Читать книгу Биһиги Аан Дархаммыт - - Страница 3

Бастакы түһүмэх
Хотуттан хотоҕой анньынан
Эдьигээн.
Оҕо саас өйдөбүллэрэ

Оглавление

Көтөр аал үрдүк халлаан өрөһөтүн хайа тыыран тус хоту көтөн күпсүйэр. Мотуор тыаһын биир күдьүс ньиргиэригэр бигэнэн, салон иһэ толору айанньыт сымнаҕас кириэһилэлэргэ тиэрэ түһэн, ким утуйа, ким иллюминаторга сыстан улаҕата көстүбэт улуу өрүс кыдьымах мууһун курдук быыһа суох тэлгэнэ сытар үрүҥ былыт халыҥ халҕаһатын одуулаһа иһэллэр. Сөмөлүөт билигин муҥутуур үөһэнэн, сиртэн уонча тыһыынча миэтэрэ үрдүгүнэн көтөн иһэрин туһунан араадьыйанан чуолкайа суох иһиллэр куолас биллэрдэ. Сотору салон иһигэр дьон сэргэхсийэн кэпсэтэр, күлсэр саҥалара иһилиннэ. Ону кытта тэҥҥэ стюардесса икки мэҥэһик долбуурдаах дьоҕус тэлиэскэҕэ сөрүүкэтэр утах, ол иһигэр уһун моойдоох арааһын ыга симэн иһэрэ көһүннэ. Кини тыаһа суох кириэһилэлэр быыстарынан аа-дьуо ааһан иһэн пассажирдартан:

– Тугу иһиэххитин баҕараҕыт? – диэн сэмээр ыйыталаһар.

Сөмөлүөт иһинээҕи дьон үксэ урукку өттүгэр маннык тэрээһиннээх айаҥҥа түбэһэ иликтэрэ таайан, кэмчиэрийэ быһыытыйан, сөрүүкэтэр эрэ утахтарынан муҥурданнылар. Ол эрээри араас этикиэккэлэрдээх үрүҥ-кыһыл бытыылкалартан астаран, биирдии-иккилии үрүүмкэни куттаран тамахтарын минньитээччи хоодуоттар эмиэ көһүннүлэр. Маҥан куопта үрдүнэн сырдык халлаан күөх таҥастаах кэрэ бэйэлээх эдэркээн кыргыттар быстах наадаҕа кэлэ-бара ыйытыыларга хоруйдара, ону-маны сипсийэр эйэҕэс мичээрдэрэ, аламаҕай сыһыаннара айанньыттар санааларын тапта, куттарын тутта. Сиэрин ситэрэн, аны олохтоох бэчээт, киин хаһыат, сурунаал араас көрүҥүн эмиэ били тэлиэскэлэригэр киппэ муҥунан тиэйэн кэритэ сылдьан, ким тугу көрүөн, ааҕыан баҕарарынан тарҕатан биэрдилэр. Дьон хардарыта атастаһа сылдьан хаһыат сонунун көрөн, санаа үллэстэн суугунаһан-сааҕынаһан баран саҥардыы нам-нум буолан эрдэхтэринэ, эмиэ хордьугунас эрээри элэккэй куолас биллэрии иһитиннэрдэ:

– Убаастабыллаах пассажирдар, кириэһилэлэргитин көннөрүнүҥ, остуолларгытын бэлэмнээҥ. Билигин сарсыардааҥҥы быстах аһылык бэриллиэ.

Кыра-кыра салапаан бакыаттарга ас арааһа угуллубутун үөрэ-көтө аһааһын быыһыгар сөҕөн-махтайан, астынан күө-дьаа кэпсэтии күүгээнэ элбээтэ. Билигин, ыраах Москва да рейсигэр аһатар-аһаппат буолбут кэмнэригэр, республика иһинээҕи олохтоох линияҕа аһылык эрэйбэккэ испит айанньыттар соһуйуохтарын соһуйбуттара.

Бу Эдьигээҥҥэ Саха сирэ Россия судаарыстыбатыгар холбоспута 370 сыла туолар үбүлүөйдээх Күннэрин ыытыыга кытта баран иһэр ыҥырыылаах ыалдьыттар, правительство чилиэттэрэ уонна Ил Түмэн депутаттара бары бииргэ айаннаан иһэр анал рейстэрэ этэ. Ыҥырыллыбыт дьон ортотугар араас кэмҥэ Эдьигээн сиригэр-уотугар уһуннук үлэлээбит быраастар, учууталлар, эргиэн үлэһиттэрэ бааллар. Үксэ аҕамсыйа барбыт саастаах дьон, ытык кырдьаҕастар. Дьон хараҕа инники эрээттэргэ олорор правительство чилиэттэриттэн, республика бастакы президенэ Михаил Николаевтан арахпат. Буолумуна, салалта түс-бас дьонун кытта бииргэ айанныыр түгэн үгүстэргэ маҥнай тосхойдоҕо…

Михаил Ефимович, кэннигэр буолар сүпсүлгэни, аһылык күйгүөнүн аахайбакка, хаһыаттары көрүтэлээн баран, кириэһилэтигэр өйөнөн нухарыйардыы тиэрэ түһэн сыппахтаата.

Эдьигээн… Элбэҕи иэйэр, сүрэҕи-быары сылаанньытар сылаас, кэрэ да тыл буоллаҕа. Эдьигээни санаатар эрэ, оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрэ тыыннаах хартыына буолан иннигэр элэгэлдьиһэн ааһаллар. Бастатан туран, аҕатын туһунан өйдөбүл. Аҕата кини баара-суоҕа биэстээҕэр өлбүтэ. Онон аҕам дьүһүнэ-бодото маннык этэ диэн чуолкай этэр кыаҕа суох да буоллар, кини туһунан өйдөбүл саамай күндү, чугас киһи быһыытынан өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн хаһан да умнуллубаттык иҥэн хаалбыт. Ол, бука, төрөппүт аҕа амарах сыһыанын, сүрэҕин сылааһын олус кылгас кэмҥэ билэн, сүрэҕэр-быарыгар ситэ иҥэриммэккэ туоххаһыйа санааһынтан буолуо. Аҕатын туһунан чуолаан үс эрэ түгэни чопчу өйдүүр, олор Эдьигээни кытта ситимнээхтэр…

* * *

Тымныы хаҕыс тыал хотуттан сирилэччи үрэр. Ыаһырбыт хараҥа былыт халыҥ халҕаһата күнү-ыйы бүөлээн, хамныыры эрэ барытын саба баттыахтыы намыһаҕынан өрүс кыынньыбыт үрүҥ долгуннарын кытта силбэһэн, бииргэ устарга дылы.

Үрдүк долгун өрөһөтө сымала сыттаах улахан оҥочону мас сыыһыныы өрүтэ быраҕаттыыр. Оҥочо тумсугар түөртээх уолчаан биттэх мастан тутуһан, тымныы уу сабыта ыһарыгар кыһамматах курдук сымыһаҕын быһа ытыран, аҕата эрдии салбаҕынан үөмэхтэс долгуну быһыта охсон холкутук эрдэрин тонолуппакка одуулаһар.

– Тоойуом, куттаныма, кытаанахтык тутус. Билигин илиммитин көрөн балык ылыахпыт.

Аҕата, уолчаан санаатыгар, аһара күүстээх-уохтаах, сүрдээх улахан киһи, тор курдук хара бытыгын быыһынан сымнаҕас, сылаас мичээринэн имэрийэ көрөрө хаһан да умнуллубат, уостубат эрдээх санааны иэйэрэ. Кини аҕатын кытта балыктаһа баран иһэр. Ама тымныы тыал, күүстээх долгун мэһэй буолуохтара баара дуо аан маҥнай туһалыы, бултаһа баран иһэр киһиэхэ?

Дьэкиим, сылаас хараҕын кыракый уолчааныттан арааран, кэннин хайыһан көрбүтэ, Буор Тумус чугаһаабыт. Бэҕэһээ манна улахан тыал түһүөн иннинэ үрэх төрдүнээҕи хомо хаҥас дьабадьытын дьара кумаҕар хатыыска анаан уһаты түһэртээбит илимнэрин көрүөхтээх. Олохтоох кырдьаҕастар сүбэлэринэн үрдүк баҕайы туруулаах үс илимнээҕин, ортолорунан уһаты аҥаардаталаан, алта илим оҥорбута. Бу дойдуга силлиэ кэмигэр хатыыс аһылыгар буордаах чычаас кытылы талаһааччы. Ол иһин илими сүүрүк хоту уһаты үтүллүөхтээх, онуоха чычаас туруулаах илим ордук буолар.

Салаа үрэх кэҥэс бэлэһин быһа охсон уҥуоргу чанчыгы булаары, Дьэкиим хомону ис өттүнэн үөс диэки эрдиннэ. Үрэх сүүрүгүн өрө охсор күүстээх тыал сүүрүгү утары харсар, күүгэннирэ түллэҥниир модун долгун арҕас саалын иһирдьэнэн тумнан, кулгаах эрдии икки салбаҕын эрчимнээхтик эһитэ тардыалаан, аҕата оҥочотун хомо хаҥас кытылын диэки салайа тутта. Кытылга тиксибэккэ эрэ биэрэктэн биэс-алта саһаан иһирдьэ тохтоон, эрдиилэрин өрө көтөҕөн тыын ылан олоро түстэ. Үрэх хаҥас хочотун сыҥаһа сыыра иһит иитинии эргийэ иэҕиллэн, илин саҕах буһурук халлаанын хараҥа былытын кытта силлиһэн боруоран көстөр. Уҥа өттүнээҕи киэҥ алар сэдэх мастаах дэхси ньуурун кумах кырдалыгар Эдьигээн бөһүөлэгин самнархай дьиэлэрэ үрэх хааһын батыһа абына-табына кэчигирээн тураллар. Күнэ-ыйа көстүбэт силбик халлаан хараҥа ньуурун күөнүгэр хараара боруорар намыһах тутуулар санааны көтөҕүөх, өйү күүрдүөх туох да киһини кэрэхсэтэр көстүүлэрэ суохха дылы да, Дьэкиим туох эрэ көстүбэт күүс угуйар алыбар ылларан, бэйэтэ да билбэтинэн, хоту дойду олоҕор талаһан туран тардыспыта. Онно туох төрүөт буолбутун, туох санаанан салайтарбытын бу диэн чопчу этэр кыаҕа суох курдук эрээри, туохха эрэ үтүрүйтэрии, ханан эрэ кыһарыйтарыы баарга дылы быһыылааҕа. Ол быһа-хото холкуостааһын кэмиттэн ыла саҕаламмыта чуолкай. НЭП саҕана землеустроителинэн үлэлии сылдьан, дойдутугар Хатас нэһилиэгэр сир үллэһигин ыытан, Баҕарахха табаарыстыба тэринэн, хаһаайыстыбалаах ыаллар күүстэрин холбоон бэркэ үлэлээн испиттэрэ баара. Онтон отутус сыллар саҥаларыттан күһэйии сиэринэн тыа дьонун холкуоска холбооттооһун саҕаланыаҕыттан ыла олох-дьаһах сайдыытын ыпсыыта кыттыбат туруга күн-дьыл ахсын биллэр, харахха хатанар буолан барбытыгар өй-санаа туоххаһыйыыта, мунчаарыы, бэйэ үлэтинэн-хамнаһынан астыммат буолуу саҕаламмыта. Арааһа, ол да иһин буоллаҕа, хоту оройуоттарга балык промышленноһын сайыннарыы сыала-соруга государственнай политика быһыытынан туруоруллубутугар эдэр, эрчимнээх киһи саҥа, сонун сиргэ тиийэн үлэлиэх-хамныах баҕата батарымына, иллэрээ сыл, бу Мишата иккилээҕэр эрэ, Маарыйатынаан үс оҕолорун көтөхпүтүнэн баҕа өттүлэринэн Быков Тумуска киирбиттэрэ. Онтон бу Эдьигээҥҥэ балык собуота аһыллар буолбутугар дириэктэринэн ананан былырыын манна көһөн кэлбиттэрэ. Манна олохсуйбуттарын кэмсиммэттэр, дойду сиргэ билигин кураан дьыллар буоланнар олох-дьаһах ыарахан. Сэрии бара турарынан ханна баҕарар буоларыныы, таҥас-сап, олох-дьаһах манна да ыарахан эрээри, айахха аһыырга ас – балык баар. Аармыйаҕа ыытарга көрдөһөн сайабылыанньа биэрбитин манна үлэ фронугар сылдьаҕын диэн ыыппатахтара. Онон фроҥҥа анаан балык бултааһыныгар күүскэ турунан үлэлии сылдьаллар. Бэл бу кыракый Мишатын тымныйыа, ыалдьыа диэн кэрэйбэккэ, үөрэтэ-такайа таарыйа бэйэтин кытта илдьэ сылдьааччы. Бу түүн Быков Тумуска киирэр катерынан таарыйа Натаара балыксыттарын биригээдэтигэр бырахтарыахтаах. Онон дьонун нэдиэлэтээҕи аһылыктарын хааччыйар сыаллаах бу илимнэрин көрө кэллэҕэ.

Халлаан силбигирэн, сыыйа ибирдээн барда, ол оннугар тыала мөлтөөн, өрүс баала арыый намтыы быһыытыйда. Дьэкиим кытылы кыйа эрдэн, бастыҥа илимин алын уһугуттан саҕалаан илимнэрин көрөн бэрийбитинэн барда. Долгун баалын кытта өрө тустан, илимнэрин бэрт өр көрөн бодьуустастылар. Икки илим дьаакырдарын быата быстан бачымах курдук иирсэн хаалбыттарын балыктары майырдары сөрүү тутан тыыларыгар бырахтылар. Ол да буоллар бултуйуу баар, улаханныын-кыралыын сүүрбэччэ хатыыс иҥнибитин аҕата утуу-субуу араартаан оҕотун олох маһын аннынан түгэххэ быраҕаттаата.

– Сыччыа, дьэ балыккын көрө олор. Куотаары гыннахтарына, миэхэ этээр.

Уолчаана соруктаах аҕайдык, аҕатын сорудаҕын кыһаллан-мүһэллэн толоро сатыыр быһыынан, хаптаһын олох анныгар өрүтэ лаһыйар балыктары быыкаа атахтарынан төттөрү хаһыйа сатаан өрө мөхсө олорорун аҕата таптаабыт харахтарынан имэрийэ көрөн аһарда. Тоҥо-хата иһиэҕинээҕэр хамсыы-имсии олороро ордук бөҕө буоллаҕа дии.

Миша, быыкаа бэйэтигэр холооно суох боччумнаахтык туттан-хаптан, иннигэр сытар кураанах куулу ылан, олоҕун кэннинэн быгыалыыр балыктары хайан, биир кэм төттөрү-таары эргичиҥнии, мөхсө олордо.

– Аҕаа, мин куоттарыам суоҕа!

– Маладьыас, оҕом көмө бөҕө киһи буолбут дии.

Төттөрү эрдинэллэригэр баалга оҕустаран чугас сири уһаппатылар. Эмиэ кэлбит сирдэринэн, үрэх төрдүнэн быһа астаран, дьиэлэрин аннынааҕы сытыары биэрэккэ тигистилэр.

– Оо, ычча да! Бу оҕону бачча тыалга, тымныыга өрүскэ илдьэ сылдьыбыт дуу? – Маарыйа, сырдык сэбэрэлээх курбачыйбыт сытыы дьахтар, куударалаах саһархай суһуоҕун кэннигэр кэҕис гынаат, кэргэнин диэки күөх харахтарынан сэмэлээбиттии диэличчи көрдө.

– Ийээ, мин тоҥмотум ээ, балык аҕаллыбыт дии…

Оҕото, титирээтэр даҕаны, үөрэн чаҕылыспыт харахтарын көрөн, ийэтин ыраас сэбэрэтэ сырдыы түстэ.

– Ии, кырдьык даҕаны, оҕом аҕатыгар көмөлөспүт дии.

– Көмө бөҕө, сотору дьиҥнээх туһа киһитэ буолсу, – аҕата сылаас-сымнаҕас мичээринэн имэрийэ көрө турара боруҥуй дьиэ иһигэр сырдаан көстөр курдук…

…Эмп сыта курдаттыы тунуйбут, араас ыарыһахтарынан толору симиллибит балыыһа кыараҕас хоһун ыарахан салгыныттан таһырдьа тахсан ыраас салгыны дуоһуйа эҕирийэр үчүгэйин эриэхсит! Мишаҕа, ахтылҕаннаах уһун арахсыы кэнниттэн ийэтин, убайдарын көрсүөхтээх үөрүүтэ таһынан таһымнаан, төһө да былыттаах киэһэрбит халлаан турдар, аҕатын бигэ үрдүк санныттан тулата бүтүннүү сырдаан, киэркэйэн көстүбүтэ…

…Аҕатын туһунан тиһэх өйдөбүлэ үдүк-бадык, чуолкайа суох, курус. Куруук күлэ-үөрэ, кэлэ-бара сылдьар күүстээх-уохтаах, эрчимнээх, бөдөҥ-садаҥ аҕата тоҕо уһуннук ороҥҥо сытарын, ыараханнык өрүтэ тыынарын өйдөөбөт, дьиибэргиир курдуга. Биирдэ сытар хоһугар соҕотоҕун киирэн остуол үрдүгэр турар иһиттэн ыстакааҥҥа муорус кутан илдьэн үҥүлүтэрин чуолкайдык өйдүүр. Ол тиһэх өйдөбүл 1942 сыл аҕата суох буолар сайыныгар этэ…

Сэрии сылларыгар, бэйэҕэ харыс суох кэмигэр, тымныы, тыйыс дойдуга сыыһа-халты туттан эмискэ тымныйыыттан эбитэ буолуо, аҕата сэбиргэхтэтэн баара-суоҕа отут сэттэ сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ.

Ефим Федорович дьүһүнүнэн хара бараан, бигэ-таҕа, орто уҥуохтаах, уу саха көрүҥнээх киһи эбитэ үһү. «Эн аҕаҕар маарынныыгын», – диэн билэр кырдьаҕастара, аймахтара, ордук чаастатык ийэтэ Мария Михайловна үгүстүк этээччилэрэ. «Аҕаҕар наһаа маарынныыр буолаҥҥын олус таптыыр этэ. Төрөөбүккэр үөрэн, хоҥор хара дьүһүннээх соҕотох биэлээхпитин идэһэ туттубута. Туох эрэ биллибэт күүс дуу, ханнык эрэ Үөһээҥҥи Айыылар дьайаннар дуу, аҕаҥ тоҕо эрэ дьулуһан туран хоту дойдуга талаһар этэ. Биһигини онно Дьылҕа Хаан анаан ыыппыта», – диэн ийэтэ кэлин хайдах эрэ таайтарыылаахтык кэпсиирэ. Дьикти. Кырдьык, баҕар, дьылҕа анабыла оннук буолуо. Оҕону отох сааһыттан кырдьыктаах олох охсуһуутугар уһаарар инниттэн тыйыс тыыннаах дойдуну анаан тайаннарбыттара буолуо…

Ефим Федорович саҥа тэриллибит промкомбинат дириэктэринэн үлэлии олорон соһумар ыарыыга хаптаран суох буолар. Дьиэ кэргэн соҕотохто тулаайахсыйа түһэр. Дьэ онтон ыла эт-тирии элэйэр эрэдэһиннээх олох эрэйин-муҥун эдэр эмньик эт-сиин этирик эҥээринэн тэлии саҕаланар. Үөрэҕэ, өйөбүл-көмө буолуох аймах-билэ дьоно суох аҥаардас дьахтар, ыы-кырбас түөрт оҕотун кууспутунан, тымныы-хаҕыс дойдуга суос-соҕотоҕун эргичийэн хаалар. Үлэһит, онуоха эбии бултаан-алтаан эбинэр, иитэр-аһатар киһититтэн мэлийэн, аанньа эмэ-томо суох сиргэ сотору-сотору ыалдьар иринньэх кыра уолун тыыннаах хаалларар эрэмньититтэн тахсан эрэр ийэтэ эрэйдээх төһөлөөх эрэйи-кыһалҕаны көрсөн ол сутурҕаннаах амырыын кыһыны туораабытын сэрэйиэххэ эрэ сөп…

«Ийэбит туох баар олоҕун бүтүннүүтүн биһиэхэ, оҕолоругар, анаабыта. Мин кинини кимнээҕэр да үрдүктүк тутабын. Кини миэхэ ытык киһим. Бэйэтин холобурунан ийэбит биһигини үлэҕэ үөрэппитэ, олох очурдарын сатаан туоруур тулуурдаах, дьону кытта тиһэх да куһуоккун үллэстэр иллээх-эйэлээх буоларга ииппитэ. Чиэһинэй, бэрээдэктээх, амарах буолуу – бу барыта ийэбит сабыдыала», – диэн Михаил Ефимович кэлин ахтан суруйбута.

Ийэтин өттүнэн урут Столыпин саҕана Полтаваттан кэлбит төрүттээх эбиттэр. Ийэтэ Козловтар диэн аҕыс кыыстаах, соҕотох уол оҕолоох ыал орто кыыстара. Покровскайдыыр аартык төрдө Төхтүр сэлиэнньэтигэр сахалары кытта бииргэ дьиэ-уот, сүөһү-ас тутан олохсуйбут уу сахалыы тыллаах ыал долгун куудара суһуохтаах, дьылыгыр көнө уҥуохтаах кэрэ мөссүөннээх кыргыттара от мунньан, бурдук быһан, ынах ыан кэлэ-бара курбалдьыһалларын оччотооҕу эр бэртэрэ нохтолоох сүрэхтэрэ төһөлөөх долгуйа, кэрэхсии, сэргии көрөллөрө эбитэ буолуой? Улахан кыыстара Сэмэн Припузов диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Өктөмҥө олохсуйбутугар Мария эдьиийигэр көмөлөһөн дьиэ, оҕо көрсөн кинилэргэ олоро сылдьыбыт. Онтон Покровскайга бырааһынан үлэлиир киһи дьиэ үлэһитигэр наадыйар сураҕын истэн, онно көһөн үлэҕэ киирэр. Ол кэмҥэ Покровскай земотделыгар үлэлии сылдьар үөрэхтээх киһи Ефим Федорович таба көрөн кэргэн ылбыт. Саҥа ыал утуу-субуу икки уол оҕолоноллор, онтон 1937 сыллаахха күһүөрү кыһын, эт-ас тоҥор буолуута, үһүс уоллара Миша төрөөбүт.

Аҕаларын эмискэ сүтэриэхтэриттэн түөрт кыра оҕолоох аҥаардас дьахтар Эдьигээн курдук тыйыс айылҕалаах, олорорго ыарахан, кытаанах усулуобуйалаах дойдуга оҕолорун этэҥҥэ атахтарыгар туруорара саарбах суол этэ. Аҕалара өлөр охтуутун охто сытан ийэлэригэр: «Оҕолоргун харыстаа, дьон оҥортоо… Мантан бара сатаа. Бу тымныы, тыйыс дойдуга аймаҕа, көмө-сүбэ киһитэ суох быстарыаххыт. Дойдугар Өктөмҥө тиийэн аймахтаргытыгар сыстан олорооруҥ…» – диэн кэриэһин эппитэ үһү.

Саас сир хараарыаҕыттан муус көтөҕүллэрин, маҥнайгы борохуот кэлэрин кэтэһии, чаҕыл күннээх, сылаас тыыннаах уруу-хаан, аймах-билэ дьонноох үөс сиргэ тиийэ охсон тыын-быар салҕаныах тиэтэллээх баҕа санаа барыларын үүйэ туппута. Кэмниэ-кэнэҕэс кэлиэхтээх кэмэ кэлэн, аалларын баһа хоҥнон, дорҕоонноох айаҥҥа турунар күннэрэ дьэ үүммүтэ. Маһынан оттуллар уот тыыннаах, салбах эрдиилээх нэс айаннаах оччотооҕу борохуот аһаҕас баарсатыгар ыйы-ыйдаан тыын ыгыллар, санаа тууйуллар урааннаах уһун айан саҕаламмыта. Абыраллаах ааллара итиннэ чаардаан, манна тохтоон, салгыбыт санааҕа, сорох-сороҕор соруйан да курдук, арыы тумсугар үөл талахха баарсаларын баайан баран быраҕаттаан барда диэхтэригэр диэри кэтэһиннэрэр, даххаһыйар түгэннэрэ элбэх буолара. Түүнүн түрүүмҥэ хонон, күнүһүн палубаҕа тахсан, ахса суох элбэх аргыс дьон ортотугар аалыҥнаһан уһун күннэрин барыыллара. Ол сылдьан отох оҕо күн сыралҕаныгар, салгын сиигэр оҕустарара кэмнээх эбитэ буолуо дуо, Миша улаханнык ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута.

Салгымтыалаах айаннара түмүктэнэн, Даркылаах биэрэгэр үктэнэн үөрбүттэрин эриэхсит! Ол да буоллар Өктөмҥө диэри тиэрдэр ыллам санаалаах оспуоччук кэбэҕэс көстө охсон биэрбэккэ, аһаҕас халлаан анныгар хонуктуур кыһалҕа кыһарыйбыттаах. Уолчаан суолу быһа ыарытыйан, букатын буорайан, уҥуохтаах тирии бэйэтэ тэлиэгэҕэ тиэллэн, айанын уһугар сыккырыыр тыына эрэ төрөөбүт дойдутун Өктөмү булбута.

Төрөөбүт дойду барахсан сайа охсор салгынныын, ис сүрэхтэн үөрэ-көтө көрсөр аймах-билэ дьоннуун санааны күүрдэр, сүрэҕи үөрдэр күүһүгэр ама ханнык эмп-томп тэҥнэһиэй?! Мөлтөөбүт-ахсаабыт бэйэтин көтөҕөн киллэрэн ороҥҥо сытыарбыттарыгар күтүөттэрэ өҥөйөн көрө-истэ түһээт:

– Оо, бу оҕо барахсан дойдутун буорун суохтаан тыына-быара кылгаабыт. Ийэ буоруттан бэрсиэххэ! – диэн саҥа аллайбыта үһү уонна төрөөбүт балаҕанын сабараанньатыттан буор киллэрэн оргуйбут ууга суурайа охсон иһэрдибитин, төһө да күүс-сэниэ эһиннэр, тиһэх тыынын мунньунан ыймахтаан кэбиспит.

Онтон ыла өс киирбэх сыыйа-баайа тыына уһаан, ыарыыта намыраан үтүөрэргэ барбыт. Хор, төрөөбүт дойду ахтылҕана, Ийэ буор тардыыта оннук күүстээх буолар эбит буоллаҕа…

* * *

Михаил Ефимович, кириэһилэтигэр көнөн, иллюминаторынан өҥөйөн көрдө. Былыт кэлимсэ халҕаһата үрэллэн, онон-манан быһытталаммыт киэҥ аҥхай аһаҕастарынан аллара тукулаанныҥы сэдэх мастаах-оттоох киэҥ сир нэлэһийэн көстөр. Уҥа диэки ыраах Өлүөнэ кэтит күөх лиэнтэ урсуна күлүмүрдүү дьиримниир, хаҥас өттүттэн синньигэс салаа үрэх эрийэ-буруйа субуллан түһэр.

Лииндэ үрэх үрдүнэн көтөн иһэллэр эбит. Киэҥ да дойду буоллаҕа, бу бэйэлээх сири-уоту кыаҕын дэлэччи туһанар киһи төһөлөөх барыс, дохуот ылыа этэй? Манна таба иитэр буол, барыс хайаан да киириэ этэ. Мантан арҕаалыы хоту диэки Ээйик курдук киэҥ тайҕалаах сиргэ питомник тэрийэн, кииһи аҕалан тэнитиэххэ баара. Икки-үс сыл устата бултаабакка ууһатан баран атын сирдэринэн тарҕаталаан кэбистэр, киис ахсаана балай да эбиллиэ этэ. Республика үрдүнэн сылга 25 тыһыынча киис бултанар, хас түөртүү киистэн биирин ылар буоллахпытына, ол аата сүүс тыһыынчаттан эрэ кыра чорбойор киис саппааһа баар. Ону икки төгүл элбэттэр, дэлэ барыс буолуо этэ дуо?

Андаатары муҥутаан 600 тыһыынчаны бултанара, он-тукпут билигин 200 тыһыынчаҕа түстэ, дьиҥинэн 500 ты-һыынчаны таах бултуур кыахтаахпыт. Ол инниттэн билиҥҥи андаатар ахсаанын икки-үс төгүл улаатыннарыахха наада. Онон хоту элбэх күөллэрдээх сиргэ эмиэ питомниктары тэрийтэлээтэххэ сатанар. Бэйэни салайыныыга киирдэххэ, маннык дьаһаныы суолтата улаатыа, көдьүүһэ күүһүрүө.

Былыт халҕаһата эмиэ хойдон, сөмөлүөт туох да көстүбэт үүт туман быыһынан биир күдьүс көтөн ньирилиир. Михаил Ефимович эргиллэн салон иһин кэриччи көрбүтэ, дьон үксэ налыйан, кириэһилэлэригэр тиэрэ түһэн нухарыйбыттар, бэрт аҕыйахтара хаһыат, сурунаал ааҕа олороллор…

…Оҕо саас көрдөөх-нардаах кэмнэрэ, киэҥ Эркээни Эбэ хотун эҥсиллэр иэнигэр, Өктөм сиригэр-уотугар, сэдэх да буоллар, сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн ааспыт хаһан да умнуллубат чаҕылхай түгэннэрэ хараҕын иннигэр бу баардыы элэҥнээн ааһарга дылы гыннылар. Төһө да сэрии, сут-кураан мэҥэһиктээх аас-туор сыллар бүрүүкээтэллэр, оччотооҕу кэм олус ыраас, сырдык өйдөбүлүнэн ураты күндү буолар эбит.

Сэрии сылларыгар, ол кэнниттэн даҕаны олус кыһалҕалаахтык олорбуттара. Ордук иитэр-аһатар аҕата суох аҥаардас ийэлэр эрэйдэнээхтээбиттэрэ. Ийэлэрэ нэһилиэк маҕаһыыныгар остуорастаан, дьиэ сууйан, оһох оттон оҕолорун ииппитэ. Сельпо хонтуоратын муннугар быыкаа хоско бэһиэ кыбыллан олорбуттара. Билигин оҕо эрдэҕинээҕи кэмин өйдөөтөҕүнэ, биир түмүк санааҕа кэлэр: өскөтүн оччотооҕу аас-туор олох кинилэр эрэ дьиэ кэргэннэрин кыпчыйбыта эбитэ буоллар, билигин кини тус бэйэтин эрэ олоҕун тупсарынарга дьулуһуо этэ. Ол эрээри, кини көрөрүгэр, оччолорго ыал барыта дьадаҥытык олороро. Онон сиэттэрэн дьон-сэргэ барытын туһугар олох тупсарыгар баҕа санаа эрдэттэн үөскээбитигэр сөп. Онуоха ийэтэ кыһалҕалаахтарга туох баарынан, тугу кыайарынан-сатыырынан барытынан көмөлөһө сатыыр үтүө холобура үчүгэй өттүнэн дьайбыта чахчы.

«Кыһыл сулус» холкуос оҕолоро Өктөмҥө үөрэнэллэрэ. Ол эрэйдээхтэр, таҥас-сап мөлтөх дьоно, аара кэлэ-бара кинилэргэ киирэн иттэн ааһаллара. Онно ийэтэ оҕолору сылаас чэйинэн, тугунан эмэ күндүлээн ыытара. Ол иһин кини эмиэ доҕотторуттан тугу да кистээбэккэ, тиһэх өлүүтүттэн бэрсэ, үллэстэ үөрэммитэ.

Сир аайы ханна баҕарар буоларыныы, кыра сааһыттан үлэҕэ миккиллибитэ. Ийэтэ тэрилтэ оһоҕун отторугар көмөлөһөн мас кыстыыра, уу баһара, тэлгэһэ хаарын күрдьэрэ. Сайынын холкуоска окко үлэлэһэрэ.

Үөрэҕин ыарырҕаппат этэ. Ийэтигэр көмөлөһөр буолан, дьиэҕэ дьарыктанарыгар төһө да солото суоҕун иһин, истибитин тута ылынымтыа, ыһыктыбат өйдөөҕө. Кини ол хаачыстыбатын ыаллыы олорор дириэктэрэ Г.Ф.Саввин хайгыыра, куруук үлэлээн хачыгырайа сылдьар көрсүө уолчааны сөбүлүү көрөрө. Оҕолору кытта оонньуур түгэн оскуолаҕа перемена эрэ кэмигэр тосхойоро. Оччотооҕу оҕолор сүүрүүлээх-көтүүлээх, түргэн хамсаныылаах сылбырҕа оонньуулары сөбүлүүллэрэ. Онно Миша куруук инники, күрэстэһиилээх өттүгэр сылдьара. Ханна барыай, оннукка сороҕор охсуһан да ылар түгэннэр баар буолаллара. Оскуола оҕолоро «хотугулар» уонна «соҕурууҥҥулар» диэн икки бөлөххө хайдыһан киирсэллэрэ. Кини охсуһуук буолбатах этэ уонна кими да күлүү-элэк гынары олох сөбүлээбэтэ. Ол иһин учууталлар кинини көрсүө үөрэнээччинэн ааҕаллара.

Оҕо сылдьан улааттахтарына бары үөрэхтээх, хамыһаар буолар баҕа санаалаахтара. «Мин, хамыһаар буоллахпына, ону оҥоруом, маннык гыныам», – диэн ким туох баҕа санаалааҕын этэн куоталаһа оонньууллара. Онуоха кини биирдэ: «Куораттан элбэх табаар, бородуукта аҕалан дьоҥҥо барыларыгар тэҥҥэ үллэриэм этэ», – диэбитигэр сорохтор күлбүттэрин, сорохтор сэргии, боччумура истибиттэрин өйдүүр. Оччолорго оҕо үксэ араас массыына, сөмөлүөт, патефон эҥин булунар баҕалаах буолара. Оттон сорохтор, биллэн турар, уордьаннаах, мэтээллээх байыаннай эбэтэр дьиҥнээх хамыһаар курдук таҥныахтарын-саптыахтарын баҕараллара. Ол эрээри дьоҥҥо барыларыгар үтүөнү оҥоруох баҕа санаа баһыйар буолара. Билигин дьон үксэ бэйэ эрэ интэриэһин көрүнэр өттүгэр оҕунна. Ону адьас куһаҕан диэххэ сатаммат эрээри, уопсастыба уонна бэйэ интэриэһин тэҥҥэ көрүллүөхтээх. Хайа эмэ өттүгэр кэлтэйдээһин таҕыстаҕына, уопсастыбаҕа да, бэйэҕэ да сүүйтэриилээх буолара чахчы. Оттон кини оҕо сылдьан дьоҥҥо барытыгар тугу баҕарар тэҥҥэ өлүүлээн, бэл охсуспут «өстөөхтөрүн» матарбакка, үллэрэр баҕа санаата хаһан даҕаны халбаҥнаабат этэ. Кырдьаҕастары, ыарыһахтары, инбэлииттэри бастатан туран өлүүлүүр өйү-санааны оччоттон этэ сатыырга холоммут эбит. Ол да иһин, ити баҕа санаатын оҕо эрдэҕиттэн иитиэхтээбит буолан, Россияҕа социализм идеята эстиитин олус ыарыылаахтык ылынан эрдэҕэ.

Улахан убайа Ким Эдьигээҥҥэ кэлэн үлэлии олорон, Мишаны сэттис кылаас кэнниттэн бэйэтигэр ылан үөрэттэрбитэ. Биир сыл дьиэлэнэн үөрэммитин кэннэ убайын аармыйаҕа ылбыттара. Инньэ гынан орто оскуоланы Эдьигээҥҥэ интэринээккэ олорон бүтэрбитэ. Оччолорго саха оҕолоро Дьокуускайга киирэн, интэринээккэ олорон иккис оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Кини даҕаны онно киириэн сөп эбитэ буолуо да, тоҕо эрэ Эдьигээҥҥэ таласпыт. Бука, аҕата хаалбыт сирэ тардар, угуйар буолан тиийдэҕэ…

* * *

Сөмөлүөт, дьигиһийбэхтээт, аллара ыһыктынан салгыҥҥа охсуллумахтаан ылла. Намтааһыҥҥа бардылар, ол аата, чугаһаан эрдэхтэрэ. Иллюминаторынан өҥөс гынна. Соҕордук, Өлүөнэ үрдүнэн көтөн иһэллэр. Аҕыйах дьиэлээх-уоттаах Бэстээх учаастагын ааһа охсубуттар, иннилэригэр Баахынай мыраана, онон-манан ордон хаалбыт хаарбах тутуулар, дуобат курдук, чочоруһан көстөллөр. Ок-сиэ, бу дойду ыһыллан-тоҕуллан бүппүт. Урут элбэх киһилээх-сүөһүлээх бөдөҥ учаастактар этилэр дии. Хомсомуолга үлэлиир эрдэҕинэ, хайыһарынан походтуу кэлэллэрэ, элбэх субуотунньуктары тэрийэллэрэ…

Дьон-сэргэ ырыынак сыһыаныгар киириигэ бэлэмэ суох олорон биэрэн иэдэйдэ. Бэйэни салайыныы, көрүнүү боппуруоһун дэбигис ылынымаары гынна. Олус бытаарыы таҕыста, дьон өйө-санаата уларыйбата сүрдээх. Урут сопхуос саҕана наһаа бэлэмҥэ үөрэнэн, ким эрэ кэлэн дьаһайарын-тэрийэрин, хамнас биэрэрин кэтэһэ үөрэнэн хаалбыттар.

Сөмөлүөт, сыыйа намтаан, Өлүөнэ хаҥас мыраанын үрдүнэн ыраах сырдаан көстөр бачымах курдук хойуу тутуулардаах Эдьигээн бөһүөлэгин туһаайбытынан супту сурулаан аллара диэки түһэн истэ. Мыраан үрдүнээҕи хардьаҥ тыа ньирээйи мастара киһи хараҕар чуолкайдык көстөр буоллулар. Ол Стрекаловка үрэх сүнньэ, сиэдэрэйдик иэҕиллэн, үрүҥ көмүс мөһүүрэлии күлүмүрдээн көһүннэ. Сөмөлүөт, бөһүөлэги үрдүнэн балай да ааһа көтөөт, уҥа өттүнэн өрө ханарыйан төттөрү эргилиннэ. Эбэ модьоҕо мыраанын үрдүнээҕи сэдэх тутуулардаах аэропорт хонуутугар түһэн, уһун бетон суол устун тилигирэйэ сүүрдэ.

Биһиги Аан Дархаммыт

Подняться наверх