунан санаммытым.

Арай биир үтүө күн төлөпүөн тырылаата. Трубкаҕа: «Николай Петрович, бу президент приемнайыттан секретара эрийэбин. Эйигин 65 сааскын туолбут үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит. Сотору Михаил Ефимович бэлэҕин туттара тиийиэхпит», – диэн саҥаны истээт, долгуйуубуттан саҥабыттан маттым. Дьиэтээҕилэрим, сирэйим уларыйбытын көрөн, куттаннылар ахан. Куттаналлара сөп даҕаны, иккитэ инфарктаан «анараа дойдуга» тиийэ сыһан баран, эмчит оҕолордоох буолан бэттэх кэлбиттээҕим. Онтон өйдөнөн кэлэммин:

– Михаил Ефимович бэлэҕин туттара кэлэллэр үһү, – диэн нэһиилэ ыган таһаардым.

Аҕыйах сөкүүндэ иһигэр бары дөйбүт курдук буоллубут, ким да саҥарбат. Буолумуна, хаһан итинник түгэн буолбута баарай? Нэһиилэ өй ылан, аны «улахан дьону» көрсөөрү бэлэмнэнэр аакка түстүбүт.

– Аҕаа, хаһан бокуой булан кэлиэҕэй диэбитиҥ дии. Михаил Ефимович оскуолатааҕы кэмнэрин, чугас доҕотторун син биир умнубат буоллаҕа дии. Ол аата, кини билиҥҥинэн эрэ олорбот, оҕо сааһын доҕотторун куруук саныыр эбит. Итинтэн көстөр кини улахамсыга суоҕа, боростуойа, – оҕолорум үөрэн чоҕулуспут харахтарын көрөммүн, оҕо сааһым түгэннэрэ, бииргэ үөрэммит доҕорум өйбөр бу баардыы элэҥнээн ааспыттара.

Өр көһүттэрбэтэхтэрэ, төрөөбүт күммүнэн эҕэрдэлии, Саха Республикатын президениттэн бэлэх туттара, секретара киирэн кэлбитэ. Улахан да улахан, олус кэрэ роза сибэкки букеттаах этэ. Кэннигэр биир киһи телевизор көтөҕөн турара. Секретарь олус истиҥ тылынан эҕэрдэлээн тыл этэн баран, Михаил Ефимович ыҥырыыны тутан олус долгуйбутун, үөрбүтүн уонна ити күн куоракка баара буоллар, доҕорун үөрүүтүн үллэстэ хайаан да кэлиэхтээҕэ кыаллыбатаҕыттан хомойо саныырын туһунан долгутуулаахтык кэпсээбитэ. Ол кэннэ син өр ону-маны сэһэргэспиппит. Михаил Николаев миэхэ, оскуолатааҕы сааһын доҕоругар, истиҥ тыллары анаабыт суруга бу баар, – Николай Петрович, эрдэттэн чугаһата остуол үрдүнээҕи долбуурга уурбут паапкатын ылан, иһиттэн сибэкки ойуулаах улахан аккырыыкканы таһааран тэнитэн көрдөрдө.

Дьиэлээх аттыгар сэргэстэһэ олорор Дьөгүөр, аккырыыкканы илиитигэр ылаат, туран кэллэ.

– Күндү доҕоттор, үөлээннээхтэр, мин бу эҕэрдэ ис хоһоонун барыгытыгар ааҕан иһитиннэрэрбин көҥүллүүр инигит?

– Тыый, көҥүллээн буолумуна.

– Истэн бөҕө буоллаҕа дии.

– Ээ, дьэ-дьэ, аах…

Уопсай сөбүлэҥи, сэҥээриини ылан, Бологуурап, күөмэйин оҥостон көхсүн этиппэхтээт, аккырыыкканы тэниччи тутан туран доргуччу ааҕан барда:

«Доҕорбор!

Күндү Николай Петрович, орто дойдуга төрөөн, олох олорон 65 сааскын туолбут үтүө түгэҥҥинэн доҕордуу истиҥник эҕэрдэлиибин!

Олоҕуҥ усталаах-туоратыгар ыччаты иитиигэ, кыамматтарга-тулаайахтарга күүс-көмө буоларга, дьиэ кэргэни, алаһа дьиэни олохтоохтук, бигэтик тэриниигэ дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буолбуккуттан астынабын.

Эдэр, оҕо эрдэхпититтэн доҕордуу сыһыаммытын умнубаппын, харыстыыбын. Дьолу-соргуну, үтүө доруобуйаны! Саҥа үйэҕэ бигэ олоҕу Эйиэхэ, дьиэ кэргэҥҥэр баҕарабын.

Эҕэрдэни кытта Михаил Николаев».

Истээччилэр бары, дьиэлээх киһини эҕэрдэлээн, уруйдаан күө-дьаа кэпсэтиилэрин салҕаан, уруккуну-хойуккуну ахтыһа, саныы олордулар.

– Мин эһигиттэн биир кылаас үрдүкү үөрэммитим, – Евдокия Васильевна Кононова, билигин улуустааҕы музей кассира, Николай Петровичка туһаайан бэйэтин ахтыытын саҕалаата. – Ол гынан баран интэринээккэ бары бииргэ олордохпут дии. Оччолорго биология учуутала Анастасия Яковлевна интэринээккэ анаан хортуоска олордор этэ. Онно үлэлиирбит, хортуоска хостоон эбии аһылык оҥосторбут.

Кыһыҥҥы маспытын бэйэбит бэлэмниирбит. Миша, эн, Атласова Лида диэн сытыы баҕайы кыыс баара дии уонна да атыттар буолаҥҥыт 12 көстөөх сиргэ Куонараҕа, Кыстатыамҥа хайыһарынан баран кэлэргит дии. Хайыһар секцията баара, онон походтаан хонон баран кэлэр быһыылаах этигит. Барытын Миша тэрийэрэ.

– Ээ, маарыын эппитим дии, оһоллономмун, балык уҥуо-ҕар харан кылааспыттан хаалан хаалбытым диэн. Кырдьык, ол иннинэ походтаһа барсаары бэлэмнэнэ аҕай сылдьыбытым, – Ньукулай хом түспүт куолаһынан саҥарда.

– Оннук дуу? Уопсайынан, Мишалаах сүрдээх активнай кылаас этилэр.

Мин 1955 сыллааҕы иккис выпуспун, төрдүө эрэ этибит: мин – Иванова Дуся, Элляева Валя, Иванов Миша, Иванов Гоша буоламмыт бүтэрбиппит. Михаил Ефимович Омскайга үөрэҕин кэнниттэн комсомолга үлэлээбитэ. Кинини кытта мин кэргэним бииргэ үлэлэспитэ, мин оҕобун кытта дьиэҕэ олорбутум.

– Ити поход туһунан мин наһаа үчүгэй өйдөбүллээхпин, – кэпсэтиигэ толуу, холку көрүҥнээх Светлана Николаевна Карпова кытынна. – Кырдьык, оччолорго Миша Николаев сааскы өрөбүл кэмигэр нэһилиэктэринэн походу тэрийэр этэ. Улахан уолаттар Кыстатыамҥа хайыһарынан бараллара, оттон биһиги табанан айанныырбыт. Онно биһигини, кыра кылаастары, эмиэ илдьэ сылдьаллара. Аара дьаамҥа хонорбут. Онно уолаттарбыт биһигини, кыргыттары, тоҥуоххут диэн таҥаһынан, соннорунан үллүйэллэр. Оттолоругар сытыарар, наһаа харыстыыр, кыһаллар этилэр.

Кэлин «Эдьигээн» совхоз тэриллибитигэр миигин биир сыллаах зверовод үөрэҕэр Улан-Удэҕа ыыппыттара. Үөрэхпин бүтэрэн Кыстатыамҥа үлэлии сырыттахпына, Михаил Ефимович райкомолга кэлэн баран миигин комсомолга үлэҕэ ылбыта. Сэттэ сыл ыччаты кытта үлэлээбитим. Субуотунньуктары тэрийэрбит, кулууппутугар мас бэлэмниирбит. Кулууп маһын комсомоллар дьаһайаллара, маска бары ырыанан-тойугунан тахсарбыт. Уолаттар охтороллор, кыргыттар мутук ыраастыыбыт, киллэрбиттэрин кэннэ эрбиибит. Стрекаловка мууһугар каток оҥорон хаҥкыылыырбыт.

Наар былаанынан үлэлиирбит. Сэкирэтээрбит хаһан да кыыһырбата, мөхпөтө-эппэтэ, куруук күлэ-үөрэ сылдьара. Концертары, семинардары, конференциялары тэрийэрбит. Быыбардары ыытыы тэрээһинигэр сарсыарда 5 – 6 чаастан гармошкалаах кэлэрбит. Урут оройуоннары бөдөҥсүтүү кэмигэр конференцияҕа кытта Тиксииттэн Чилингаров кэлэр буолара.

Кэлин Дьокуускайга сельхозтехникаҕа ГСМ инженеринэн үлэлээбитим. Онно Михаил Ефимович миниистир эрдэҕинэ чох, горючай боппуруостарынан сибээстээн, куруук алтыһар, кэпсэтэр этибит. Былырыын Эдьигээҥҥэ кэлэ сылдьан, урут комсомолга бииргэ үлэлээбит дьонугар барыбытыгар анаан бэлэх туттартаабыта, наһаа үчүгэйдик кэпсэппитэ.

– Инньэ гынааччы ээ, урукку доҕотторун, бииргэ үлэлээбит дьонун умнааччыта суох, – сэһэргээччи тохтообутугар Ньукулай сэҥээрэн, кэпсэтиини салгыырыгар көрдөһөрдүү, утары олорор Мария Егоровна Федорова диэки көрдө. – Аны Маарыйаны истиэххэ, кини даҕаны балай да бииргэ үлэлээбит, алтыспыт буолуохтаах.

– Бииргэ үөрэнэрин үөрэммэтэҕим. Кини кэлэр сылыгар мин сэттиһи бүтэрбитим. Онтон атын сиргэ көһөн барбыппыт, – Мария Егоровна кэпсээнин улгумнук саҕалаата. – Көрөр этим, интэринээккэ олорон телогрейканан сылдьара. Баттаҕа хойуу, куудара бөҕө, бэргэһэ соччо кэппэт этэ. Оскуола чугас буолан кыһаллыбат быһыылааҕа. Суумката суох, кинигэлэрин кыбына сылдьааччы.

Үөрэнэн үлэһит буолан баран Өлөөҥҥө тиийэн үлэлээбитим. Биирдэ Дьокуускайга көрсөн үлэҕэ ыҥыран, комсомолга тыа хаһаайыстыбатын отделыгар киирбитим.

Ол саҕана сибиинньэҕэ бурдугу сиэтимэҥ диэн уураах тахсыбыта. Ыаллары кэрийэ сылдьан бурдугу, куруппаны сиэппэттэрин хонтуруоллуур этибит. Уопсайынан, киһи сиир бурдугун көҥүллээбэттэрэ. Урут Булуҥу, Өлөөнү, Анаабыры, Верхоянскайы, Эдьигээни холбоон, биир производственнай управление оҥоро сылдьыбыттара. Манна Эдьигээҥҥэ кииннэммиттэрэ. Элбэх специалист баара, кинилэр райкомол бюротугар киирэллэрэ. Олору кытта таба учаастактарыгар эҥин командировкаларга сылдьарбыт. 60-нус сыллар ортолоругар арыгы маассабайа суоҕа. Биир эмэ иһэр ыччакка наставник, кэпсэтэр, иитэр киһини аныыллара.

Кырдьык, куруук былаанынан үлэлиирбит. Нэдиэлэ аайы мунньахтаан, былаан туолуутун бэрэбиэркэлээһин буолара. Михаил Ефимович ону чопчу ирдиирэ.

Идэбинэн зоотехник этим. Хонтуораҕа олорорбун сөбүлээбэппин. Биирдэ управлениелар Москваҕа икки ыйдаах идэни үрдэтинэр курска направление биэрдилэр. Курспуттан кэлбитим, Верхоянскай оройуон арахсан хаалбыт, үлэм миэстэтэ хата баар эбит. Маннааҕы зверофермаҕа старшайынан үлэлээтим. 1964 сыллаахха кырса төрүөҕэр, тирии туттарыытыгар республикаҕа бастаан таҕыстыбыт. Таба иитиитигэр эмиэ бастаатыбыт. Инньэ гынан көтүөхпүтүн кыната эрэ суох сырыттыбыт. Эһиилигэр иккиһин бастаатыбыт.

Онтон Иркутскайга тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ бардым, Николаев Дьокуускайга обкомолга барбыта. Үөрэхпин бүтэрэн учуонай зоотехник буолбутум. Зверофермаҕа үлэлээбит кэммин Михаил Ефимович хайгыыр этэ, оройуон көрдөрүүтэ тубустаҕа дии. Кэлин миниистирдии сырыттаҕына, онтон обкомҥа үлэлиир сылларыгар, мин Верхоянскайга совхоз парткомугар үлэлиир кэмнэрбэр куруук көрсүһэр, үлэбитинэн алтыһар буоларбыт. Көмөлөһөр этэ.

Мария Егоровна кэнниттэн кыра, хатыҥыр бэйэтигэр холооно суох эрчимнээхтик туттубут-хаптыбыт, сытыы тыллаах-өстөөх, олохтоох бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Ивановна Константинова, тыл этэрин кэтэһэн олорбуттуу, кэпсэтиини тута хабан ылан салгыыр:

– Убайын кытта саастыыбын. Михаил Ефимович оҕо эрдэҕиттэн сүрдээх туругас-олоругас, сүрэхтээх, ирдэбиллээх, бэйэтин саастыылаахтарын түмэ тардар дьоҕурдаах этэ.

Кэлин райком пленума, бюрота буоллун, итэҕэһи-быһа-ҕаһы тута этэр идэлээҕэ. Биирдэ райком бастакы секретара Васильев Николай Егорович баарына кыыл, таба иитиитигэр итэҕэһи ыйбытын киһитэ сөбүлээбэтэҕэ. Оччолорго партияны саҥарыллыбат этэ. Мээнэ буолары-буолбаты араатардыыр куолуһут дьон элбэх буолара. Кини инньэ гыммат этэ. Ордук-хоһу тугу да саҥарбакка, чопчу, чуолкайдык этэрэ. Комсомолга үлэлии сылдьан, мин Баахынайга сэбиэттээн олордохпуна, субуота, өрөбүл аайы 10-тан тахса көстөөх сиргэ хайыһарынан кэлэллэрэ. Бөһүөлэктэн 1,5 көстөөх сиргэ зверофермаҕа хайа үрдүттэн мас охторон, мыраан сирэйинэн аллара түһэрэллэрэ. Бөһүөлэккэ лекция ааҕара, концерт, маассабай оонньуу тэрийэрэ. Трио, квартет иһигэр киирсэн ыллаһар этэ. «Ыытар миигин комсомол», «Геологи», онтон да атын ырыалары ыллыырбыт. «Шахталыыбыт», «третий лишний» оонньуубут. Сэкирэтээрбин диэн туора турбат, киирсэн иһэр. Хаһыат, листок таһааттарара. Биирдэ дьиэбэр киэһэ, маҕаһыын сабыллыбытын кэннэ, уоппун отто сырыттахпына кэлэн соһуттулар. Атыыһыты булан маҕаһыын астаран ас ылан кулуупка баран аһаан, мааттар үрдүлэригэр хонон турардаахтар.

Дьоҥҥо наһаа эйэҕэс, кыһамньылаах. Дьон аатын барытын билэр, өйдүүр. Бииргэ үөрэммит табаарыһа Петров Николай Иннокентьевич диэн хирург куртах рага буолан, пенсияҕа тахсаат, өлбүтэ. Өлүөн биир сыл иннинэ Михаил Ефимович президеннээн олорон, командировкаҕа кэлэ сылдьан көрсөн кэпсэппит, эмкэ көмөлөһүөн хайыы-үйэҕэ кыаллыбат буолбут этэ. Ону Коля өлөрүгэр наһаа үчүгэйдик санаан барбыта. Ксенофонтовтар диэн бырааттыылары сураспыта. Олорго, элбэх оҕолоох, хаһаайыстыбалаах ыалларга, дьиэ тутуутугар матырыйаалынан көмөлөспүтэ.

Михаил Ефимович дойдутун мэлдьи ахтар-саныыр. Хаһан эмэ кэллэҕинэ, кумахха балыктыыр, сынньанар. Саамай таптыыр миэстэтэ – оҕо сылдьан атах сыгынньах бадараанын кэһэн тиийэн күөгүлүүр сирэ, Уоттаах диэн. Биһиги хайабыт салгыыта, кумахтаах, хайалардаах, буруулардаах күөгүлэнэр сир. Онно тиийэн күөгүлээччи. Интэринээккэ иитиллибит, тулаайах аҥаардаах киһи буоллаҕа дии. Оскуола көлүнэр атын үөрэҕин быыһыгар көрөр-истэр, биэбэйдиир этэ. Тулаайах, эрэйи көрбүт киһи буолан, дьоҥҥо наһаа үчүгэй сыһыаннаах. Эдьигээҥҥэ көмөтө элбэх. Семейнэй экономиканы наһаа өйүүр, улууска сибиинньэни, кууруссаны дэлэччи ыыттарар. Кимиэхэ туох наадатын куруук ыйыталаһар.

Бэйэтин курдук үлэһит, түүннэри-күнүстэри сылдьар дьону сөбүлүүр. Бытаан киһини сөбүлээбэт, оннуктары быһа-хото саҥаран даҕаны кэбиһиэн сөп. Уопсайынан, олус принципиальнай, справедливай киһи.

Кэпсэтии киэһэ хойукка диэри уһаата. Дьөгүөр Бологуураптан уратылара олохтоох Эдьигээн дьоно, бары Михаил Ефимовиһы кытта биир көлүөнэ дьон, биир кэмҥэ үөрэммит, үлэлээбит, бииргэ алтыспыт доҕотторо, табаарыстара. Олох оҥоһуута, дьылҕа хаан ыйааҕа диэн дьикти баҕайы. Оҕо эрдэҕинээҕи, эдэр сааһыҥ кэминээҕи, бэйэҕиттэн соччо улахан уратыта суох курдук көстөр доҕоруҥ, үөлээннээҕиҥ кэлин улахан киһи, бүтүн норуот лидерэ, республика салайааччыта, президенэ буола үүнэрэ-улаатара олус үөрүүлээх, умсугутуулаах иэйиини, киэн туттунуулаах санааны үөскэтэрэ биллэр.

Кылгас түгэҥҥэ дьиэ иһэ чуумпуран, дьон бэйэлэрин санааларыгар куустаран саҥата суох олорбохтоотулар. Бу олорооччу Эдьигээн олохтоохторо эдэр эрдэхтэринээҕи үөрэх, үлэ күүрээннээх кэмнэригэр Михаил Николаевы кытта алтыспыт умнуллубат үтүө өйдөбүллэрин иккистээн тилиннэрэн минньитэ саныы олорор буоллахтарына, Дьөгүөр Бологуурап өйө-санаата букатын атынтан иҥнэн, онтугар хоруй көрдүүрдүү, барыларыгар туһаайан ыйытта:

– Киһи киһиттэн уратыта туохханый? Атыннык эттэххэ, оҕо эрдэхтэн биир кылааска үөрэммит, биир кэмҥэ студеннаабыт, биир коллективка үлэлээбит, этэргэ дылы, биир иһиттэн-хомуостан аһаспыт киһиҥ үрдээн, улаатан, республика салайааччытыгар тиийэ үүнэн тахсыытыгар туох төрүөт, күүс-көмө, өйөбүл буолуон сөбүй?

– Ким билэр, оттон өй-талаан быһаарар ини.

– Ген диэн баар дии, төрдө-ууһа быһаарара буолуо.

– Ээ, Михаилы эттэххэ, төрүт оҕо эрдэҕиттэн киһиттэн эрэ ураты өйдөөх-санаалаах, бэрээдэктээх, аһыныгас майгылаах этэ, – Ньукулай, үөлээннээхтэрин этиилэрин биир санааҕа түмэрдии, күө-дьаа баһаарыйда. – Онтуката үүнэн-сайдан истэҕин аайы тэҥҥэ сайдар буоллаҕа дии.

– Ол аата, олох оскуолатыгар, үлэҕэ-хамнаска буһуу-хатыы таһынан, бэйэ билбитинэн-көрбүтүнэн дуоһуйбакка, өссө эбии самообразование, бэйэни бэйэ ииттиниитэ, куоһаныы быһаарар буоллаҕа, – Евдокия Ивановна, түмүктүүрдүү, быһа-бааччы быһаарда.

Дьөгүөр, барыларын санааларын истэн баран, Николаев биир интервьютугар «…мин олоҕум оскуолата атын эбит быһыылаах. Норуот саамай дьадаҥы араҥатыттан саамай ыарахан, сэрии, сут-кураан, репрессия түбүлээбит кэмигэр төрөөн-үөскээн, тулаайах аҥаардаах үөрэҕэ суох ийэбитигэр түөрт оҕо иитиллэн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан тыыннаах ордон, үөрэнэн үлэһит буолбутум ол дьайар буолуохтаах» диэбитин аҕынна.

– Чахчыта оннук. Биһи көлүөнэ дьон оҕо сааспыт, ордук кыамматтар, тулаайахтар өттүлэригэр, тыыннаах ордор, киһи буолар туһугар ууга-уокка дьиҥнээх хатарыллыыны, уһаарыллыыны аастаҕа дии. Кини оннук дьонтон биирдэстэрэ буоллаҕа, – Ньукулай, оҕо эрдэҕинээҕи эрэйдээх кэмин санаан, өрө тыынан ылла.

– Кырдьыга да, биһиги оҕо сааспыт кэмэ диэхтээн Павка Корчагин кэмиттэн туох ордуктаах буолуой? – Мария Егоровна, сөбүлэһэрдии, Ньукулай диэки кэҕис гынна. – Онтукпутунан өттөйбөтөх эрэ буруйдаах инибит.

– Буот, Михаил Ефимовиһыҥ ол иһин этэр, оннук кытаанах, тыйыс усулуобуйаҕа буһан-хатан тахсыбытым ол дьайар буолуохтаах диэн, – Дьөгүөр сөмүйэтин чочоҥнотто. – Ол иһин кини саха норуотун кыһалҕатын, эрэйин-муҥун өйдүүр. Омугун былыргы историятын, кини чулуу уолаттара олорбут олохторун, мөккүспүт мөккүөрдэрин иҥэн-тоҥон үөрэтэр, кинилэр дьыалаларын, өйдөрүн-санааларын үлэтигэр туһанар. Урукку салайааччыларбытыттан хайалара оннук гынар этэй?

– Кырдьык даҕаны, историяны хаһыспыттара суох ини.

– Кинилэр бэйэлээхтэр былыргы өбүгэлэрин үөтэ сылдьыахтара баара дуо? Хата сорохторо Өксөкүлээх, Алампа, Күлүмнүүр курдук дьоннорбутун буржуазнай националистар диэн сыанабыл бэрдэрэ сатыыллар этэ, Ойуунускайы, Омуоһабы «норуот өстөөҕө» аатырда сылдьыбыттара дии. Оччотооҕу да аас-туор кэмҥэ салайааччылар, элиталар олохторо атын этэ, – Дьөгүөр, кэпсэтиини түмүктүүрдүү, чааскытын сыҕарыта анньан баран дьиэлээхтэргэ махтанна.

Биһиги Аан Дархаммыт

Подняться наверх