Читать книгу Биһиги Аан Дархаммыт - - Страница 5

Бастакы түһүмэх
Хотуттан хотоҕой анньынан
Оскуола

Оглавление

Дириэктэрдэрэ, сарсыарда аһаҕас уруоктаах буолан, суоҕа. Анастасия Яковлевна ахсыстарга биологияны үөрэтэн баран учууталыскайга киирбитигэр, Марианна Евгеньевна кинини хайдах эрэ сирэйэ-хараҕа сырдаан, үөрэ-көтө көрүстэ.

– Ну, здравствуй, мадонна, ходишь, уроки даешь, а там ребята сами… – тугу эрэ ситэ саҥарбакка мүчүҥнээн кэбистэ. – В общем сама посмотришь после уроков.

«Тыый, тугу оҥорбут буоллахтарай?» – диэн Анастасия Яковлевна уһун переменаҕа диэри икки уруок устата иһигэр ааллара, дьиксинэ саныы сырытта. Үһүс уруок бүтээтин кытта интэринээтигэр сүүрэн тиийбитэ, хараҕар дьиэ таһыттан ыла саҕалаан күүппэтэх атын хартыыната арылынна. Кирилиэс таһынааҕы киһи хараҕын аалар араҥас өҥнөөх муус-хаар, кир-хох суох буолбут. Иһирдьэ киирбитэ, суунар хос ып-ыраастык сууйуллубут, урукумуонньук аннынааҕы баах тобус-толору кирдээх уунан билгийэн турар бэйэтэ кубус-кураанах килбэйэн олорор. Хостор, утуйар ороннор бары тупсаҕай баҕайытык хомуллубуттар. Икки хоһунан олорор кыра кылаастар оҕолоруттан ыйыталаһа, кэпсэтэ-хайгыы түһэн баран, эдэр учуутал сүргэтэ көтөҕүллэн, дьиэрэҥкэй аҥаардаах оскуолатыгар төттөрү элэстэнэн таҕыста.

– А ну-ка, теперь расскажи, моя красавица, как тебе удалось совершить культурную революцию? – Марианна Евгеньевна, Анастасия сирэйэ-хараҕа сырдаан киирбитин көрөн, куолутунан күлэ-оонньуу кэриэтэ, ыйытта.

– Барытын Миша Николаев тэрийбит үһү, бары мустан мунньахтаабыттар. Хас да сектор сэбиэтин, хостор ыстаарыһаларын бэйэлэрэ талбыттар уонна тута дьаһанан үлэлээн-хамсаан барбыттар, – Анастасия Яковлевна үөрэ-көтө бэҕэһээҥҥи көрсүһүүтүн туһунан сиһилии кэпсээн биэрбитигэр дириэктэрэ тэҥҥэ үөрсэн, сөҕө-махтайа иһиттэ. Урут атын оскуолаҕа итинниги көрсүбэтэх, билбэтэх эбит буоллаҕа.

– Оказывается, детям самим надо давать власть.

Итинтэн сиэттэрэн, олох-дьаһах, үлэ-хамнас туһунан киэҥник хабан кэпсэтиигэ баар учууталлар бары кытыннылар.

– Дорогие коллеги, нам как-то надо оживить работу кружков. До сих пор они существовали формально, только на бумаге. Каждый специалист должен проводить практическую общественно-полезную работу на занятиях кружков по своему предмету. Как вы на это смотрите?

– Сөп буолуо, – математик Иннокентий Афанасьевич ылбат-биэрбэт икки ардынан иҥиэтиннэ.

– А как это должно выглядеть на деле? – Зоя Дмитриевна чуолкайдаһааччы буолла.

– Ну вот, вам, например, как преподавателю русского языка и литературы ставить хотя бы по праздникам пьесы, сценки из произведений классиков силами учащихся и населения.

– Вот как? Впрочем, почему нельзя? Можно.

– Вот и хорошо, таким же образом нужно поступить и в кружке по якутскому языку. Немного иначе обстоит дело по истории, биологии, математике. Но и тут можно проводить интересные занятия, главное, детей надо заинтересовать, привлечь их внимание к активной деятельности, – Марианна Евгеньевна учууталлары үөрэтэр-иитэр үлэҕэ угуйар үтүө баҕата, өй-санаа кылын таарыйар истиҥ тыла-өһө барыларын көҕүлүүргэ, бэйэтигэр чугаһатарга дылы гынна. – Вот буквально вчера произошло чудо. Благодаря Анастасии Яковлевне, интернатчики наши совершили, так сказать, культурную революцию. Все убрано, чисто, любо смотреть.

– Это Миша Николаев все организовал, я просто рассказала им из опыта своей интернатской жизни.

– Вот и чудесно, поделись и с нами своим опытом. Ты, кажется, окончила вторую школу в Якутске?

Анастасия Яковлевна, кэмчиэрийэ соҕус да тутуннар, кэпсээнин бэрт ыраахтан саҕалаан сэһэргээбитинэн барда.

Оччолорго иккис оскуола дириэктэринэн Роман Михайлович Поскачин диэн кип-киэҥинэн куруук чинчилиирдии көрө сылдьар, өрө тарааммыт баттахтаах, ордоотуу соҕус улахан саҥалаах, уһун ньолоҕор сирэйдээх хатыҥыр кыра киһи үлэлиир этэ. Кини нүксүччү соҕус туттан, киэҥ-киэҥник, чиҥник хардыылаталаан көрүдүөр устун хоһугар ааһарын төһө даҕаны толло көрдөллөр, дьиҥинэн, кини оҕоҕо да, үлэһиттэригэр даҕаны болҕомтолоох, сымнаҕас сыһыаннаах киһинэн биллэрэ. Учууталлар, интэринээт иитээччилэрэ үксүн эр дьон буолаллара. Биирдэ даҕаны үөрэнээччилэрин мөҕөн-этэн кирдиэлэппиттэрэ, түүрэйдээбиттэрэ диэн суоҕа, төһө кыалларынан өйүү-убуу, сүбэ-ама биэрэ сылдьаллара. Николай Васильевич Егоров, Алексей Герасимович Захаров, Федот Васильевич Попов, Николай Дмитриевич Соловьев курдук учууталлар, интэринээт иитээччилэрэ: кыргыттарга Иван Лукич Лукшин, уолаттарга Василий Лукич Сенькин – үгүс оҕо өйүгэр-санаатыгар хаһан да умнуллубаттык иҥэн хаалбыт, өйтөн сүппэт дьон буоллахтара.

Интэринээккэ хайдах бэйэлэрин көрүнэн-дьаһанан олорбуттарын таһынан куруһуоктары, ордук спортивнай, культмаассабай, юннатскай үлэлэри, ураты көхтөөхтүк салайбыт Степан Павлович Петров, Василий Лукич Сенькин курдуктары Анастасия Яковлевна улахан махталынан бэлиэтээн аҕынна. Физрук Степан Павлович бэйэтэ эрчийбит оҕолорунаан Иван Петровтуун, Дмитрий Саввиновтыын хайыһарга хамаанданан күрэхтэһиилэргэ хас да сыл устата республикаҕа миэстэлэспиттэрэ, бастаабыттара. Оттон Василий Лукич араас краеведческай, туристическай походтары тэрийэрэ, гербарий хомуйтарара.

– Вот тебе и карты в руки, организуй юннатский кружок, – дириэктэр, этэргэ дылы, эдэр учууталын тылыттан хабан ылла.

Анастасия Яковлевна, дириэктэрин сорудаҕын төһө да эмискэ дьаһал курдук соһуйа иһиттэр, эй да, ээх да диэн хардарбата, симиктик мичээрдээн эрэ кэбистэ. Сорудах бэрилиннэ да туолуохтаах, туох да диэн утары этэр, уһатар-кэҥэтэр сылтах суох буолан биэрдэ. Уруоктарын быыһыгар күнү быһа туохтан саҕалаан үлэлиирин эрэ туһунан толкуйдуу, мунаара сырытта. Уһун мунаах-тэнээх санаа кэнниттэн институкка үөрэппит учуутала Василий Николаевич Дохунаев ньыматынан арай пришкольнай учаастак тэрийэн оҕолорунан бэйэлэринэн араас ол-бу үүнээйи үүннэттэрэн, көрүү-харайыы үлэтин тэрийэн көрбүт киһи диэн түмүккэ кэлбитэ.

Киэһэ дириэктэрин кытта санаатын үллэстэ киирбитэ, завуһа Матрена Петровналыын тугу эрэ кэпсэтэ, сүбэлэһэ олороллоро.

– Мы как раз сидим обсуждаем, кого выбрать секретарем комсомольской организации и в учком. Кого можно, как вы считаете? – Марианна Евгеньевна, кэтэһэн олорбут курдук, эдэр учууталыттан ыйыта тоһуйда.

Анастасия Яковлевна, эмиэ урукку интэринээттээҕи олоҕун холобуруттан өйдөөн, тута хардарда:

– Обычно у ребят бывают свои лидеры, они сами должны выбирать.

– Это мы понимаем, – Матрена Петровна, эйэҕэс, холку бэйэлээхтик мичилийэн кэбиһээт, этиитин сахалыы түмүктээтэ: – Биһиги санаабытын этии эрэ быһыытынан киллэрэр кыахтаахпыт.

– Биллэн турар, Миша Николаев секретарь, оттон Шадрин Юлий дуу, Софронов Коля дуу учком буолуохтарын сөп.

– Вот и хорошо. Можно сказать, что мнения наши совпадают, – Марианна Евгеньевна, астыммыттыы, күлэн ылла. – Вы, кажется, по какому-то делу пришли?

– Я по поводу юннатского кружка.

– Ах, да-да. Ну и с каким предложением?

– Что если пришкольный участок создать?

– Да-а? И чем же там заниматься?

– Школьники сами бы занимались овощеводством, сажали бы картошку, морковь…

– Ой, хорошо-о бы, а будет ли расти? – Матрена Петровна чахчы сэргээбит быһыынан унаарытта.

– А почему бы и нет? Хорошая идея, – дириэктэр быһа түһэн саҥа аллайда. Тугу эрэ толкуйдуу түһээт, салгыы саҥарда: – Только надо подобрать участок с хорошей почвой.

– Арба даҕаны, эргэ ат дала баар ээ, киэҥ баҕайы. Вот заброшенное стойло лошадей за общежитиями учителей.

– Точно, и от воды недалеко.

Нууччалыы-сахалыы бэркэ өрүкүйэн быһаарсыы кэнниттэн салгыы хантан туох сиэмэни булан үүннэрэр туһунан боппуруоска кэлэн иҥиннилэр.

– Я попробую написать письмо бывшему своему руководителю. Думаю, он поможет и советом, и семенами, – Анастасия Яковлевна кичэмэл санаатын быктарбытыгар дириэктэрэ сөбүлэһэн сонно тута хаба тардан ылла:

– Правильно думаешь, свяжись немедля, надо еще где-то заказать семена, подходящие нашим климатическим условиям.

– Наш район лежит на одной параллели с Архангельской областью. Может, туда напишем? – Матрена Петровна, куолутунан, хаһан эрэ аахпытын-билбитин өйдөөн ылла.

– Очень хорошо, мы поищем адреса, с кем связаться в Архангельске. А вы сегодня же напишите своему руководителю.

Анастасия Яковлевна, киэһэ дьиэтигэр тиийэн, институттааҕы сылларыгар биологияны үөрэппит учууталыгар Дохунаевка анаан-минээн сурук суруйда. Василий Николаевич Дьокуускайга аан маҥнай ботаническай сады тэрийэн үлэлэтэригэр студенныы сылдьан үгүстүк үлэлэспит, практикатын барбыт салайааччыта этэ.

* * *

Сарсыардааҥҥы дьыбардаах халлаан тумарыктыйар будулҕаныгар курданалларыгар диэри сыгынньах уонча уол таһырдьа сырсан тахсаннар, халыҥ хаар ыраас ньууругар үҥкүрүйэн-күөлэһийэн ылбахтаат, тура эккирээн, түөстэрин, моонньуларын харса суох хаарынан суунан булумахтаннылар. Онтон сүүрэкэлии сылдьан хардарыта көхсүлэрин анньыстылар, ол быыһыгар хатыйсан, түҥнэритэ анньыһан, устунан кып-кыһыл буолуохтарыгар диэри тустан биликтэһэн бардылар.

– Коля, кытаат, охтума-а!..

– Оо, Миша эмиэ кыайда!

– Володя, кэл! Эн биһи бэйэбит киирсиэххэ…

– Дабаай, Мишаны куолуоҕуҥ!..

Орто курбуу уҥуохтаах, өрүкүйбүт хара куударалаах нууччалыы хааннаах уол тула тэлэкэчийэ сылдьан утуу-субуу үрдүгэр кэлэн түһэр уолаттары, өр-өтөр гынаттаабакка, хардарыта соһуталаан иһэр. Онтон күргүөмүнэн сырсан кэлэн биир сомоҕо буола чөмөхтөһөөт, сууласпытынан бары хаарга охтон түһэллэр. Харса суох булумахтанан, бөтүөхтэһэн, аҕылаһан-мэҥилэһэн тура эккирээт, интэринээттэрин диэки сүүрэн маҕыһаллар. Киирээт, соттордорун үрдүгэр түһэн, эттэрэ-сииннэрэ итийиэр, кууруор диэри соттубутунан бараллар.

– Ыч-чаа…

– Хайдах ыччалыыгын, доҕор, кыһыны быһа дьарыктанан баран? – Миша, аттыгар сотторунан көхсүн суураланан аҕылыы-мэҥилии турар табаарыһын диэки тэбэнэттээҕинэн көрөөт, күлэн лэһигирэттэ.

– Ээ, үөрэнэн хаалбычча, өйдөөмүнэ…

– Бээ, кырдьык, былырыын төһөҕө саҕалаатыбыт этэй?

– Олунньу ыйтан.

– Ээ, сөп-сөп, били Анастасия Яковлевна режим туһунан кэпсиэҕиттэн ыла тута дьарыктаммыппыт дии. Билигин тохсунньубут бүтэн эрэр. Кырдьык, сыла чугаһаан эрэр эбит, – хатыҥыр, намыһах уҥуохтаах Володя Федотов бигэргэтээччи буолла.

– Үчүгэй буолбат дуо күнү быһа чэбдик сылдьарбыт?

– Өссө киэһэ сытыах иннинэ суунарбыт үчүгэй ээ, түүн олус кытаанахтык утуйан тураҕын.

– Ол эрэ буолбатах, кэлин тумуулаан да көрбөт буоллубут дии.

– Анастасия Яковлевна эрчилиннэххитинэ ыалдьыаххыт, грипкэ ылларыаххыт суоҕа диэн сөпкө да эппит эбит.

– Кырдьык, ол иһин дэгиттэр барытыгар эрчиллиэххэ наада, – Миша доҕотторун биир санааҕа түмэр, көҕүлүүр быһыынан кэриччи көрүтэлээтэ.

– Оттон хайыһардыыбыт дии.

– Ол диэн кыра.

– Миша бэйэтэ штанганан дьарыктанар, ол иһин күүстээх, – Коля Софронов табаарыһын илиитин-атаҕын, быччыҥын туппахтаан көрөр.

– Айыкка, доҕор, миигинник киһи тимири кытта өрө тус-туо суохпун. Күүстээх, улахан эрэ дьон дьарыктаныахтарын сөп.

– Оннук буолбатах. Владимир Стогов диэн кыра ыйааһыҥҥа аан дойду чемпиона бэйэтин ыйааһыныттан икки аҥаар төгүл ыараханы анньар.

– Тыый, сүрдээх да буолар эбиттэр! Оттон эн төһөнү анньаҕын?

– Мин нэһиилэ бэйэм ыйааһыммын көтөҕөбүн. Анаан эрэ дьарыктаннахха улаханы ситиһиэххэ сөп. Холобур, Плюкфельдер, американец Пауль Андерсен, онно олорор японец Томми Коно курдук.

– Итилэри эн хантан билэҕин? – уолаттар сирэйдэрэ-харахтара өрүкүһэн, Мишаны төгүрүйэн кэбистилэр.

– «Физкультура и спорт» сурунаалтан уонна «Советский спорт» хаһыаттан.

– Ээ, куруук библиотекаҕа сылдьар киһи билэн бөҕө буоллаҕа дии.

– Аан дойду, Олимпиада чемпиона буоларга ынырык эрчиллии наада буолуо ээ?

– Сүрдээх буоллаҕа дии.

– Оннук буолумуна. Холобур, боксаҕа ыарахан ыйааһыҥҥа чемпион Рокки Марчиано апперкот диэн соҕотох удары уу анныгар түөрт чаас устата тохтоло суох охсоро үһү.

– Аата сүрүн, Миша, эн эмиэ оннук дьарыктаныаҥ дуу? – ким эрэ омуннуран ыйытта.

Миша, бэркиһээбиттии, күлэн кэбистэ.

– Эс, мин дьиҥнээх спорка охтуом суоҕа. Эппин-хааммын эрэ сайыннарар туһуттан дьарыктанабын.

– Оо, оҕолоор, остолобуойбутугар хойутаары гынныбыт!

– Кырдьык даҕаны.

– Уруок кэнниттэн бары хайыһарга тахсаарыҥ, сотору поход буолуо.

– Сөп-сөп…

Тиэтэлинэн таҥнан, бары остолобуойдарыгар саамылаһан таҕыстылар.

* * *

Ньирээйи мастаах сэндэҥэ ойуур быыһынан хас да хайыһардаах киһи бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи, үтүктүспүт курдук, субуруһа сүүрэн иһэллэр. Кинилэр ахсыалар. Хара искиэрэлээхтэр, хаатыҥкалаахтар. Хара барааҥка бэргэһэлэрин кулгаахтара хас хамсаннахтарын аайы, кынатынан сапсынан эрэрдии, өрүтэ даллараҥныыр. Бу орто оскуола тохсус, онус кылаастарын уолаттара Уолба учаастагар походтаан төннөн иһэллэр. Сарсыарда эрдэ туран айаннаан, күнүс 11 чаас саҕана тиийэ охсубуттара. Оскуола дьиэтигэр дьону мунньан, лекция ааҕан, хаһыат, араадьыйа сонуннарыттан кэпсээн агитационнай үлэ ыытан баран, эбиэттии түһээт, төттөрү айаннаабыттара.

Үрэх тоҕойдорун быһыта охсор аҥхалаат сир киириитин-тахсыытын ааҕа сүтэ-сүтэ көстөр поход кыттыылаахтара дьиэлэрэ чугаһаан истэҕин аайы эбии тэптэн тэтимнэрин эбэн, устунан күрэхтэһэр быһыынан сырсан киирэн бардылар. Бастаан иһэр этэрээт хамандыыра Миша Николаев кэнниттэн тэйиччи соҕус хаалан испит Ваня Никифоров түргэнник тэбэн бөтүөхтээн чугаһаан кэллэ.

– Миша, түргэтиир үһүбүт, дьоммут тиэтэтэллэр.

– Сылайбатах буоллахтара дуу? Дьэ үс биэрэстэни сүүрэбит, онтон дэриэбинэбит көһүннэҕинэ бытаарыахпыт, – тэтимнээхтик сыыйа тэбэн, Миша сүүрэрин эбэн биэрдэ.

Стрекаловка мууһугар киирэн, чигдитийэ кытааппыт килэркэй суол устун харса суох тэбэн, үс биэрэстэ сири начаас элэҥнэттилэр. Бөһүөлэк кытыы дьиэлэрин кырыыһалара көстөр буолуута Миша, кэннин хайыһан көрөн баран, дьоно бары ситиһэллэрин курдук бытаарда.

– Хайа, бары үчүгэйгит дуо?

– Үчүгэйбиэт…

– Мин хайыһарым быата холкутаата.

– Оттон мин торуоскам хаалыга алдьанна, – Кеша Гоголев, күлэн мичилийээт, хаалыга суох торуоскатынан далбаатанна.

– Дьэ мантан инньэ аргыый барыаҕыҥ. Улахан алдьаныыта, сүтүгэ суох үчүгэйдик сырыттыбыт, – Миша астыммыт быһыынан холкутук күлэн кэбистэ.

– Улахан Күөлгэ хаһан барабыт?

– Кэлэр өрөбүлгэ.

– Каникулбут кэмигэр Баахынайга дуу, Кыстатыамҥа дуу баран кэлиэҕиҥ. Туох дии саныыгыт?

– Эбэтэр Куонараҕа… – ким хантан сылдьарынан, бэйэтин дойдутун диэки иэҕэн тыл көтөхсүүтэ саҕаланна.

– Ыраахтара бэрт, хайдах тиийээри…

– Ортотугар дьаамҥа хонон тиийэр буоллахпыт дии.

– Оҕолоор, Марианна Евгеньевна Кыстатыамҥа агитбригаданан баран концерт көрдөрөн кэлэр туһунан биллэрбитин истибиккит дуо? – Миша доҕотторун кэриччи көрүтэлээтэ.

– Тыый, ол оччо ыраахха концерт малын, таҥаһын-сабын хайдах сүгэн бараары… – тохсуска үөрэнэр Проня Спиридонов сибилигин баран эрэрдии аймана түстэ. Атыттар даҕаны мунаарбыт көрүҥнэннилэр.

– Табанан барыахпыт. Директорбыт кэпсэтиэх буолбут, – хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ Миша Николаев оскуола олоҕун былааныттан сонун иһитиннэриитин бары сэргии түстүлэр. – Кыра кылаастары кытары илдьэ барыахпыт.

– Ок-сиэ, дьэ ньиргиэр айан буолсу.

– Оттон табалаахтар куотар буоллахтара дии.

– Туох буолуой, дьаамҥа хонукпутугар ситиэхпит буоллаҕа.

– Уу, үчүгэй да буолсу…

Поход кыттыылаахтара, инники күүтэр көхтөөх тэрээһин сонунун истэн үөрэ-көтө аймалаһан, ким дьиэлээх дьиэтигэр, оттон үгүстэр тутуспутунан интэринээттэригэр бардылар.

Биһиги Аан Дархаммыт

Подняться наверх